Сегодня 5 апреля 2022 года в администрации МР «Амгинский улус» состоялась онлайн встреча общественности по вопросу рубки лесов в верховьях реки Амга. Вашему вниманию полное видео онлайн трансляции встречи.
На телеграмм канале Николая Архипова:
Сегодня в режиме видеоконференцсвязи прошло обсуждение темы вырубки лесов в верховьях реки Амги.
Конкретные решения и планы намечены. 12 апреля в Амгу приедет с рабочим визитом и.о. Министра экологии Якутии Евгений Перфильев. 13 апреля делегация Амгинского улуса примет участие в совещании в Общественной палате республики. Также вместе с общественниками планируем выезд в Алданский район, где и находятся участки, сдаваемые в аренду.
Кроме того, в Амгинском улусе будем сформировывать координационный совет экологии.
Нашим приоритетом всегда было и остаётся сохранение экологии, главного нашего богатства. Сейчас важно держать ситуацию под пристальным контролем.
Вышла статья в газете «Амма олоҕо»:
Амма эбэ көмүскэлигэр уопсастыбанньыктар сүбэ мунньахха кытыннылар
Амма улууһун уопсастыбанньыктара биллэр урбаанньыт Афанасий Алексеев Үөһээ Аммаҕа тиэхиньикэлэрин киллэрэн, бэрэбиэркэни ыыта сылдьар Иркутскай уобаластан кэлбит «Вудленд» уонна «Ангара» тэрилтэлэр үлэлиэхтээх учаастактарыгар тиийэн кэпсэтиитин, онно үйэ аҥаарын устата мас кэрдиллиэхтээҕин туһунан биидьийэтин көрөннөр, улуус дьаһалтатын саалатыгар кэлэннэр сүбэ мунньахха муһуннулар.
Амма баһыгар ойуур аҥаар кырыытыттан кэрдиллэн, эрбэнэн, соҕотуопкаланан барыта Кытайга быһа тахсыахтааҕа олохтоох дьону аймаан ыксаллаах быһыы — майгы үөскээн, Амма уопсастыбанньыктарын сүбэ мунньаҕар улуус баһылыга Николай Архипов, улуус депутаттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова кытыннылар. Мас кэрдиллиитин туһунан бэйэлэрин санааларын «Амма кырдалын ыччата» ыччат уопсастыбаннай түмсүүтүн салайааччыта Саргылана Неустроева, нэһилиэк уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Корякин, Амматааҕы ойуур хаһаайыстыбатын салайааччыта Николай
Иванов, улуус борокуруора Михаил Николаев, Бөтүҥ орто оскуолатын дириэктэрэ Акулина Иванова, үһүс сылларын Амма эбэни көмүскээн чөл хаалларар соруктаах үлэлиир түмсүүтүттэн Степан Сутаков, Анна Шишигина, Вера Шилова, олохтоохтор Спартак Трофимов, Елена Шестакова, ийэлэр хамсааһыннарыттан Виктория Владимирова, куйаар ситиминэн Афанасий Алексеев, Дьокуускайтан Андрей Емельянов, Хаҥаластан Иван Руфов Үөһээ Аммаҕа мас кэрдиллиитигэр бэйэлэрин санааларын эттилэр. Амма баһыгар мас кэрдиллэр буолбутун туһунан маҥнайгы иһитиннэрии үс сыллааҕыта Дьокуускай куоракка ойуур хаһаайыстыбатын лесничэйин көмөлөһөөччүтүнэн үлэлии сылдьыбыт, инники сылларга Аммаҕа ойуур хаһаайыстыбатыгар ойуур харыстабылын инженеринэн, салайааччыны солбуйааччынан бэриниилээхтик үлэлээбит, дойдутун патриота
Иван Охлопковтан киирбитин бэлиэтээтилэр.
Мунньах кыттыылаахтара, бастатан туран, маассабай мас кэрдиитин төһө кыалларынан күнү — дьылы куоттарбакка кылгас болдьох кэм иһигэр хайдах тохтотор туһунан боппуруоһу сытыытык туруордулар. Маныаха бүтүн Саха сирин уопсастыбаннаһын хамсааһына наадатын, сэлэлээн хаамыыга тахсарга, өрөспүүбүлүкэ таһымынан учуонайдар, экологтар, юристар, көрдөрөр — иһитиннэрэр тэрилтэлэри кытта улахан хамсааһыны таһаарарга, өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох ыраас хаалбыт Амма эбэни көмүскүүргэ санааларын эттилэр. Мас кэрдээччилэр бэйэлэрин кэннилэриттэн айылҕаҕа хоромньуну аахсыбаттарын, ол дьон доруобуйатыгар охсуулааҕын бэлиэтээтилэр. Ааспыт сылларга өрүс төрүүр миэстэтигэр Үөһээ Аммаҕа мас кэрдиитин бопсон, дойду таһымыгар көмүскэһэн, чөл хаалларбыт Ольга Иванова — Сидокевич холобурунан, үөрэх тэрилтэрин, үөрэнээччилэри, төрөппүттэри кытта бииргэ үлэлииргэ, ойууру, сири — уоту харыстыырга туһуламмыт социальный ролик, документальнай киинэ кылгас кэм иһигэр оҥоро охсон таһаарага этиилэр киирдилэр. Мас кэрдээччилэр дуогабардарын билсэн тутулуга суох сыаналааһыҥҥа сакаас түһэрэн, сыл устата айылҕаны, сири — уоту, ойуур
туругун, үүнээйитин, хамсыыр харамайын кэтээн көрөргө уопсастыбаннай хонтуруол булгуччу баар буоларын эттилэр. Мас үүнүүтэ олус бытаанын, баһаар кэнниттэн ойуур чөлүгэр түһэрин, оттон аҥаар кырыытыттан кэрдии кэнниттэн оннугар түспэтин тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Өрөспүүбүлүкэ улуустарын барыларын хамсатан, Сибиир боппуруоһун дойду таһымыгар туруорсарга, Президеҥҥэ иккистээн сурук суруйарга эттилэр. Тапталлаах Аммабыт бырамыысаланнас улууһа буолбакка, айылҕа паарката буоларын ситиһэргэ, инникитин тыа хаһаайыстыбатын, туризмы күүскэ сайыннарар сөптөөҕүн эттилэр.
Муус устар 12 күнүгэр айылҕа харыстабылын миниистирин эбээһинэһин толорооччу, биир дойдулаахпыт Евгений Перфильев оробуочай бөлөҕө кэлиэхтээҕэ, оттон 13 чыыһылаҕа Дьокуускай куоракка уопсастыбаннай палаата мунньаҕа буолара, онуоха диэри мас кэрдиллэр сиригэр миэстэтигэр тиийэн балаһыанньаны билсэр, тэлэбиидэнньэҕэ анал биэриигэ тахсар наадалааҕын бэлиэтээтилэр. Түмүккэ координационннай сүбэни хаттаан тэринэргэ, дэлэгээссийэни чуолкайдыырга быһаардылар. Сүбэ мунньах кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэ салалтата, айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ, Саха сирин, улуустар уопсастыбаннастара уонна Ил Түмэн депутаттара боппуруоһу быһаарыыга кыттыһан сөптөөх быһаарыныыны ылыныахтара диэн эрэл санааларын биллэрдилэр.
«Улуус салалтата, депутаттар, уопсастыбаннас, олохтоохтор, Аммабыт экологиятыгар сүрэхпитинэн — быарбытынан бары ыалдьабыт. Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ мустубут дьон мас кэрдиитин утаралларын, бу өрүспүт кэхтиитигэр тиэрдиэҕэ диэн толкуйтан үүнэр көлүөнэбитигэр ыраас өрүспүтүн хаалларар соруктаахтарын эттилэр. Мас кэрдиитэ барыахтааҕын, баар балаһыанньаны, производство баар буолуохтааҕын барытын өйдүүбүт. Ол гынан баран мас кэрдиитэ барар түгэнигэр уопсастыбаннай хонтуруол эмиэ баар буолуохтааҕын туруорсабыт. Дуогабарга ыйыллар ойуур үүнэн эрэ маһа хаалыахтаах диэн усулуобуйатын тутуһалларын көрүөхтээхпит. Мас кэрдиитэ айылҕаҕа хоромньуну оҥорор түгэнигэр тутулуга суох сыаналааһын баар буолуохтаах. Онон бу боппуруостарга уопсастыбанньыктары кытта үлэлэһиэхпит», — диэн этэр улуус депутаттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова.
Алтана Артемьева.
Хаһыат сайтыгар: https://xn--80aaaambpp4b1d.xn--p1ai/article/49479
Полное видео встречи:
Мои посты о проблемах верховьев реки Амга в Дневниках Якт.ру:
Республика Саха (Якутия) на Лесном Форуме — 2020!
Общественность высказалась о вырубке верховьев Амги!
«Лесное хозяйство и лесопереработка Якутии с учетом научных аспектов»
Мой сайт: https://nikbara.ru/
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287
Содержание моих дневников в архиве Якт.ру https://dnevniki.ykt.ru/NikBara/1081021#more
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt
«Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin