16 декабря 2021 года, в Саха академическом театра им. П. А. Ойунского отметили 125-летие со дня рождения первого музыканта из Якутии, уроженца Немюгюнского наслега Адама Васильевича Скрябина.
А.В.Скрябин в 1917 году организовал первый якутский любительский хор, затем духовой оркестр якутской национальной роты. В 1923 году подготовил художественную программу делегации Якутии для участия в первой Всесоюзной выставке показа достижений народного хозяйства СССР, руководил хором. Записал в Москве на фонограф якутские песни. Издал первый сборник якутских песен с нотами. В 1931 году при Якутском национальном театре организовал первый в Якутии хомусный ансамбль.
Вашему вниманию пост на якутском языке с фото и видео, импользованы фото с сайта газеты Хангалас и статья Л.Аммосовой «Өбүгэ ситимин, удьуор утумун салҕаан кырыымпа тыаһыыр…»
Үгэс быһыытынан Платон Ойуунускай аатынан Саха драматическай тыйаатырыгар Хаҥалас уустарын, дойдубут үрүҥ илгэтэ атыыламмыта.
Кэлбит ыалдьыттары үөрүүлээх көрсүү сиэрэ-туома.
Адам Скрябиҥҥа сыһыаннаах тэрээһин бөҕөтө тэриллибитэ. Биир дойдулаахтарбытын көрсөн, хаартыскаҕа түһэн, олус дуоһуйбуппут.
Кинигэ быыстапката.
Ксенофонтов аатынан түмэл мультимедия быыстапкатын ыыппыта.
П.Р.Ноговицын интервью биэрэ турар.
Худуоһунньук Эдита Степанова хартыыналара.
«Туой Тойуга» түмсүү оҥоһуктара. Прокопий Романович Ноговицын булбут былыргы саха туой оҥоһуктарын оһуордарын туһанан оҥоруу.
«Арко Артико» ансамбыл оонньоон киэргэппитэ.
Өбүгэ ситимин, удьуор утумун салҕаан кырыымпа тыаһыыр…
Саха норуотун композитора, хуорун искусствотын төрүттээччи, хомус ансаамбылы бастакынан тэрийээччи Адам Васильевич Скрябин төрөөбүтэ 125 сылын Платон Ойуунускай аатынан Саха драматическай тыйаатырыгар бэлиэтээн аһардыбыт. Хаҥалас улууһун салалтата, дьокутааттара, нэһилиэктэрин баһылыктара, ытыктыыр түс-бас дьоно, А.В.Скрябин биир дойдулаахтара нөмүгүлэр, Дьокуускай олохтоохторо ааспыт чэппиэр күн уустук дьылҕалаах кэрэ киһини кэриэстии муһуннулар.
Адам Скрябин кылгас олоҕун, айар үлэтин сырдатан СӨ култууратын туйгуна Галина Семенова салалтатынан самодеятельнай худуоһунньуктар түрдьэҕэ уруһуйдарын быыстапкатын тэрийдилэр. Ону сэргэ кэлбит ыалдьыттарга кинигэ, уустар оҥоһуктара, олохтоох ас арааһын атыыта-эргиэнэ тэрилиннэ.
Общественность үөрүүлээх мунньаҕын улууспут баһылыга Олег Иринеев арыйда, Адам Скрябин үбүлүөйдээх бэлиэ сыла биллэриллибитинэн былырыыҥҥыттан дьоһун тэрээһиннэр утумнаахтык ыытыллыбыттарын, манна биир дойдулаахтара нөмүгүлэр кимнээҕэр да көхтөөхтүк кыттыбыттарын бэлиэтээн аһарда. Ону бигэргэтэн Спартак Федотов аатынан Нөмүгүтээҕи норуот тыйаатыра театрализованнай туруорууну бэлэхтээтэ — Адам Скрябин кыра сааһыттан музыка алыбыгар ылларбытын, олоҕун искусство бу эйгэтигэр анаабытын саха ырыатын бастакынан нуотаҕа түһэрбит, Саха АССР автономияны ылыныытыгар саха бастакы интеллигенциятын бэрэстэбиитэллэрин кытары доҕордоһон сүдү кылааты киллэрбитин олус бэркэ дьүһүйдэ.
Улуус үгүс нэһилиэктэригэр ааспыт сылтан саҕалаан араас таһымнаах сырдатар үлэ барбыта биллэр, тэйиччиттэн да буоллар ыһыах ыһыллыбыта, күрэхтэр ыытыллыбыттара. Бу тэрээһиннэринэн Нөмүгү «Талба», «Ситим», «Кылыһах кырыымпа», «Суһум», «Эркээни иистэнньэҥнэрин» түмсүүлэрин уран тарбахтаахтара, талааннаах далбар-хотуттара 19-с үйэ бүтүүтүгэр, 20-с үйэ саҕаланыытыгар саха дьоно таҥныбыт мааны таҥаһын тиктэн, кэтэн бу тэрээһиннэргэ кытыннылар. Таҥас эскизтарын Адам Скрябин сиэнэ Панкратий Дмитриевич Петров тиһэн таһаарбыт кинигэтин хаартыскаларыгар олоҕуран тикпиттэрэ киһи кэрэхсиирэ.
Бу киэһээ кыл тыынын өрүһүйэр кылыкынас дорҕоон, омук өһүөтүн өндөтөр төрүт дорҕоон кырыымпаттан кутуллан мустубут дьон ис куппутун уһугуннарда. Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Саха өрөспүүбүлүкэтин үҥкүү тыйаатырын Анна Томская салайар «Кыл-саха» нацииональнай инструменнарын оркестра кэрэ музыканы бэлэх уунна. Таарычча, «кыл-сахалар» улууспутугар саҥа сахалыы инструменнар ансаамбыллара тэриллэригэр улаханнык көмөлөспүттэрин бэлиэтээн аһарыаҕыҥ. Бу күн Адам Скрябин «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» уонна «Саргылардаах сахаларбыт» ырыаларбытыгар композиция болҕомтону тарта, төрөөбүт дойдуга истиҥ тапталы сахта.
Адам Скрябин суруйан хаалларбыт музыката, ырыалара сырдьык сыдьаайдаахтарын, саха киһитин уйулҕатын уһугуннарар дьикти иэйиилээхтэрин өссө төгүл итэҕэйдибит. Баһылык Олег Иринеев чулуу дьоннорбутун үйэтитиигэ инникитин даҕаны салгыы утумнаахтык үлэлиэхпит, өйдөбүнньүктэри туруоруохпут, ыччаппыт өйдүү-саныы, киэн тутта улаатарыгар дьулуһуохпут диэтэ уонна түгэнинэн туһанан А.В.Скрябин үтүө аатын үйэтитиигэ, тилиннэриигэ сыраласпыт учуонайга, наука дуоктарыгар Андриан Афанасьевич Борисовка, меценакка, спорду көҕүлээччигэ Юрий Егорович Никифоровка, Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтоохторун аатын иҥэрбиттэрин туһунан Оройуоннааҕы сэбиэт уурааҕын ааҕан иһитиннэрэн туран бэлиэлэрин уонна дастабырыанньаларын, ону сэргэ «Кыл-саха» ансаамбыл салайааччытыгар А.И. Томскаяҕа, оркестр дирижеругар Н.П. Петровка, «Саха» НКИХ хампаанньа продюсерыгар Д.П. Ермолаеваҕа, худуоһунньук Г.Д. Семеноваҕа, Нөмүгүтээҕи «Кэрэл» дьахталлар сэбиэттэрин салайааччытыгар А.Н. Гуляеваҕа о.д.а. Махтал суруктары туттарда.
Эҕэрдэ тыл кэрэтин СӨ үпкэ уонна экэниэмикэҕэ миниистири солб. Г.Ю.Алексеев, СӨ норуотун суруйааччыта П.Н. Харитонов уо.д.а. эттилэр.
Павел Харитонов-Ойуку Адам Скрябин Москватааҕы консерваторияҕа композиторскай салааҕа үс кууруһу бүтэрбитинэн, баай ыччата аатыран ситэ үөрэнэр бырааба быһыллыбытынан ситэ үөрэммэтэҕин, салгыы саҥа айымньылары айар кыаҕа күөмчүлэммитин да иһин кини композитор буоларга базовай үөрэҕи барбытынан, идэтийбит композитор быһыытынан ылынарга, композитор диэн таһымнаахтык ааттыаҕыҥ, оннук өйү-санааны дьоҥҥо иҥэриэ диэн этии киллэрдэ уонна биир бастакынан Адам Васильевиһы композитор быһыытынан улаханнык сыаналаабыт киһиэхэ Галина Кривошапкаҕа махталын тириэртэ. Кини Адам Скрябин аҕата эрдэ өлөн ийэтигэр хаалбытын, адьас кыра сааһыттан музыкаҕа тардыһыылааҕын, ону ийэтэ сэргээбэтин, оҥостубут инструменнарын алдьатар эбитин үрдүнэн дууһата музыкаҕа сытарын кэпсээн аһарда. Адам Скрябин икки сүдү айымньыта норуот айбытынан курдук биллэн хаалбытынан 1945 с. Москватааҕы Кыайыы параадыгар туһаныллыбытын, ырыалара билиҥҥэ диэри норуокка ыллана туралларын, дьикти дьылҕалаахтарын аҕынна.
СӨ үпкэ уонна экэниэмикэҕэ миниистирин солб. Г.Ю.Алексеев биир дойдулаахтарын бу бэлиэ тэрээһиннинэн эҕэрдэлээтэ уонна инникитин Саха АССР автономияны ылыллыбыта 100 сылынан, ону сэргэ общественнай диэйэтэл, СӨ бастакы Президенэ М.Е.Николаев төрөөбүтэ 85 сааһын бэлиэтээри сылдьарбытынан үгүс үлэ барыахтааҕын этэн аһарда уонна өрөспүүбүлүкэ Баһылыга Айсен Николаев быйылгы сылы Ийэ сылынан биллэрбитин иһитиннэрдэ, Саха сирин салалтатын аатыттан «Арчы дьиэтэ» норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта М. Е. Гаврильеваҕа СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, прокуратура үлэһитигэр В.А.Захаровка Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа ааттар иҥэриллибиттэрин туһунан иһитиннэрэн дастабырыанньаларын, бэлиэлэрин, СӨ баһылыга А.С.Николаев илии баттааһыннаах Бочуотунай Грамотаны биһиги хаһыаппыт суруналыыһыгар Л.Д.Аммосоваҕа, онтон өрөспүүбүлүкэ социальнай сулууспатын туйгуна аат докумуонун Тиит Арыы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Л.В.Индееваҕа туттартаата. Салгыы тылы Улуус мунньаҕын салайааччыта А.П.Антонов ылла уонна улуус бэйэни салайыныы уорганнарын 5-с, 6-с ыҥырыыларыгар ситиһиилээхтик үлэлээбит дьокутаакка Л.С.Бочоеваҕа общественнай диэйэтэл Софрон Сыранов аатынан Бочуот бэлиэтин туттарда. Бу күн «Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна» аат бэлиэтин Нөмүгүтээҕи норуот тыйаатырын режиссера А.А. Филиппова тутта, элбэх киһи араас таһымнаах грамоталарынан, махтал суруктарынан бэлиэтэннэ. Нөмүгү нэһилиэгин баһылыга Н.В.Устинов бары кыттыбыт дьонугар махтанна уонна Адам Скрябин 130 сылын кини аатынан саҥа, таас култуура уораҕайыгар көрсүстэрбит диэн нөмүгүлэр баҕа санааларын тириэртэ, чинчийии, сырдатыы үлэтэ салгыы барыаҕын, ситиһиилэри баҕарда.
Мустубут дьон Адам Скрябин аймахтарын астына билистилэр. Сиэнэ, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора, наука дуоктара Юрий Дмитриевич Петров дьонун дьылҕатын билиһиннэрдэ, хаҥаластарга улахан махталын тириэртэ. Дьоро киэһэбитин тыыннаах музыканан Г.М.Кривошапко аатынан судаарыстыбаннай филармония «Арко Арктика» музыканнара, Адам Скрябин доҕоро Алампа тылларыгар «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр…» үйэлээх ырыатынан СӨ Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырын солиһа Григорий Петров, Аграфена Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство коллеһын «Өркөн» норуодунай тыйаатырын эдэркээн артыыстара, Төхтүр нэһилиэгин Анастасия Перловская салайар «Хомус» норуодунай ансаамбыла «Саргылардаах сахаларбыт» диэн хомуска дьүһүйүүнэн киэргэттилэр. Дьоро киэһэбит Хаҥаластааҕы хуор «Саха ырыатын» толоруутунан түмүктэннэ. Тыгын кырдьаҕас саҕаттан Тымыр-сыдьаан тылламмыт Тырыттыбыт ньыгыл дьылҕалаах Тыйыс саха аатыран Тыыллан, үөскээн иһиэҕиҥ! Саргы дьаалы улааттын, Сахалыы саҥа сатараатын, Саха омук сайыннын! Уруй, үруй, уйгу! Айхал! Айхал! Талба!
Людмила Мордовская
Немугулэр. Адам Васильевич Скрябин биир дойдулаахтара — Немугулэр бу убулуейдээх сылга утумэн элбэх улэни тэрийэн ыыттылар. Олортон биирдэстэринэн «Туhулгэ» култуура киинин иhинэн улэлиир нэьилиэк уран тарбахтаахтарын, иистэньэннэрин «Талба», «Ситим», «Кылыhах кырыымпа», «Суhум», «Эркээни иистэнньэннэрэ» тумсуулэрэ, олохтоох дьаhалта, култуура улэhиттэрэ Адам Скрябин олорон ааспыт кэмин 19с -20с уйэлэр са5анаа5ы таңастарын тиктэн дьон- сэргэ биһирэбилин ыллылар. Эксизтары Адам Скрябин сиэнэ Панкратий Дмитриевич Петров тиhэн таhаарбыт кинигэтин хаартыскаларыгар оло5уран оҥордулар.
Улуус баһылыга Олег Иринеев тыла.
Ыллыыр Григорий Петров!
Саха Республикатын народнай суруйааччытыта, Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан государственнай премия лауреатыта,Ханалас улууьун уонна Бастакы Малдьа5ар нэьилиэгин Бочуоттаах олохтоо5 Павел Николаевич Харитонов
Аграфена Дмитриевна Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын “Өркөн» народнай тыйаатыра. “Орто дойду дорҕоонноро” сал. Мария Боппоенова
СӨ Ил Дарханыттан наҕараадаларын СӨ Үп миниистирин солбуйааччы Гаврил Алексеев туттарда.
Арко Артико ансаамбыл Астор Пьяццолла, «Чао, Париж!» композицияны оонньоон иһитиннэрдэ.
Култуура миниистриттэн наҕараада.
Софья Сидорова аатынан Бочуот Бэлиэтин улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Анатолий Антонов туттарда.
Ханалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгин баһылыга Наум Васильевич Устинов
Төхтүр нэһилиэгин «Кэскил» хомус народнай ансамбыла. «Саргылардаах сахаларбыт» хомуска дьүһуйүү, сал.Анастасия Перловская
Адам Скрябин сиэнэ ХИФУ профессора, политическай наукалар доктордара Юрий Дмитриевич Петров тыла.
Аграфена Дмитриевна Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын «ЭЙГЭ» народнай үҥкүү ансамбылын толоруутугар «КЫМЫС ҮҤКҮҮТЭ»
Хаҥалас улууһун холбоһуктаах хорун толоруутугар Саха ырыата! Тыла — Анемподист Софронов (Алампа), мөл. Адам Скрябин.
Уопсай хаартыскаҕа түһүүлэр.
Өссө биир аат саха омугар, хаҥаластарга төннүбүтүнэн итии истиҥ эҕэрдэ!!!
Өрөгөйдөөх тэриллиигэ кыттыбыт, бэлэмнээбит уонна Адам Скрябин албан аата хаттаан ааттанарыгар үлэлэспит дьоҥҥо барҕаа махтал!
Саха омукпут култуурата бигэ сайда турарыгар биир сомоҕоннон дьулуруйуоххайыҥ!
Алампа. Саха ырыата.
Тыгын кырдьаҕас саҕыттан
Тымыр-сыдьаан тылламмыт
Тырыттыбат дьылҕалаах,
Тыйыс саха аатыран
Тыыллан-үөскээн иһиэҕиҥ!
Үгүс-элбэх үйэлэргэ
Үөрдүһэн-тардыһан үөскээбит
Үрүн Дьөһөгөй өллөйдөөх,
Өрөгөй-талаан үктэллээх
Өбүгэ саха буолабыт!
Саргы-дьаалы улааттын!
Сахалыы саҥа сатараатын!
Саха омук сайыннын!
Уруй!
Уйгу!
Айхал!
Урусхан-уохтаах күннэргэ
Умуллан-самнан биэрбэтэх,
Уруй-туску оҥоһуулаах,
Одун-буурай олохтоох
Урааҥхай саха буолабыт!
Үлүгэр-алдьархай күннэргэ
Үллэр үрдүк өрөгөйдөөх
Үөмэн тиийбэт үрүттээх,
Үтүө саха аатыран
Үүнэн-үрдээн иһиэҕиҥ!
Дүрбүөн-дарбаан күннэргэ
Түһэн-охтон биэрбэтэх
Төлкө-түөрэх дьүөрэлээх,
Төрүт саха төрүөҕэ
Төбүрүөн түмсэн турабыт!
Самнан түспэт саргыга
Салаллан-тэриллэн үөскээбит
Сайаҕас-дьэҥкэ санаалаах
Саха урааҥхай аатыран
Сайдан-элбээн иһиэҕиҥ!
Хаҥалас уонна саха омук историятын туһунан бу блогпар постарым:
«Тыгын Дархан» — мое личное мнение.
О происхождении и пассионарности якутского народа…
Секция «Происхождение, развитие народа саха и роль Якутии в развитии российской государственности»
О новых данных по происхождению народа Саха на Ютуб канале НВК «Саха»!
Первой школе для якутских детей при Спасском монастыре в Якутске — 220 лет!
«Предтеча» — презентация книги о трех великих тойонах имперской Якутии
Моя страница в Дневниках якт ру.: http://nikbara.ykt.ru/
Мой сайт: https://nikbara.ru/
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
Я в Инстаграме @nb2015p
Персональная страница в «Фейсбуке»: https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
«Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin