Муус устар 15 к. Хаҥалас улууһун Төхтүр сэлиэнньэтигэр буолбут семинар-практикум туһунан «Хаҥалас» хаһыат ыстатыйата уонна хаарыскалара, мин Ютуб каналбыттан видеолар.
Бэйэҕэ эрэниэххэ – үлэни өрө тутуохха!
Төхтүргэ Хаҥалас улууһун Эркээни хочотун нэһилиэктэрин баһылыктара Нөмүгүттэн Наум Устинов, Уулаах Аантан Егор Исаков, Өктөмтөн Александр Большаков уонна Төхтүртэн Ньургун уола Кэскил Багдарыын көҕүлээннэр «Бэйэҕэ эрэниэххэ – үлэни өрө тутуохха!» диэн ас-үөл бэлиитикэтин быһаарарга семинар-практикуму тэрийэн ыыттылар.
Тэрээһини Төхтүр нэһилиэгин баһылыга Кэскил Багдарыын иилээн-саҕалаан ыытта. Дойду үрдүнэн үөскээбит балаһыанньаҕа хайдах-туох дьаһанан үлэлээтэхпитинэ-хамсаатахпытына олохтоох бэйэ аһын дэлэтэбит, дьону-сэргэни үлэнэн хааччыйабыт диэн ыйытыкка хоруйу буларга, кэпсэтиигэ ыҥырда. Семинар-практикум сүрүн соругунан, тыа ыала аска-үөлгэ наадыйыытын бэйэ этинэн, үүтүнэн, оҕуруот аһынан, хортуоппуйунан уонна сымыытынан хааччынар усулуобуйатын үөскэтии буолар. Маны утумнаахтык ситиһэр инниттэн олоххо дьиҥнээхтик киллэриигэ – тыа сирин хас биирдии ыалын кыаҕыттан, сириттэн-уотуттан быһаччы тутулуктаах.
М.Е. Николаев референа, СӨ уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ Николай Барамыгин кыттыыны ылла.
— Нэһилиэктэр олохтоохторо бэйэлэрэ маннык хамсааһыны таһаарбыттара ордук кэрэхсэбиллээх. Ил Дархаммыт Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэбит тыатын хаһаайыстыбатын өйүүргэ 14,5 млрд солк көмө барда диэн биллэрэн турар. Ол көмө хайдах баран иһэрин билээри, муус устар 7 күнүгэр, Чапаевка СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев архыып-бибилэтиэкэтигэр улууспут фермердэрин кытта көрсүһүү буолбута. Онно Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, «Туймаада» Агрохолдинг АУо уонна «Алмазэргиэнбаан» АКБ туһааннаах исписэлиистэрэ тахсан кыттыыны ылбыттара. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Арассыыйа сокуонунан тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга эрэ көмөлөһөр, онтон кэтэх сүөһүлээх дьоҥҥо быһаччы көмө биэрэр бырааптара суох. «Туймаада» Агрохолдинг АУо-ҕа дьиэ кэргэн экэниэмикэтэ сайдарыгар быһаччы барыахтаах 600 мөл солк көмө харчы билиҥҥи туругунан киирэ илик. Ити хайдах быһыылаахтык барыахтаах, оҥоһуллуохтаах мэхэньиисимэ өссө биллибэт. «Алмазэргиэнбаан» АКБ исписэлииһэ этэринэн, күн бүгүҥҥэ дылы 1 млрд 200 мөл солк устааптарын хапытаалыгар киириэхтээх үлэтэ саҕаламмыт гынан баран, сайын ортотугар эрэ түмүктэниэн син. «Туймаада» Агрохолдинг АУо уонна «Алмазэргиэнбаан» АКБ 5% кирэдиити тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга биэриэхтэрин сөп, — диэтэ Николай Андреевич. — Бүлүү улууһугар нэһилиэнньэҕэ анаан 3000 куурусса уонна 150 сибиинньэ атыылаһыллыбыт. Үөһээ Бүлүүгэ 2000 куурусса, 100 сибиинньэ, 500 кус, 500 хаас уонна 200 тн комбикорм. Ньурба улууһугар 212 куурусса, 975 сибиинньэ, 315 хаас уонна 348 тн комбикорм. Сунтаарга 50% чэпчэтиилээх 2500 куурусса, 500 сибиинньэ, 160 тн комбикорм уонна 20 т сиэмэ хортуоппуйу босхо түҥэтэллэр. Итини таһынан тэпилииссэлэри, уу емкостарын сыана аҥаарыгар атыылыыллар. Бу, Бүлүү бөлөх улуустара «АЛРОСА» АХ акционердарынан буолаллар, кинилэргэ сыллата млрд солк дивиденд кэлэр. Бүддьүөттэрэ биһиги улууспут бүддьүөтүгэр тэҥнэспэт. Онтон биһиги курдук киин улуустары ылан көрдөххө, Уус Алдаҥҥа — 1000 куурусса, 192 сибиинньэ, Чурапчыга — 6000 куурусса, 900 сибиинньэ, Аммаҕа – 4700 куурусса, 300 сибиинньэ, 300 кус, 200 индюк, 150 кролик уонна 375 тн комбикорм атыылаһарга былаанныы сылдьаллар.
Дьиэ кэргэн экэниэмикэтэ сайдыытыгар быһаччы үлэлэһэ сылдьар, үлэҕэ улахан уопуттаах Нөмүгү олохтооҕо Анастасия Гуляева, оҕуруот аһын үүннэрии уонна туох сатабылга үөрэммитин туһунан санаатын үллэһиннэ:
— Покровскай дааҕы ОПХ 26 сыл агрономунан үлэлээбитим. 1995 сыллаахтан саҕалаан оҕолорум кыра эрдэхтэриттэн кинилэргэ дьоҕус сирдэри анааммыт үлэлииргэ үөрэппитим. Ити уһуйуум дьиэ кэргэн дьарыктаах буоларыгар төһүү күүс буолбута, оҕолорум билигин бары үлэһит дьоннор. Орто кыыспын улуус, өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин олохтоох бэйэ аһынан хааччый диэммит, бааһынай хаһаайыстыба тэриммиппит. 2018 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын граныгар киирсэн 2 тыһ. 50 кв м иэннээх тэпилииссэ туттубуппут. Онно рассада олордон, хаппыыста, оҕурсуу, помидор үүннэрэн нэһилиэнньэни хааччыйабыт. 10 куул эрдэтээҥҥи хортуоппуйу рассадалаан олордон, от ыйын 16 күнүттэн хостоон боруобалыыбыт уонна 20 күнүттэн атыыга таһаарабыт. Нөмүгү нэһилиэгэр күөх төлөн баарын таһынан, сайыҥҥы уу ситимэ 100% тардыллан үүнээйи үүннэрэргэ олус табыгастаах. Биһиги улахан туһалаах үлэни оҥоро сылдьабыт, тиэргэнтэн дохуот ыламмыт дьиэтээҕи бүддьүөппүтүн хаҥатабыт. Ким наадалаах киһиэхэ сүбэ-ама биэрэбит, көмөлөһөбүт, — диир Анастасия Николаевна.
Дьарыктаах-түбүктээх киһи өрүү үөрэнэрин быһыытынан, кини олус үчүгэйдик уруһуйдуурга үөрэммит, иискэ-ууска сыстыбыт. Итини таһынан туой иһити оҥоро үөрэнэ сылдьар сатабылыттан бэристэ. Манна барытыгар олохтоох дьаһалта (баһылык Н.В. Устинов) дьоҥҥо утары баран, босхо үөрэх куурустарын ыыттарарын махтанан бэлиэтээтэ.
Нөмүгү нэһилиэгиттэн «Ньургуһун» түмсүү салайааччыта Августа Гаврильева:
— Идэбинэн бэтэринээринэй бырааспын, өр сылларга үлэлээн баран бочуоттаах сынньалаҥҥа барбытым. Оччолорго биэс ынахтаах, сылгылаах этибит. Ол олорон киһи тугунан эмит дьарыктаныахтаах, диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. 1993 сыллаахха Нөмүгү нэһилиэгэр 460 сибиинньэ баара, кэтэхтиин 1000-тан тахса ынах сүөһүлээх этибит. Уопсайынан ынах-сылгы сүөүһүбүт 3000-тан тахса төбө этэ. Итиччэ сүөһүлээх буоламмыт, уларытыы уонна ыһыллыы, хамнас кэлбэт кэмнэригэр улахан оҕустарыыны көрсүбэккэ туораабыппыт. Онтон билигин балаһыанньа хайдаҕый?, билигин Нөмүгү үрдүнэн биир да сибиинньэ суох. Оччолорго 460 сибиинньэ иитэрбитигэр, биһиэхэ Хаҥаласка комбикорм оҥорор «Дэлэгэй» диэн собуот баара, кинилэр сүүрүк сылгыларга, ынах сүөһүгэ, сибиинньэ, куурусса комбикорматын, оннооҕор ыт эбии аһылыгын оҥороллоро. Хачыкаакка бурдук тардар собуоттаах этибит, олор билигин суохтар. Биһиги оҕолорбутун бэйэ сүөһүлээх-астаах буоламмыт олохтоох үүтүнэн-этинэн, сүөгэйинэн, суоратынан, күөрчэҕинэн, ынах арыытынан аһатан, орто доруобуйалаах дьону улаатыннарбыппыт. Бэйэ аһа-үөлэ, саха киһитигэр саамай улахан суолталаах дии саныыбын. Билигин эдэр ыаллар сүөһү ииппэттэр. Мин этэр этиим диэн оҕолоргутун доруобай гына иитэргитигэр анаан, саатар биир-икки ынаҕы иитиҥ диэн этэбин. Нэһилиэктэргэ билигин сүөһү-ас 60-гар чугаһаабыт саастаах дьоҥҥо баар. Биһиги хайаан да, кэпэрэтиип тэриниэхтээхпит. Уулаах Ааннар Аянитов диэн уу баһар массыынаҕа үлэлиир киһилэрэ, от оттуур мобильнай биригээдэ тэриммит. Биир улахан арыыга киирэн 300-чэ туонна оту оттообуттар. Онон, бу дьоннор хаһаас пуонданы оҥорбуттар. Ол түмүгэр кураан кэмигэр кэтэх сүөһүлээх дьон, арыый чэпчэки сыанаҕа оттонон хаалаллар. «Ньургуһун» түмсүүбэр 100 киһилээхпин, манна эдэр ыаллар эмиэ бааллар. Нөмүгүгэ уруккуттан оҕуруоччуттар олороллор. Урукку Покровскайдааҕы ОПХ дириэктэрэ И.Д. Захаров диэн агроном идэлээх, тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата баар. Агрономнар олунньу, кулун тутар, муус устар, ыам ыйдарыгар маастар-кылаас ыыталлар. Тиэргэҥҥэ туох үүнээйини олордуохха сөбүн үөрэтэллэр, икки сыл үөрэннибит. Ол түмүгэр биһиги билигин агрономнартан итэҕэһэ суох оҕурсуу, хортуоппуй, помидор олордон үүннэрэр буоллубут, маннык ыаллар Нөмүгүгэ элбэхтэр. «Тиэргэнтэн отоннуохтаахпыт» диэн хайысханы тутустубут. Онон биһиги моонньоҕону, хаптаҕаһы, дьэдьэннэри, клубникалары, түмүктэ, облепиха курдук көрүҥнэри олордон үүннэрэбит, — диэн үгүс элбэх сатабыллаах оҕуруоччуттар тустарынан кэпсээтэ-билиһиннэрдэ, сүбэлэри биэрдэ, этиилэри киллэрдэ.
Кэлиҥҥи сылларга Нөмүгүгэ ордук куһу-хааһы, павлины, индюгу, козаны, кролигы иитиини атаҕар туруоран эрэллэр, бу салаанан элбэх оҕолоох ыаллар Александр уонна Акулина Уваровскайдар дьарыктаналлар:
— Биһиги дьиэ кэргэн 6 оҕолоохпут, 5 сиэннээхпит. Дьиэ кэргэн чөл туруктаах, доруобай оҕолордоох буоллаҕына сайдыылаах буолар. Биһиги оҕолорбутун, сиэннэрбитин хайдах үчүгэй хаачыстыбалаах аһылыгынан аһатабыт, диэн санааттан түргэнник ситэр салааны сайыннарарга ылсыбыппыт. Оҕону иитиигэ эттэххэ, кинилэри кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыһыаран улаатыннарыы бары өттүнэн туһалаах уонна көмөлөөх эрэ буоллаҕа. 10-тан тахса сыллааҕыта, нэһилиэнньэ Дьарыктаах буолуутун Кииниттэн көтөрү иитиигэ көмө харчы ылбытым. Ити үппүнэн, ол саҕана суох инкубаторы сакаастаан ылан үлэлээн барбыппыт. Салгыы нэһилиэкпит дьаһалтата сайылык сирэ биэрбитэ. Онно туһааннаах тутуулары ыыппыппыт, көтөрдөрбүтүн, кыылларбытын иитэрбитигэр олус табыгастаах буолбута. Үлэһит, хоһуун киһи оҕуруот олордон, дьиэ кыылларын-көтөрдөрүн, ынаҕы сүөһүнү көрөн-истэн үчүгэйдик олорор. Тыа сиригэр олорор киһи наһаа судаарыстыбаҕа сэлээннэммэккэ, дьиэ кэргэнин холкутук иитэр кыахтаах дии саныыбын, — диэн Акулина Александровна этэр.
Өктөмтөн Владислав Ксенофонтов семинар-практикумҥа эдэр ыччат, оҕо дьон суохтарын бэлиэтээтэ. Светлана уонна Владислав Ксенофонтовтар дьиэ кэргэн бэйэлэрин икки оҕолорун таһынан, эбии сэттэ иитэр оҕолоохтор. Оҕолорун үлэҕэ хайдах сыһыарбыттарын кэпсээтэ, оҕо тугу баҕарарын учуоттуулларын тоһоҕолоото. Ол иһин оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн дьиэ кыылыгар, көтөрүгэр сыстан сөбүлээн улаатан иһэллэр. Бу семинарга, «Дьиэ кэргэн дьарыга» диэн үлэлэрин билиһиннэрдилэр. 4 сыллааҕыттан саҕалаан мүөттээх ыҥырыалары иитэллэр. Улахан кыыстара Ванесса Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын студентката, оҕо сааһыттан сөбүлээбит дьарыгын кэпсээтэ.13 сааһыттан көтөрдөрү, дьиэ кыылларын иитиһэн саҕалаан барбыт. Билигин кини көрүүтүгэр кустар-хаастар, индюктар, коза бараан бааллар. Ксенофонтовтар «Дьол уйата» бырайыактаахтар, оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ иитэн-такайан, эт-хаан өттүнэн эрчийэн, күүстээх санаалаах, мындыр булугас өйдөөх,тулуурдаах, туруоруммут соруктарын ситиһэргэ дьүккүөрдээх, кыайыгас-хотугас, хотоойу санаалаах буоларга иитэллэр. Сахаларга билигин оҕону дьиэҕэ иитии үгэс буолбут көрүҥнэргэ тутуһуллубат буолбуттара өр буолла. Онон, Ксенофонтовтар оҕону үлэнэн иитэр уопуттарын оскуолаларга тарҕатыахха наада.
Салгыы семинарга Дьэр нэһилиэгиттэн сылдьар Алексей Слепцов кроликтары,
Төхтүр олохтоохторо Николай Макаров кус-хаас, индоутка, Ньургун Багдарыын мүөттээх ыньырыалары иитии туһунан, Николай Ильин «Кэтэх хаһаайыстыбаны бэйэ күүһүнэн сайыннарыы», Тамара Осипова, «Хахсык» тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибин үлэтин туһунан үлэлэрин уопутун кэпсээтилэр, санаа атастастылар, хардарыта сүбэ бэристилэр. Түмүккэ семинар-практикум кыттыылаахтара, Эркээни хочотугар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар туруу үлэһит дьон потребительскэй кэпэрэтииби тэрийиини үөрэтэр, микрокирэдииттээһини сайыннарар, улуус дьаһалтатын көмөтүнэн, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин ылыыны тэрийэр, хас биирдии дьиэ кэргэн дьоҕус хаһаайыстыбалаах буолуутун ситиһэр, күөх төлөн гаас сыанатын чэпчэтиини туруорсар резолюция ылыннылар.
Тыа ыалын сүрүн дьарыга-ынах сүөһүнү, сылгыны иитиини, хортуоппуйу уонна оҕуруот аһын үүннэриини таһынан, түргэнник ситэр бородууксуйаны биэрэр салаа быһыытынан сибиинньэни, кууруссаны, куһу-хааһы иитиини сайыннарыы буолар. Хас биирдии тыа ыала кэтэх хаһаайыстыбатын табыгастаахтык оҥостон олоҕун тупсарынарыгар, оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтэн куоратынан-тыанан атыылаан харчылаһан дохуотун үксэтэригэр кыахта биэриэҕиҥ. Дьиэ кэргэн экэниэмикэтин күүскэ сайыннардахпытына эрэ, уустук кэмнэри этэҥҥэ туоруохпут.
Уйбаан Уйгуурап
Хаҥалас хаһыат сайтыттан: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/article/52017
Арассыыйа Киин Баанын салайааччыта Эльвира Набиуллина бу 2-с квартал түмүгэр, 3-с квартал саҕаланыыьыгар ыскылаакка сытар табаар атыыланан бүтүө, онон экэниэмикэ уларыта тутууга киириэ — диэн сэрэппитэ.
Эркээни хочотун 4 нэһилиэгин баһылыктара, улуус уонна нэһилиэк депутаттара, дьиэ-кэргэн экэниэмикэтин сайыннарар дьон түмсэн уопут атастаспыттара олус туһалаах дьыала.
Бу семинар-практикум дьиҥэр эдэр ыалларга туһаайыылаах. Кэлэн иһиэр кэмнэргэ эдэр ыаллар булгуччу сүөһү иитэн, оҕуруот — хортуоппуй олордон кыһыҥҥа бэлэмнэниэхтэрин наада.
Мои посты на тему фермерского хозяйства:
Семейная экономика — наш ответ коронавирусу covid-19!
Клубника во дворе! Лето 2020 года!
Новые технологии для усадебных хозяйств Якутии.
Новые технологии для усадебных хозяйств Якутии — 2.
Мои вопросы на пресс-конференции спикера Ил Тумэн РС (Я) Петра Гоголева
Проект «Сайдыы» (Развитие) и новый сайт об усадебном хозяйстве Якутии
Национальная идея народосбережения Республики Саха (Якутия)
Доклад члена Высшего Совета Старейшин (Ытык Субэ) Республики Саха Иннокентия Аммосова
Эволюция системы расселения Якутии: долгосрочные тренды и видение будущего
Электричество и интернет в тайге и тундре! Традиционная хозяйственная деятельность и инновации
Направления развития МР «Намский улус». 24.02.2021 г.
Иван Горохов об усадебном строительстве в Арктике
Предложения помощника Первого Президента Республики Саха!
Михаил Николаев: «Дойти до каждого человека!»
Сбудется ли светлая мечта народа?
Ботанический сад СВФУ. Купил еще 3 саженца облепихи!
С Николиным Днем! С Днем сайылыка!
Размышления о прошлом, настоящем, будущем родного села
О первых поселенцах на ямщицкой станции Жура
«Саханами» в Ботаническом саду СВФУ!
Холомо Анатолия Чомчоева. Технологии предков в XXI веке!
Сезон 2021 года: купил системы полива фирмы «Жук»!
Агая Шадрина Сиинэҕэ торт оҥорон атыылыыр
Дмитрий Климовский об участии в программе «Агростартап» и о получении социального контракта
Турбаза «Ямщицкое подворье» в Синске!
Якутская вишня в программе «Подворье» телеканала «Якутия24»
Выращивание микрозелени в программе «Подворье» телеканала «Якутия24»
Фермер Александр Иванов о своем хозяйстве, о получении гранта на развитие семейной фермы
Новые технологии: Круглогодичная теплица для клубники в селе Немюгюнцы Хангаласского улуса!
Хахсык. Впечатления от сайылыка (летника)
Красота для якутского села! Александра Павлова строит свою мечту!
Лето продолжается: республика встречает новые вызовы.
Сайылык, где работал Гаврил Чепалов!
Агростартапы из Булгунняхтаха!
Новости нашей дачи. Сезон 2021 года.
Департамент сельского хозяйства Хангаласского улуса приглашает на Ярмарку выходного дня!
В Покровске состоялась выставка-ярмарка выходного дня
Поздравляю победителей конкурса «Агростартап-2021»!
Поздравляю победителей конкурса «Развитие семейных ферм — 2021»!
«Туймаада» Агрохолдинг икки саҥа программалара — Идэһэ уонна Откорм!
Наконец-то похолодает! Наступает сезон забоя скота (Идэһэ)!
Жители села демонстративно жгут некачественное сено из Амурской области.
Нелли из Амги снова в списке невест на выданье!
О новых технологиях в сельском хозяйстве
Идэһэ — 2021! Конезавод «БЭРТЭ» реализует нежнейшую говядину высшего сорта!
Почему якутяне все чаще выбирают местную продукцию?
Продолжается 10-летие семейных фермерских хозяйств ООН
В Якутии прием заявок на конкурс грантов «Агростартап» стартует в начале 2022 года
Рассказ Ивана про Агростартап!
Самозанятый Семен Ефремов открыл для себя перспективную отрасль животноводства
Наталия Мир: Сити-фермерство – это способ обеспечить северный регион качественной продукцией
«Сельская семья – залог сохранения традиционного уклада жизни якутян»
Семейная экономика в Якутии: опыт 2020 — 2021 гг.
В мире голодает 1 млрд. человек, в России — 9 миллионов: мнение Алексея Гордеева
Евдокия Вензель: Мы решились на участие в конкурсе «Агростартап-2022»
Фермер Розалия Петрова о выращивании картофеля
Капельное орошение картофеля в Якутии на примере с. Едяй Хангаласского улуса
Жизнь в селе. Едейцы не ищут легких путей и смотрят в будущее с оптимизмом
Призыв фермера Сергея Латышева к населению!
Поддержка молодых специалистов АПК в Якутии в 2022 году!
Начался прием заявок на грант «Агростартап»!
Поездка в южные наслега Хангаласского улуса 6.04.2022
Крупнейшее в республике овощехранилище — склад «Пятитысячник» АО «Якутоптторг»
ХОТОН-ХОНУУ ҮЛЭҺИТТЭРЭ ТҮӨСКҮТҮН МӨТӨТҮН
Победителям «Агростартапа-2022» рекомендуют выбрать патентную систему налогообложения
В Якутии объявлен конкурс грантов на развитие семейной фермы
Якутию посетил директор ВНИИ коневодства Александр Зайцев!
30 лет АККОР Якутии: взгляд фермера из Чурапчи!
Мой сайт: https://nikbara.ru/
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287
Содержание моих дневников в архиве Якт.ру https://dnevniki.ykt.ru/NikBara/1081021#more
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt
«Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin