Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн! С днем якутского языка и письменности!

Күндү ааҕааччыларбын Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Хомойуох иһин билигин төрөөбүт тылбыт сүтэр симэлийэр кутталга киирдэ…

2012 сыллаах ЮНЕСКО кутталга киирбит тыллар Атластарыгар Россия 131 тылын иһигэр саха тыла эмиэ баар. Саха тыла — vulnerable, ол аата саарбах балаһыанньалаах тыл быһыытынан Атласка киирбит…

Эһиги болҕомтоҕутугар Чурапчыттан Иван Петрович Пономарев ватсаапка тарҕаммыт ыстатыйата уонна төрөөбүт тыл күнүнэн видео эҕэрдэлэр.

НУУЧЧАЛЫЫ ТЫЛЛАНАР ТЫА ОҔОЛОРО

Бэйэм анал саха тыла үөрэҕэ суоҕум да иһин, бу сырыыга хотонтон, ынахтан арыый тэйэн төрөөбүт сахабыт тылын дьылҕатын туһунан санаабын тиэрдэргэ соруннум. Онуоха, мин саныахпар, төрүт тылбыт инники сайдыытыгар кырата суох куттал үөскээн эрэр диибин. Ол…
* * *
Нуучча киһитин илэ көрбөтөх, этэргэ дылы, нуучча сыта да суох кырыы учаастактарга тиийэ саха оҕолоро кыраларыттан нууччалыы саҥаран (тылланан) бараллара элбээн иһэр. Ол барыта төлөпүөн «үтүөтэ».
Онно, кураанах куолу буолбатын диэн, бэйэм илэ көрбүт, истибит түгэннэрбин холобурдуум. Биллэн турар, ааттарын эппэккэ, арыый ханарытан соҕус.
Биһиэхэ аҕыйах нэһилиэнньэлээх биир кырыы дэриэбинэҕэ соҕотох кыыс оҕолоох аҥардас эдэрсин дьахтары билэбин. Кини күн аайы бүддьүөт тэрилтэтигэр үлэлиир буолан оҕотун кыратыттан үксүгэр дьиэтигэр соҕотохтуу хаалларара үһү. Үлэтин быыһыгар сүүрэн кэлэн аһатан-сиэтэн, көрөн-истэн барар. Оонньуура элбэҕин иһин сүрүн аралдьыйара төлөпүөн эбит. Күнү күннүктээн онно нууччалыы мультиктары көрөн саатыыр, бириэмэтин ыытан улааппыт. Түмүгэр, сахалыы буолбакка, нууччалыы тылланан барбыт. Ол курдук бу кыыс быйыл оскуоланы бүтэрээри сылдьар үһү даҕаны үксүн нууччалыы таттардар даҕаны хайа да тылынан ыраастык саҥарбат буолбут. Дьону кытта мээнэ кэпсэппэт, бүтэҥитиҥи соҕус, үөрэҕэр сыыллан-бааллан орто эрэ. Салгыы үөрэнэрэ уустуктаах буолсу дииллэр.
Аны биир илэ истибит холобурбун аҕалыым. Мин олус убаастыыр, Саха тыйаатырын урукку дириэктэрэ, үтүөлээх артыыс А.П.Николаев былырыын күһүн Саха араадьыйатынан манныгы кэпсээбитэ өйбөр хаалбыт. Кини сиэттэрин наһаа нууччалыы бараары гыннылар диэн биир сайын сахалыы саҥаҕа үөрэттэрээри куораттан аймахтарыгар Амма Мээндийэтигэр таһаарбыт. Онтуката ол дьоҕус дэриэбинэ кыра оҕолоро нууччалыы саҥаран чобугараһа сылдьалларын истэн олус соһуйбутун эппитэ.
Маннык компьютерынан, телефонунан кыра, обургу да оҕолор аһара үлүһүйүүлэрин содулларын туһунан өссө холобурда аҕалыым.
Элбэх оҕолоох тастыҥ убайым биир сиэннэрин эһээхий эрдэҕинэ оҕоломмотох, сааһыран эрэр ырааҕынан аймахтарбыт иитэ ылбыттара. Ол кэннэ төрөппүттэриттэн тэйитэн ыаллыы улууска көспүттэрэ. Оҕолорун наһаа атаахтатан үрдүкү кылаастарга тахсыытыгар оҕолор атаҕастыыллар диэн сылтаан дьиэтигэр олордон үөрэттэрбиттэр. Билиҥҥи дистанционнай үөрэх диэбит курдук. Уоллара хоһугар соҕотоҕун олорон наар компьютер уонна төлөпүөн ыаһахтаах буолбут. Түмүгэр дьону кытта кэпсэппэт, саһа, куота сылдьар, илэ олохтон тэйэн аах-маахтыҥы буолан хаалбыт. Биирдэ тиийэ сылдьыбыппар остуолга кэлбэтэҕэ, ийэтэ хоһугар илдьэн аһаппыта. Биир тылынан, туох диэн ааттанара эбитэ буолла, дьонтон тэйэ сылдьар мээнэ саҥарбат ньиэрбэ ыарыһах буолбут этэ.
Аны икки уоллаах биир билэр ыалым кыра уоллара эмиэ түүннэри-күннэри компьютерга олорор, төлөпүөнү хасыһар буолбут. Оскуоланы бүтэрэригэр эт-хаан өттүнэн сайдыыта мөлтөх, эмиэ дьону кытта аанньа кэпсэппэт, бэйэтигэр бүкпүт уол аармыйаҕа да барбакка салгыы үөрэммэккэ бэйэтигэр тиийинэн өлөөхтөөбүтэ. Дьиҥэр үөрэнэригэр, үлэлииригэр усулуобуйа бөҕөлөөх оҕо этэ.
Салгыы биир ыал 8-с кылааска үөрэнэр соҕотох уоллара эмиэ төлөпүөн, компьютер “ыарыыланан” дьиэтигэр тугу да үлэлэспэт, майгыта алдьанан, хачаайы баҕайытык улаатан эрэр диэн ийэтэ үҥсэргиир үһү диэни истибитим.
Аны биир ыал эбэлэрэ күнүс 9-10 ыйдаах саҥара, хаама да илик сиэнин көрө хаалан баран төлөпүөҥҥэ мультик холбоон аралдьытарын туһунан кэпсээбиттэрин истибитим. Онно үөрэнэн сиэнэ күн аайы мультигын холботтороору тарбахтара кыймаҥнас, «ый-хай» бөҕөнү түһэрэр үһү. Дьиктитэ диэн кыра оҕолор мультигы төрүт салгыбакка чааһы чааһынан хос-хос көрөллөр эбит. Онуоха өйдөөбөт төрөппүттэр «эгэ эрэ сынньаттын, аралдьыйдын» диэн саҥара иликтэриттэн көрдөрөллөрө элбэх ыалга баар көстүү буолбут. Улууспут киинигэр олорор биир эдэрси ыал үс кыра уолаттара нууччалыы эрэ кэпсэтэр буолбуттар диэн кэпсииллэр.
Биир тылынан кыра эрдэхтэриттэн аһара төлөпүөҥҥэ убаммыт оҕолор нууччалыы тылынан барыылара, эт-сиин, өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн мөлтүүллэрэ, аҥааххай соҕус буолуулара туох да мөккүөрэ суох баар чахчы.
Бассаапка биир ыстаастаах учуутал ордук кыра оҕо төлөпүөнүнэн наһаа үлүһүйдэҕинэ мэйиитин чараас хаппаҕар көстүбэт долгуннар охсон мэйии үлэтэ улаханнык кэһиллэрин туһунан итэҕэтиилээх баҕайытык суруйбут этэ. Букатын туспа көстүбэт (виртуальнай) эйгэҕэ киирэн хаалан дьиҥнээх олохтон тэйэн хаалаллар диэбит этэ. Онтон сиэттэрэн этиэм этэ.
Күндү төрөппүттэр, эһээлэр, эбээлэр! Эһиги күндү оҕолоргут, сиэттэргит бары өттүнэн толору сайдыылаах буола улаатыахтарын баҕарар буоллаххытына, бука диэн, ордук кыра эрдэҕинэ аһара төлөпүөнүнэн оонньуурун бобуохха. Оҕо мэниктиэхтээх, сүүрүөктээх-көтүөхтээх. Кыратык быһа-хайа түһэриттэн куттаныман. Кими барытын кэһэлтэ, эрэй үөрэтэр. Оҕоҕутун элбэхтик салгыҥҥа сырытыннарын, үлэҕэ үөрэтин.
Бу төлөпүөн «ыарыыта» киэҥник тарҕанна. Маннык балаһыанньа төрүт тылбыт кэхтиитин түргэтэтэр, омук быһыытынан сайдыыбытыгар кырата суох содуллаах буолар чинчилэннэ. Онон бу проблема туһунан учуонайдар, үөрэх систиэмэтин, уйулҕа үөрэхтээхтэрэ уо.д.а бэйэҕит санааҕытын суруйуоххутун, кэпсиэххитин сөп этэ. Телевидение, араадьыйа даҕаны анал биэриилэри оҥордохторуна өссө үчүгэй буолуоҕа.
Түмүгэр биири көрдөһөбүн. Бу ыстатыйам хаһыакка таҕыстаҕына бассаабынан тарҕатыам. Ону аахпыттар бука диэн суолта биэрэн, чугас дьоҥҥутугар тарҕаталыа этигит. Оччотугар элбэх төрөппүттэр оҕолорун бу улахан охсуулаах төлөпүөн (мания) ыарыытыттан быыһыа этилэр.
Бүтэһигэр өссө хатылыыбын. Кыра эрдэҕиттэн аһара төлөпүөҥҥэ убаммыт оҕо сайдыыта бытаарара, эт-сиин өй өттүнэн мөлтүүрэ чуолкай.
Чэ, ону бэйэҕит билин. Эрэли кытта.


Уйбаан Пономарев.
Чурапчы.

Төрөөбүт тыл уонна сурук бичик күнүн СӨ Бастакы Президенэ Михаил Николаев олоххо киллэрбитэ.

Покровскайтан видео эҕэрдэ!!!

Саха поэттарын хоһооннорун ааҕабын.

СӨ Аҕалар союзтарын бэрэссэдээтэлэ Айхал Габышев эҕэрдэтэ.

Саха дьоно тылбытын харыстыаххайыҥ! Тылбыт сайда, чэчирии турарыгар күүс уох буолуоххайыҥ!!!

Саха тылын туһунан постарым:

О происхождении и пассионарности якутского народа…

Изучение якутского языка в интернете! Скоро новый портал!

О новых данных по происхождению народа Саха на Ютуб канале НВК «Саха»!

2021 сылга Олоҥхоһут Бэдьээлэ төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах…

Музей народной педагогики в с. Оросу Верхневилюйского улуса: как воспитать новое поколение в 21 веке

О происхождении и пассионарности якутского народа…

Саха Театрыгар Адам Васильевич Скрябин төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээһин

Саха норуотун оҕону иитэр үөрүйэхтэрэ

Моя страница в Дневниках якт ру.: http://nikbara.ykt.ru/ 

Мой сайт: https://nikbara.ru/

Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/

Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara

Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!

https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин

И на мои аккаунты в социальных сетях!

Я в Инстаграме @nb2015p

Персональная страница в «Фейсбуке»: https://www.facebook.com/nikbaramygin/

«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992

«В контакте» https://vk.com/nbaramygin

 «Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.