Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенын дьаһалынан Үөһээ Бүлүүгэ сылдьан кэллим. Ахсынньы 6 чыыһылатыгар Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын кытта көрсүһүү буолан ааста Үөһээ Бүлүүгэ иһирэх кэпсэтии…
Сарсыныгар дьыбардаах сарсыарда эрдэ Үөһээ Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытын солбуйааччы Петр Дьоллооховтуун Ороһу нэһилиэгэр сырыттыбыт.
Сахалыы Бикипиэдьийэ суруйар:
Ороһу нэһилиэк. Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэгэ, киинэ Ороһу.
Улуус кииниттэн 25 км илин диэкки Бүлүү федерал суолунан.
Нэһилиэнньэтин ахсаана 675 киһи (2007 сыл).
Нэһилиэктэн төрүттээх дьонор
Иванов Василий Ксенофонтович — Кустуктуурап (1909 с. төр.) — Аҕа дойду сэриитин иннинэ биллэн испит саха суруналыыһа уонна суруйааччыта.
Петр Николаевич Тобуруокап (25.10.1917—06.03.2001) — саха норуодунай суруйааччыта.
Мария Семеновна Насырова (1920 с.т.- 2000) — Саха АССР утуелээх учуутала.
Гольдеров Василий Федотович (1932 с. тохсунньу 16 к. төр.) — саха поэта, суруйааччыта.
Тобуроков Николай Николаевич (1934 с. кулун тутар 1 к. төр.) — лингвист учуонай, литератураны ырытааччы, филология билимнэрин доктара.
Иванов Иван Еремеевич (Уйбаан Ороһуунускай) (1945 с. атырдьах ыйын 9 к. төр.) — поэт и публицист.
Томскай Григорий Васильевич (1947 с. ахсынньы 5 к. төр.) — профессор, дипломат, суруйааччы, Жипто оонньуу автора.
Оскуола эргэрэн оҕолор хас да дьиэннэн үөрэнэ сылдьаллар. Оскуола дьиэтин ыһар үлэ бара турар.
Нэһилиэк дьаһалтата оскуола оҕолоругар дьиэтин туран биэрбит буолан культура киинигэр дьуккаахтаһан олорор.
Баһылык Дьокуускайга командировкаҕа сылдьар этэ. Саҥа оскуола тутуутун туруорса сылдьар.
Дьулус Петров Ороһу нэһилиэгин олоҕун туһунан кэпсээтэ.
Константин Чиряев аатынан Норуот педагогикатын түмэлин көрдум. Музей народной педагогики в с. Оросу Верхневилюйского улуса: как воспитать новое поколение в 21 веке
Быйыл 35 тыһыынчаны сүөһү төбөтүгэр ылбыт дьонтон үүтү 30 солкуобайдыы туппуттар уонна нэһилиэккэ тутуллубут саҥа сыахха бородууксуйа оҥорон таһааран атыылаабыттар.
Нэһилиэк кыраныыссатыгар аатырбыт маҥан өҥнөөх «Точка» диэн ааттаах сүүрүүк акка бааматынньык туруорбуттар. Ити ат улуус чиэһин элбэх зонаннан күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик көмүскээбит чемпион ат этэ.
Үөһээ Бүлүү дьонугар барҕаа махтал! Ситиһиилээхтик таһаарыылаахтык салгыы үлэлии тураргытын, доруобай, дьоллоох-соргулаах буоларгытын баҥарабын!
Бүлүү умнаһынан командировка туһунан постарым:
Үөһээ Бүлүүгэ иһирэх кэпсэтии…
Экскурсия по Музею Славы г. Вилюйска 07.12.2021 г.
Музей народной педагогики в с. Оросу Верхневилюйского улуса: как воспитать новое поколение в 21 веке
Моя страница в Дневниках якт ру.: http://nikbara.ykt.ru/
Мой сайт: https://nikbara.ru/
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
Я в Инстаграме @nb2015p
Персональная страница в «Фейсбуке»: https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
«Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin
Махтал, суруйбуккар!
Эбиитин Алмазэргиэнбааҥҥа бааргэ үлэлээбит коллегаларым дойдулара…