Саха оскуолата элбииригэр үтүөтэ сүҥкэн

Доҕорум Николай Константинович Чиряев туһунан Рустам Каженкин «Саха Парламент» хаһыакка тахсыбыт ыстатыйата уонна 2018 с. ыам ыйыгар Н.К.Чиряев этиитин Ютуб видеота.

Николай Константинович Чиряев личность быһыытыан сахаҕа эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн улахан бэлиэ киһи. Ол аҥаардас саха үөрэҕин Дьокуускай куоракка олохсутууга үтүөлэринэн эрэ буолбакка, бу эйгэҕэ ураты истиҥ сыһыанынан, ураты көрүүтүнэн, дьиҥнээх тапталынан.

Дьокуускайга, уопсайынан, Саха Сиригэр да, төрөөбүт тылынан үөрэтиини гимназия таһымыгар тиэрдии сайдыы саҥа түһүмэҕин быһыытынан 1990-с сыллар саҥаларыгар көрүллэн, үлэ-хамнас онно туһаайыллыбыта. Этэргэ дөбөҥ. Оччоттон 2006 сыллаахха диэри Николай Константинович араас кыһалҕа эҥээрин эт илиитинэн тэлэн, модун санаатынан солоон, бэйэтин тула дьону түмэн, тылыгар киллэрэн, билигин ол уруккуттан баарын курдук Дьокуускай куораттааҕы Национальнай гимназия диэни иһиттэхпитинэ, үөрэ-долгуйа, киэн тутта саныыр буоллахпыт. Күчүмэҕэй үгүс этэ, суохтан баары оҥоруу буоллаҕа. Николай Чиряев үөрэҕин төрдө биир – дойдуга, дьоҥҥо тапталынан сыһыаннаһыы, куруук холобур буолуу. Ити эмиэ судургу буолбатах. Кинилэр бэйэлэрин доруобуйаларын олохторун ыра санаата гыммыт соруктарыгар толук уурбуттара.

Бастакы тутуу этэ

Николай Константинович Чиряев сырдык аата миэхэ мэлдьи сырдык. Атын буолуон сатаммат курдук. Мин кинини аан маҥнай 2005 сыл муус устарыгар «Саха Сирэ» хаһыакка үлэлиир кэммэр матырыйаал оҥороору билсибитим. Ол саҕана Саха гимназията (ЯГНГ диэн кэлин буолбута) Орджоникидзе уулуссатыгар баара. Мин онно тиийдим. Миигин бэрт кыра эрээри, олус элбэх маллаах-саллаах хоско, “дириэктэр бу баар” диэн сирдээн, аҕалан билиһиннэрдилэр.

Мин саҥа тутуллан эрэр гимназия дьиэтин туһунан ыстатыйа суруйан эрэрбин кэпсээтим. Николай Константинович үөрэ-көтө саҥа дьиэ бырайыагын көрдөрдө уонна эмискэччи: «Чэ, баран көрүөххэ!» — диэтэ уонна бэрт улгумнук хомунан киирэн барда. Тутуубут да сирэ чугас эбит. Ол кэмҥэ мэҥэ тутуу көҥдөйө бүтэн, үлэһиттэр муостатын оҥоро сылдьаллара. Онно сөхпүтүм диэн, кини бары хоһун, бары кириэлиһин, манна туох баар буолуохтааҕын эндэппэккэ билэр эбит этэ. Тутуу, кырдьык да, суолталааҕа, тоҕо диэтэххэ, саха оскуолатыгар анаммыт бастакы тутуу этэ.

9a550c95 6bea 4e4c 855f 4bbb7644a3a9 1

Иккис көрсүһүү Айыы кыһатыгар үлэлии кэлэрбэр буолбута. Ол 2011 сыл күһүнэ. Биһиги оскуола ЯГНГ иһинэн үлэлиир, онон үлэҕэ киирээччилэр ити кэмҥэ хайаан да дириэктэргэ киирэ сылдьыахтаахтар диэн үгэс баара. Киниэхэ киирэн кэлээппин кытта, Николай Константинович: «Эн эбит дуу?» — диэбитэ уонна: «Этэҥҥэ үлэлээ, Айыы кыһатын ааттатар наада», — диэбитэ.

Нөҥүө сылыгар оскуолаҕа дириэктэри административнай-хаһаайыстыбаннай боппуруоска солбуйааччынан анаабыттара. Дьиҥэр, Лидия Петровна солбуйааччыта этим буолан баран, докумуонунан Николай Константинович солбуйааччыта этим. Онон киниэхэ үгүстүк сылдьарым, сүбэлэһэрим.

Ити сыл кини биһиги оскуолаҕа «Приобретение» диэн ыстатыйаны туспа арааран көрүллэригэр дьаһал ылыммыппыт, инньэ гынан миэхэ эмискэ 1 мөлүйүөн 200 тыһыынча солкуобайы аттарыы соруга турбута. Манна даҕатан эттэххэ, ол кэмнээҕи атыыласпыт малбыт оскуолаҕа билигин да этэҥҥэ үлэлии турар.

«Миэнэ» уонна «уопсай» ыпсыылара биирэ

Эмиэ ити сыл сэтинньи ыйыгар кини, Лидия Петровна, Ирина Павловна, Марк Николаевич уо.д.а. буоламмыт Волковскай ааҕыыларга ыраах Калмыкияҕа айанныыр буоллубут. Мин бу иннинэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр сылдьыбатах киһи наһаа долгуйабын. Москуба нөҥүө ааһабыт.

Биһиги онно Лидия Петровна уола Платон көрсүбүтэ уонна тутатына Кыһыл болуоссакка илдьэ барбыта. Мин буоллар хараҕым массыына түннүгүттэн арахпат, ону көрөн, дьонум үөр да үөр буолаллар. Оттон мин үөрүүм кэмнээх буолуо дуо? Тиийээт да, массыынаттан түспүт сирбит — Кыһыл болуоссат брусчатката. “Тыый!” диэн буолла. Эмиэ үөрүү, үөрүү ухханыгар хаартыскаҕа түһүү.

 Түүҥҥү Москубаны эмиэ кыратык көрөн баран, хонор сирбитигэр тиийдибит. Нөҥүө күнүгэр Элиста диэн истиэп тулалаах кэрэчээн куоракка тиийдибит. Манна Николай Константинович дэлэгээссийэ салайааччытын быһыытынан куруук инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Бэрт сырыы этэ. Көрүдьүөстээх. Өссө Дьокуускай аэропордугар олордохпутуна, кини мин Саха Сирин тас өттүгэр саҥа тахсыбыппын билэн баран наһаа соһуйбута уонна 5000 солкуобайы туттаран кэбиспитэ. Мин туттарбар соччо элбэҕэ суох үптээх этим, онон үөрдэҕим дии.

aa05a4bd 0f32 4418 91b3 eda16b70e8b9

Арай Москубаҕа тиийбиппит кэннэ, биир аргыһым: «Ити бэйэҕэр буолбатах, оскуолаҕа биэрдэ», — диэн олуйан, “ону ылыахха”, “маны ылыахха” диир. Мин төрүт биэриэхпин баҕарбаппын, аны бэйэбэр биэрбитэ диэхпин эмиэ хайдах эрэ. Чэ, ол курдук быһа буккуллан, син ону-маны ыллыбыт быһыылаах этэ. Бу гимназияҕа сорох ардыгар «миэнэ» уонна «уопсай» диэн өйдөбүллэр ыпсыылара биирин кэлин биирдэ өйдөөбүтүм.

Онтон манна үлэлээбитим үһүс сылыгар иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччынан анаабыттара. Кэмиттэн кэмигэр гимназияҕа мунньахтар буолаллара. Оо, онно Николай Константинович биһигиттэн сылтаан төһөлөөх элбэхтэ ыстарааптаммытын айбыт айыыта бэйэтэ билэр. Биһиги туһунан докумуоммут суох, Оҕо дыбарыаһыгар «на птичьих правах» олоробут, ол аайы бэрэбиэркэ да сырыы аайы тумнубат буоллаҕа. Тумнар да буоллаҕына, сүбэ бэрээдэгинэн, ол да кини уонна Лидия Петровна үтүө ааттарынан.

Биһиги, кэриэйэлэр

2013 сыл сааһыгар “Соҕуруу Кэриэйэҕэ бараҕын” диэн буолла. Мин бэркэ соһуйдум да, үөрдүм да. Кэлэ-бара суолбутун университет уйунар, онон туттар эрэ харчы наада. Үс улахан дэлэгээссийэ — Н.К. Чиряев салайааччылаах ЯГНГ, А.К. Семенов салайааччылаах 2-с оскуола уонна М.С. Томскай салайааччылаах Бүлүү педколледжа.

8a3040d6 b1ed 47b3 a3b2 35700e5944bd

 Наһаа үчүгэй сырыы этэ. Онно итинник хабааннаах сырыы ымпыгын-чымпыгын туһунан Николай Константинович үгүстүк кэпсээбитэ, бэйэтинэн элбэх холобуру көрдөрбүтэ. Сынньанар да сылаалаах буолар эбит этэ да, биһиги биир да түһүлгэҕэ хойутаабатахпыт, тардыллыбатахпыт. Ити кэмҥэ «биһиги, кэриэйэлэр» диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Күн бүгүн да ол дьоммунаан билсэ турарбынан киэн туттабын. Дьиҥэр, итиннэ хапсымыахпын эмиэ сөп эбит этэ. «Ити саҥа кэлбит уолу, саатар, филиал үлэһитин тоҕо илдьэҕин?» — диэн утарылаһааччылар да бааллар эбит. Ол эрээри Николай Константинович санаатын уларыппатах, илдьэбин да сабаас диэбит. Онон наһаа эппиэтинэстээх сырыыга сылдьыбыппын кэлин өйдөөбүтүм. Ити сырыы кэлин Айыы кыһата саҥа дьиэтин бырайыагын оҥорорго улахан тирэх буолбута.

Барыта ис сүрэхтэн этэ

Мин киниэхэ мэлдьи биири сөҕөрүм: баҕар бэйэтэ тыыннааҕар этэ-тыына сылдьыбатаҕа буолуо эрээри, саха оскуолата элбииригэр элбэх дарбаана суох улахан үтүөлэрдээх киһи — кини. Саха гимназията, Айылгы, Айыык кыһата, «Кыталыктар» бөлөх (19-с оскуола) уонна гимназия бэйэтэ атахтарыгар туруулара, үүнэн-тэнийэн барыылара кини аатын кытта быһаччы ситимнээх.

 Гимназиятыгар сыһыана олох ураты этэ. Мин ону өссө 2005 сыллаахха тута сэрэйбитим. Манна хас биирдии муннук, оҕо санаата, үлэһит сатабыла куруук биир хайысхалааҕа — ис сүрэхтэн диэн. Николай Константинович ону сатыыра уонна ол сатабылын сөпкө туттан норуотугар улахан өҥөнү хаалларан барда. Биһиги ону умнуо суох кэриҥнээхпит.

Рустам Каженкин

«Саха парламент» сайтыттан: https://www.sakhaparliament.ru/obshchestvo/11849-2022-07-05-07-12-48

Н.К.Чиряев Дьокуускай куораттааҕы Национальнай Гимназия олипиадниктарын слеттарыгар тыла, 2018 с. ыам ыйа:

Мин блогпар үөрэҕирии туһунан:

Встреча директоров сети Президентских школ РС (Я) с Первым замминистра образования РФ Д.Е. Глушко с участием М.Е.Николаева

1 сентября 2002 года в Тит-Аринской средней школе!

Выступление Михаила Ефимовича Николаева на Августовском совещании

Хамаҕатта Саха-Французскай лицейыгар Билии Күнүгэр көрсүһүүлэр.

В Якутске на базе Республиканского лицея-интерната открылся «Роснефть-класс»

Торжественное открытие Октемской школы-сада 15 сентября 2021 года!

В Октемском НОЦ изучают искусственный интеллект

Изучение якутского языка в интернете! Скоро новый портал!

Саха норуотун оҕону иитэр үөрүйэхтэрэ

Саха национальнай гимназиятыгар буукубаардыын быраһаайдаһыы!

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн! С днем якутского языка и письменности!

«ЗА РУССКИЙ ЯЗЫК Я УМРУ»

Сегодня Международный день родного языка!

Республиканский День дарения родной школе в рамках 25-летия Сети школ первого президента РС(Я) М.Е. Николаева.

Үс Көлүйэҕэ үөрэх дьылын түмүктүүр ыһыах ыһылынна

100-летие Техтюрского сражения Гражданской войны в Якутии

Өксөкүлээх — сахаларга этиитэ.

Мой сайт: https://nikbara.ru/ — блог о разных интересных событиях

Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/

Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara

Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287 — архив моих постов в Дневниках Якт.ру и новые посты о культурных событиях.

Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!

https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин

И на мои аккаунты в социальных сетях!

«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992

«В контакте» https://vk.com/nbaramygin

Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt

 «Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.