Кулун тутар 16 күнүгэр Саха Сиригэр СӨ Бастакы Президена М.Е.Николаев этиитинэн Бастакы Президен оскуолаларын ситимэ сүрүннээн аан бастаан Өксөкүлээх сардаҥата сиэр туом ыытылынна. Бу сиэр-туом Өксөкүлээх 145 сааһын туолар төрөөбүт күнүгэр буолан ааста.
Николаев Центр сайтыгар сиэр туом туһунан таһаарыы:
16 марта республика отметила 145-летие основоположника якутской литературы, просветителя, мыслителя, одного из первых учителей Якутии, собирателя якутского фольклора и языка, Алексея Елисеевича Кулаковского. В честь этого дня Сеть Президентских школ РС(Я) и Николаев-центр, библиотека-архив первого Президента Михаила Ефимовича Николаева запустили традицию Дня Кулаковского.
День начался с акции зажжения свечи — Свет Кулаковского. В литературно-художественном музее-заповеднике «Таатта», в родном балагане писателя первую символическую свечу зажгла внучка Алексея Елисеевича Рева Реасовна Кулаковская. Алексей Елисеевич Кулаковский, который для своего народа был подобно первым лучам солнца, показал направления света, светлого и доброго будущего.
В мероприятии приняли участие делегации Сети Президентских школ РС(Я), представители местного самоуправления, также акцию зажжения свечи поддержали образовательные учреждения, культурные центры и библиотеки республики: Таттинского, Верхоянского, Вилюйского, Кобяйского, Ленского, Верхневилюйского, Жиганского, Хангаласского, Мегино-Хангаласского Намского, Абыйского, Чурапчинского улусов и г. Якутска. В этот день прошли уроки, круглые столы, посвященные духовному наследию Алексея Елисеевича Кулаковского.
Организаторы уверены, что эта традиция Дня Кулаковского приживется в сердцах и умах каждого человека республики. И ежегодно 16 марта будет зажигаться свеча Кулаковского — Өксөкүлээх сардаҥата.
Хаҥалас улууһугар Өксөкүлээх сардаҥата киэҥник ыытылынна.
Быйыл улуу Өксѳкүлээх Өлѳксѳй тѳрѳѳбүтэ 145 сылын уонна «Саха интеллигенциятыгар сурук» суруллубута 110 сылын бэлиэтиибит.
А.Е.Кулаковскай – аан бастакы бүтүн Саха сирин үрдүнэн биллибит саха ырыаhыта – хоhоонньута, айар тыл аҕата, саха бастакы үѳрэхтээҕэ, интеллигенэ, саха литературатын тѳрүттээччитэ, кѳрбүѳччүтэ, бѳлүhүѳгэ. Кулаковскай биһиги нэһилиэкпитин кытта ыкса ситимнээх. Ол курдук, саха норуотун икки чулуу уолаттара Семен Петрович Барашков уонна Алексей Елисеевич Кулаковскай истиҥ доҕордуу этилэр.
Өксөкүлээх Хачыкаакка учууталлыы олорон научнай үлэнэн дьарыктаммыта уонна чулуу айымньыларын бу кэмңэ суруйбута. Ол — «Ойуун түүлэ», «Өрүс бэлэхтэрэ», «Саха интеллигенциятыгар сурук», «Чабырҕаҕы», уонна «Өй, сүрэх икки мѳккүѳрэ».
Алгыс сырдык ыралаах тылынан саха норуотун сайдар суолун сырдатар, хара күүстэн араҥаччылыыр, Өксөкүлээх Өлөксөй айымньылара норуот ийэ тылын муудараһын сүһэн ылбыт буолан, сырдык тыыннаахтар.
Өксөкүлээх сардаҥата акцияҕа Хаҥалас улууһун култууратын үлэһиттэрэ сүргэбитин көтөҕөн туран кыттыһабыт.
Уонна, ол кэмнээҕи саха дьоно бары православнай сүрэхтэммит дьон буолалларын быһыытынан, Саха Сиринээҕи епархия Алексей Елисеевич Кулаковскайга — Өксөкүлээххэ панихида сиэрин-туомун Преображенскай кафедральнай соборга ыытта.
Саха НКИК сонуннарыгар сиэр-туом туһунан кэпсээтилэр.
Панихида сиэрин туомун уонна аҕа Сергий этиитин толору видеота.
Саха литературатын төрүттээччи Өксөкүлээх Өлөксөй аата суола үйэлэргэ саха омукка өйдөнө сылдьарыгар аналлаах сиэр туом үөскээбитинэн эҕэрдэ буолуохтун!
Мои посты об этногенезе якутского народа:
Самый северный в мире буддийский храм — в Якутске!
Ночь перед католическим рождеством! Орган в католической церкви Якутска!
Самая северная в мире Армянская церковь в Якутске!
Самая крупная мечеть на Дальнем Востоке — в Якутске!
О происхождении и пассионарности якутского народа…
Изучение якутского языка в интернете! Скоро новый портал!
О новых данных по происхождению народа Саха на Ютуб канале НВК «Саха»!
2021 сылга Олоҥхоһут Бэдьээлэ төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах…
Музей народной педагогики в с. Оросу Верхневилюйского улуса: как воспитать новое поколение в 21 веке
О происхождении и пассионарности якутского народа…
Саха Театрыгар Адам Васильевич Скрябин төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээһин
Саха норуотун оҕону иитэр үөрүйэхтэрэ
«Нуучча»: о ссыльных в книге «Сибирь как колония»
Состоялось открытие Года исторической памяти в Хангаласском улусе!
100 лет засады на Нестора Каландарашвили. Историческая реконструкция!
Мой сайт: https://nikbara.ru/
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287
Содержание моих дневников в архиве Якт.ру https://dnevniki.ykt.ru/NikBara/1081021#more
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt
«Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin