Хаҥалас улууһа былыр былыргыттан ааттанан кэлбит, Саха сирин баһылаан олорбут Мунньан Дархан, Дыгын Дархан кэмнэриттэн киэҥник биллэр улуус буолар.
Номохторго этиллэринэн Дыгын Дархан тимир куйахтаах 200 бухатыырдаах эбитэ үһү, ол аата бухатыырдары көрөр-харайар дьону кытта тыһыынча киһи кэриҥэ сэриилээх буолуохтаах.
Нуучча государствотыгар да киирэн баран Хаҥалас тойотторо Бүлүү өрүһүнэн олорор хаҥалас уустарыгар этиилэрэ ыйааһыннааҕын воевода канцеляриятыгар суруйуулар бигэргэтэллэр.
Хаҥалас 7 тунгус бииһин уустара диэн ааттанан Өлүөнэ эбэ илин биэрэгэр олорбут эбэҥки бииһин уустара Саха Сирин соҕурууҥҥу кытыыларын хайаларыгар дылы тэнийэн олорбуттар.
Нуучча судаарыстыбатыгар дьаһаах төлүүргэ хаҥалас тойотторо 500-түү киһилээх этэрээттэри тэринэннэр Амыр өрүскэ күндү түүлээх көрдүү бараллар эбит.
1860 сыллаахха Хаҥалас улууһун икки аҥыы араарбыттара биллэр.
Билиҥҥи кыраныыссатынан 1930 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр үөскээбитэ, аата 1937 сыллаахха диэри Арҕаа Хаҥалас этэ, онтон манна көскө олорбут Серго Орджоникидзе аатын ылбыта.
1992 сыл алтынньы 16 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү сэбиэтин XV-с сессиятын Орджоникидзевскай оройуон Хаҥалас диэн төрүт историческай аатын төнүннэрэр туһунан бэрэссэээтэл Климент Иванов илии баттааһыннаах уурааҕа тахсыбыта. Ити кэмтэн 30 сыл ааста.
Оройуон аатын уларытыы туһунан боппуруос өссө уларыта тутуу дьалхааннаах кэмэ саҕаланыыта 1990 сыллаахтан турбута. Оччотооҕуга «Ленские маяки», ордук сахалыы тыллаах туспа тахсан эрэр Николай Семенович Рафаилов салайар «Өлүөнэ очуостара» хаһыаппытыгар историческай ааппытыгар төннөрбүт уолдьаста диэн дьоһун дьоммут ыстаты-йалара тахсыбыттара, араас мунньахтарга дьон санаата иһиллибитэ, быһаарыныыга төрүөт буолар дьоһун төрдүлэрбит тустарынан итэҕэтиилээх сырдатыы күүһүрбүтэ. Биллэрин курдук, ону 1646 сылга диэри ыраахтааҕылаах Арассыыйа дьаһаах хомуйар докумуоннарыгар Хаҥалас волоһа нууччалыы «Хангаласский» диэн суруллубута оройуоммут төрүт-уус ааттааҕын туоһулуур. Хайа, уонна норуот номохторугар, үһүйээннэрбитигэр Саха сирэ биһигини хаҥаластарынан, Дыгын тойон ууһун дьонунан билинэн кэллэҕэ!
Ньурба, Таатта оройуоннарыгар төрүт аакка төннүү сымнаҕастык ааспыт эбит буоллаҕына, биһиэхэ утарсыылар бааллара. Манна хас да үйэлэргэ араас омук дьоно бииргэ алтыһан олорорунан, тыа хаһаайыстыбатын кытары промышленность сайдыыта күүскэ барбыт буолан, ону сэргэ кэлин сылларга Грузинскай ССР Орджоникидзевскай оройуонун кытары ыкса сибээһи олохтоон хардарыта ыалдьыттаһан, интернационализм тыына олохсуйбут кэмэ этэ. Ол эрээри хаҥаластар күүстээх санаалара баһыйбыта, дьокутааттар оройуоннааҕы Сэбиэппит IX-c сессиятыгар төрүт аакка төннөргө диэн быһаарбыттара, ону Өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтэ өйөөн бигэргэппитэ. Бу күнтэн ыла хаҥыл хаҥаластар ааппытын үрдүктүк тутан кэллибит. Улууспут сайдыы, билии-көрүү, аан дойдуга чөл айылҕабытын тута сылдьар туризм киининэн буолар. 1992 сыл алтынньы 20 күнүгэр СӨ Үрдүкү сессиятын кэскилбитин түстүүр дьоһун уурааҕа оройуоммут хаһыатыгар бэчээттэммитэ. Төрүт аат төннүүтүнэн бу күн кэлин норуодунай суруйааччы үрдүк аатын ылбыт Павел-Харитонов-Ойуку «Хаҥа-ластар» диэн өрөгөйү үрдэтэр «Кэнтик аайы охтубуттар кэриэстэрэ тиллиэҕэ, хорсуннук олорбуттар үтүө ааккыт эргиллиэҕэ» диэн тыллардаах хоһооно тахсыбыта, оччотооҕу салайааччыбыт Александр Васильев истиҥник эҕэрдэлээбитэ.
1992 сыл алтынньы 16 күнүгэр СӨ Үрдүк Сэбиэтин XV-с сессиятын уурааҕынан Хаҥалас диэн историческай ааппыт төннүбүтэ. Бу даатаны, дойдуга уустук кэм да буоллар, сэмэйдик эрээри дьоһуннук бэлиэтээн аһардыбыт. Култуура киинигэр улуус сайдыытын кэпсиир стендэлэр турдулар, норуот табаардарын, талааннаахтарын оҥоһуктарын быыстапката тэрилиннэ.
Общественность мунньаҕа Россия, Саха сирин өрөгөй ырыаларынан саҕаланна. «Өбүгэ быстыбат ситимэ» диэн фольклорнай дьүһүйүү саргыта салаллыбыт, урааҥхай уйата буолбут хаҥаластары уруйдаата. Бу Изольда Максимова «Дьулуур» уонна «Ай ситим» ансаамбыллар кыттыыларынан туруоруута олус табылынна.
Общественность мунньаҕа Россия, Саха сирин өрөгөй ырыаларынан саҕаланна. «Өбүгэ быстыбат ситимэ» диэн фольклорнай дьүһүйүү саргыта салаллыбыт, урааҥхай уйата буолбут хаҥаластары уруйдаата. Бу Изольда Максимова «Дьулуур» уонна «Ай ситим» ансаамбыллар кыттыыларынан туруоруута олус табылынна.
Улуус аата уларыйыытын унньуктаах балтараа сылын долгутуулаах түгэннэриттэн ахтыыны норуодунай суруйааччыбыт Павел Харитонов-Ойуку оҥордо. Ити киирсиилээх кэм туһунан анал оҥоһуллубут «Төрүт аат Хаҥалас» видео-роликтан оччотооҕуга санааларын дохсуннук трибунаттан тыл эппит дьоммутун бу баардыы кып-кылгастык көрөн аһардыбыт, ол иһигэр сэрии бэтэрээнэ Михаил Соколову, суруйааччы Василий Яковлев-Даланы, тыл үөрэхтээҕэ учуонай Михаил Иванов-Багдарыын Сүлбэни, кыраайы үөрэтээччи, учуутал Гавриил Герасимовы онтон да атыттары (киинэ толору сэтинньи 1 күнүгэр көрдөрүллүөҕэ диэтилэр).
Бу күн наҕараадаламмыттарга эмиэ бэлиэ түгэн буолла. Ол курдук, үс чулуу дьоммутугар — 1-кы Малдьаҕар бочуоттаах олохтооҕор, СӨ Үрдүкү суутун судьуйатыгар Афанасий Никодимовка, ону сэргэ нэһилиэктэр бочуоттаах олохтоохторугар, үлэ бэтэрээннэригэр 2-с Малдьаҕартан Аҕалар сүбэлэрин салайааччытыгар Александр Максимовка, Өктөмтөн оройуоннааҕы сэбиэт дьокутаата Николай Константиновка «Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина» аата иҥэриллэн дастабырыанньалар, анал бэлиэлэр туттарылыннылар. Бу дьоро киэһээ Мосхсоҕоллоох оскуолатын дириэктэригэр Виталина Даниловаҕа «РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ», Булгунньахтаах оскуолатын учууталыгар Евдокия Егороваҕа «Хаҥалас улууһун ыччатын наставнига» бэлиэлэр, үлэҕэ, общественнай олоххо көхтөөх дьоммутугар Хаҥаластааҕы балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччытыгар Надежда Протодьяконоваіа, медсиэстэрэ Анисия Андрееваҕа, анестезиолог- реаниматолог-быраас Евгений Алексеенкоҕа о.д.а. улуус Бочуотунай грамоталара, араас биэдэмистибэлэр бэлиэлэрэ, махтал суруктара туттарылыннылар.
Тэрээһин «Хаҥаластар буолабыт» диэн өрөгөй ырыабытынан түмүктэннэ.
Хаҥаластар бэйэбит историябытын, култуурабытын харыстыырга, умнуллубуту, тумнуллубуту төнүннэрэргэ, сайыннарарга үлүскэн үлэни ыытабыт, хаһан баҕарар бигэ тирэхтээхпит, инникигэ эрэллээхпит. Покровскай 1 №-дээх орто оскуолатын учуутала Людмила Горохова уһуйар литературнай куруһуогун хороччу улаатан эрэр уолаттара сахалыы таҥнан сыанаҕа тахсан баай-талым ийэ тылларынан хоһоон ааҕан доргуппуттара бу үчүгэйин! Дьоһун көлүөнэ хаҥаластар албан ааттарын ааттатыахтара турдаҕа!
Источниктар: «Хаҥалас» хаһыакка Людмила Аммосова 16.10.2022, 19.10.2022, Мари Арс 20.10.2022 ыстатыйалара, хаһыат телеграм каналын уонна «Хангаласские» телеграм канал хаартыскалара.
2022 сылга Хаҥалас историятын уонна культуратын туһунан блогпар таһаарыыларым:
Саха Театрыгар Адам Васильевич Скрябин төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээһин
Встреча с искусством в Старый Новый 2022 Год!
100 лет засады на Нестора Каландарашвили. Историческая реконструкция!
Состоялось открытие Года исторической памяти в Хангаласском улусе!
Галина Макарова об истории села Едяй
20-й юбилейный Фестиваль «Играй гармонь, живи частушка»!
Видео и фото с открытия выставки «Память о прошлом и настоящем — для будущего»
Видео онлайн концерта в Николаев Центре 02.03.2022 г.!
Гитара и скрипка в Николаев центре!
Видео докладов об истории Хангаласского улуса!
«UhukTUU» — Праздник «День ледохода» в Покровске!
Экспедиция «Потомки государевых ямщиков»!
Памяти приленских государевых ямщиков!
100-летие Техтюрского сражения Гражданской войны в Якутии
2 сыллаах пандемия кэнниттэн Орто Дойду Ыһыаҕа ньиргиэрдээхтик ааста!
Первому научному описанию якутского Ысыаха — 285 лет!
Варвара Степанова, Нарияна Ренанто и Эркин Алексеев — виртуозы хомусисты мира!
Хаҥалаһы үлэнэн аатырдыбыт дьон туһунан кинигэбит таҕыста
День Еланки — праздник ямщицкой культуры! Памяти Анатолия Добрянцева.
Мой сайт: https://nikbara.ru/ — блог о разных интересных событиях
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287 — архив моих постов в Дневниках Якт.ру и новые посты о культурных событиях.
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt
«Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin