«Ньургуһун» түмсүү чилиэнэ Наталья Егоровна Скрябина кэргэнинээн Алексей Николаевичтыын Нөмүгүгэ хортуоппуй үүннэрэр бааһынай хаһаайыстыба быһыытынан биллэллэр. Кинилэр соторутааҕыта хортуоппуйу көрүүгэ-харайыыга, ыһыыга маастар-кылаас ыыттылар.
Скрябиннар оҕуруот аһын харайар олус бэрт маҥхааһайдаахтар. Манна хортуоппуйдара биир температураҕа тутуллар буолан үчүгэйдик кыстаан турбут. Алексей Николаевич маастар-кылаас кыттыылаахтарыгар хортуоппуй бааһынатын таҥастааһын, үүннэрии технологиятын кэпсээтэ. Ол курдук, кинилэр хортуоппуйдарын кирээдэтин икки арда 75-76 см буолар эбит. Кирээдэҕэ хортуоппуй икки арда 15 см арыттаах буоларын курдук олордоллор. Оччоҕуна хортуоппуй хойуу ото бэйэтэ бааһына сирин күн уотуттан, кураантан хаххалыыр диэн оҕуруоччут быһаарда.
— Сыл аайы бааһынаны фрезалатары сөбүлээбэппин. Биир сыл өрүү-өрүү хоруттарабын уонна дискалатабын. Күһүн сирин састаабын тупсаран ноһуом, кумах кутар эмиэ үчүгэй. Хортуоппуйу үүннэриигэ саамай наадалааҕа — сыыс оту ыраастааһын, – диэн Алексей Николаевич тоһоҕолоон эттэ. — Ону таһынан уу кутуутун сөптөөх кэмҥэ түбэһиннэрэн кутуохха диэн сүбэлиибин.
Маастар-кылааска кэлбит дьон бары хортуоппуй сиэмэтин атыыластылар. «Любава» суорт сымнаҕас, амтана да олус үчүгэй буолан ону талан ыллылар. Ону таһынан хортуоппуй үчүгэйдик кыстаабытын кини тас көрүҥэ туоһулуур. Сорохтор «Вармас» хортуоппуйу кытта ыллылар. Бу хортуоппуй амтана эмиэ олус үчүгэй, эрдэ ситэр эбит.
Наталья Егоровна сайын хортуоппуй түргэнник ситэрин баҕарар буоллаххытына хортуоппуйу арассаадалааҥ диэн сүбэлээтэ. Эрдэ таһааран араскылатан баран мас көөбүлүгэр үүннэрэн олортоххо хортуоппуй эрдэ ситэр, сайын эрдэ сиэххэ сөп буолар эбит. Саамай эрдэ ситэр хортуоппуй суорда — «Ранний Тулунский» диэн сүбэлээтилэр.
— Үлэһит ыал Скрябиннар оҕолоро оҕо саастарыттан дьонноругар көмөлөһөн, бааһынаҕа хортуоппуй ыһан-хомуйсан, сыыс отун ыраастаан, үлэ оскуолатын ааспыттара. Билигин кинилэр бары туруу үлэһит, үөрэхтээх дьон буолбуттара оҕону үлэнэн иитии сөптөөҕүн туоһулуур, — диэн оҕуруоччуттар түмсүүлэрин салайар Августа Гаврильева бэлиэтээн эттэ.
Хортуоппуй — иккис килиэппит. Онон бу маастар-кылаастан сылдьыбыт дьон элбэҕи билэн, астынан тарҕастылар.
Ольга Гермогенова
«Хаҥалас» хаһыат сайтыттан: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/article/54607
Мои посты о семейной экономике, о саде и огороде:
Семейная экономика — наш ответ коронавирусу covid-19!
Клубника во дворе! Лето 2020 года!
Новые технологии для усадебных хозяйств Якутии.
Новые технологии для усадебных хозяйств Якутии — 2.
Электричество и интернет в тайге и тундре! Традиционная хозяйственная деятельность и инновации
«Саханами» в Ботаническом саду СВФУ!
Холомо Анатолия Чомчоева. Технологии предков в XXI веке!
Сезон 2021 года: купил системы полива фирмы «Жук»!
Выращивание микрозелени в программе «Подворье» телеканала «Якутия24»
Новые технологии: Круглогодичная теплица для клубники в селе Немюгюнцы Хангаласского улуса!
Новости нашей дачи. Сезон 2021 года.
Наталия Мир: Сити-фермерство – это способ обеспечить северный регион качественной продукцией
Семейная экономика в Якутии: опыт 2020 — 2021 гг.
Начинается сезон рассады 2022 года! День первый!
Фермер Розалия Петрова о выращивании картофеля
Капельное орошение картофеля в Якутии на примере с. Едяй Хангаласского улуса
Бэйэҕэ эрэниэххэ – үлэни өрө тутуохха!
Айахпытын бэйэбит ииттэр кыахтаахпыт
В теплицах АГАТУ начали продавать рассаду цветов и овощей!
Мой сайт: https://nikbara.ru/
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/ — ежедневно публикую материалы о семейной экономике и усадебном хозяйстве. Новостной агрегатор.
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287
Содержание моих дневников в архиве Якт.ру https://dnevniki.ykt.ru/NikBara/1081021#more
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt
«Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin