Кэлэн иһэр М.Е.Николаев 85 сааһын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр анаан СӨ бочуоттаах олохтооҕо Климент Егорович Иванов суруйбут саҥа ыстатыйата.
***
Ханнык баҕарар дойду бэйэтин сайдыытыгар туһунан историялаах. Историяҕа киирэр кэрдиис кэмнэр туохтан даҕаны тутулуга суох устан ааспаттар. Ол историяҕа киирэр хамсааһыннары салайар, норуоту түмэр, обществоны хамсатар, баһылыыр-көһүлүүр күүс наада буолар.
Бары өттүнэн кыахтаах салайааччы эппиэттээх кэмҥэ норуотун түмэр, араас тирээн кэлбит ыарахаттары туоруур, сайдыы суолугар таһаарар. Улуу Россия урукку уустук, аныгы даҕаны историята ону кэрэһилиир.
Дьэ итини этэн туран, Россия аныгы кэмнээҕи биир биллэр-көстөр, сатабыллаах, хорсун-хоодуот салайааччытын, Саха сирин, бүтүн Россия дьиҥнээх патриотын М.Е. Николаев туһунан, кини сотору 85 сааһын туолар үбүлүөйүнэн сибээстээн, норуокка бэйэм санаабыт тириэрдэбин.
Биллэрин курдук, 1990 сылларга ССРС сатарыйар, дойдуга өтөрүнэн буолбатах дириҥ экономическай, политическай кризиһэ сатыылаабыт кэмэ этэ.
Ити ыарахан дьылларга дойду кииниттэн, промышленнай регионнарыттан ыраах сытар, мөлтөх суоллаах-иистээх Саха сиригэр олорор дьоҥҥо ордук уустук балаһыанньа үөскээбитэ. Ол дьыллар дьалхааннара, уруккута улуу Сэбиэскэй Союз араас муннуктарыгар күөдьүйбүт политическай иирсээннэр, түгэҕэ көстүбэт таҥнары түһүүлээх экономическай кризис, туманынан бүрүллүбүт инники барыахтаах суолбутун торумнуур уустук күннэр-дьыллар бүрүүкээн ааспыттара отуттан тахса сыл буолла.
Ити иэрэҥ-саараҥ сылларга аан дойду биир бөдөҥ судаарыстыбатын укулаата күөрэ-лаҥкы баран, төрдүттэн саҥалыы дьаһанан олорууга киирии мунуулаах-тэниилээх кэмигэр Саха сиригэр общественнай хамсааһыны иилээбит-саҕалаабыт, Саха сирин нэһилиэнньэтин быстыыттан-ойдууттан араҥаччылаабыт, салайыы төрүт атын, аныгылыы ньыматын саамай табыгастаахтык олохтообут, экономиканы сөптөөх суолга киллэрбит саха норуотун чулуу уола Михаил Ефимович Николаев буолар.
Норуот номоҕор оҥоһуллубут дьыала ыраахтан үчүгэйдик көстөр диэн этиллэринии, М.Е. Николаев бэйэтин төрөөбүт норуотугар, Саха сирин бары олохтоохторугар оҥорбут сүдү өҥөтүн дьиҥнээҕинэн сыаналыыр кэм кэллэ. Ол туһуттан биһиги төрөөбүт дойдубут историятын ырыҥалаан көрүөхтээхпит. Соторутааҕыта биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылын бэлиэтээтибит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах историятыгар тосту уларыйыылаах икки кэрдиис кэми бэлиэтиир наада. Ол 1922 сыллаахха, Гражданскай сэрии кэнниттэн, дойдуга быстыы-ойдуу кэмигэр Саха сиригэр автономия статуһун иҥэрии, судаарыстыбаннаһы олохтооһун. Ол кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар реформаны ыытыы. Ити социализмы тутуу олук кэмэ. Ити социалистическай сайдыы уратыларын билигин дьон-сэргэ бэркэ билэр. Бу сүҥкэн суолталаах дьаһаллары саҕалаабыт дьонунан М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, И.Н. Барахов буолаллар. Кинилэр ааттара Саха сирин уһулуччулаах политическай, судаарыстыбаннай деятеллэрин быһыытынан биһиги историябытыгар бигэтик киирдилэр. Манна даҕатан этэр буоллахха, Михаил Николаев саха чулуу дьонун үтүө ааттарын тилиннэриигэ уонна үйэтитиигэ элбэх дьоһуннаах үлэни ыыппыта. 1994 с. муус устар 27 күнүгэр «О восстановлении справедливости в отношении репрессированных в 20-30-е годы представителей якутского народа» диэн РФ Президенин анал Ыйааҕа тахсарын тус бэйэтинэн ситиспитэ. Дьэ ол кэнниттэн саха чулуу дьонун ааттарын үйэтитиигэ элбэх үлэ ыытылынна: кинилэр ааттарынан болуоссаттар, уулуссалар, музейдар баар буоллулар, памятниктар турдулар. Норуот чулуу дьоннорун кэриэстиир итинник бэлиэлэр аан дойду үрдүнэн киэҥник туттуллар.
Итини этэн туран, тус бэйэм туох даҕаны саарбахтааһына суох Саха сирин историятыгар судаарыстыбаннаһы олохтообут, норуот хаһаайыстыбатын салайыыны сөптөөх суолга таһаарбыт саха норуотун чулуу уолаттара М.К. Аммосов, И.Н. Барахов, П.А. Ойуунускай кэнниттэн М.Е. Николаевы, өрөспүүбүлүкэ бастакы Президенин, аныгы Саха сирин реформаторын быһыытынан сыаналыыбын уонна өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтоохторо ити сыанабылы кытары сөбүлэһиэхтэрэ диэн эрэнэбин.
1990 сыллаахха ылыныллыбыт судаарыстыбаннай суверенинет туһунан Декларацияҕа уонна 1992 сыллаахха бигэргэтиллибит Конституциябытыгар демократическай, дьон быраабын көмүскүүр судаарыстыбаннаһы олохтуур, биһиги өрөспүүбүлүкэбит экономическай өттүнэн туруктаах уонна сокуоннарга олоҕуран сайдар Российскай Федерация биир тутаах өрөспүүбүлүкэтэ буоларын туһунан ыйыллыбыта. Ити Саха сирин сайдыытын төрдүттэн уларыппыт, сайдыы саҥа суолугар киллэрбит дьоһуннаах докумуоннары бэлэмнээһини, ылыннарыыны уонна олоххо киллэриини М.Е. Николаев иилээн-саҕаалан ыыппыта. Кини судаарыстыбаннай былаас оруолун быдан үрдүк таһымҥа таһаарбыта, норуокка ордук чугаһаппыта. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын Россия Киин былааһын кытары сибээһи хаһааҥҥытааҕар даҕаны үрдэппитэ. Саха сирин сайдыытыгар саҥа олугу уурбута. Онтон ыла Саха Өрөспүүбүлүкэтэ автономияттан көҥүл өттүнэн аккаастанан, Россия Киин былааһын кытта саҥалыы дьиҥнээх федеративнай сыһыаннаһыыны олохтообута. Сир баайын туһаныыга быраап ылан, экономическай сайдыыны өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ былааннаан норуот интэриэһигэр хайыһыннарар суолга турбута. Россия Киин былааһын кытары чугастык өйдөһөн, өрөспүүбүлүкэ үрдүк статуһун, киэҥ боломуочуйалары ылбыта. Михаил Николаев итинник суолунан сайыннаран, Улуу Россия судаарыстыбатын Уһук Илин эҥэригэр форпост буолар соругун саҕалаабыта.
Өрөспүүбүлүкэ бастакы Президенэ М.Е.Николаев норуот өйүн-санаатын уһугуннарбыта, саха дьоно, олохтоох норуоттар омук быһыытынан сайдалларыгар, цивилизация үрдүк чыпчаалыгар талаһалларыгар олук уурбута, дьоҕурдарын сайыннарбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ ону иилии-саҕалыыр судаарыстыбаннай органнары кытары сэргэ, араас общественнай тэрилтэлэр үлэлээбиттэрэ. Норуот үөрэҕириитигэр, доруобуйа харыстабылыгар, физическэй культураҕа уонна спорка бөдөҥ уларыйыылар барбыттара. Ити салаалары үбүлээһин улааппыта, аныгылыы сайыннарыыга, саҥаны киллэриигэ улахан хардыылар оҥоһуллубуттара. Материальнай базалара саҥа тэриллэринэн хааччыллыбыттара, технологияны баһылааһын саҕаламмыта.
Өрөспүүбүлүкэ сайдыытын саҥалыы тэрийэри ситиһэргэ кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ күүстээх үлэ барбыта, саҥа үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ арыллыбыттара. Дьоҕурдаах эдэр ыччат Россия бастыҥ үрдүк үөрэҕин тэрилтэлэригэр уонна дойду тас өттүгэр үөрэнэллэрин тэрийиигэ анал департамент үлэлээбитэ, аныгы Саха сирин кадрдара уһаарыллан тахсыбыттара.
2000 сылга диэри тыа хаһаайыстыбатын олох ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн уларыта тутуу хайысхата олоххо киирбитэ. Олус ыарахан, Россия үрдүнэн сир боппуруоһун быһаарыыга бытаарыы тахсыбытын үрдүнэн, Саха сиригэр 1995 сылтан саҕалаан бастакы Президент анал дьаһалынан «Тыа сирин сайыннарыы Концепциятын» олоххо киллэрии түмүгэр, дойду үрдүнэн бүрүүкээбит кризистэн тахсан, дьон олоҕо тыа сиригэр сыыйа көммүтэ уонна аныгылыы сайдыы суолугар турбута. Төһө даҕаны бюджет кырыымчыгын үрдүнэн Михаил Ефимович дьаһалынан олорор дьиэ тутуутун күүскэ сайыннаран, дьон олоҕун тупсарар кыах үөскээбитэ. Ол курдук, олорор дьиэлэри тутуу кээмэйэ 1991-2001 сылларга ортотунан сыл аайы 500 тыһ. кв.миэтиргэ тиийбитэ.
Ити ылыллыбыт дьаһаллар түмүктэригэр бастакы Президент М.Е. Николаев үлэлиир кэмигэр Саха сирэ бүтүн Россия үрдүнэн бүрүүкээбит экономическай кризиһи эрдэ туораабыта. Ону экономика биир көрдөрүүтэ даҕаны кэрэһилиир. Отчуот сыыппаралара көрдөрөллөрүнэн 1989 сыллаахха промышленность валовай продукцияны оҥорон таһаарыыта Россия үрдүнэн регионнартан 71 миэстэҕэ турар буоллаҕына, 2000 сыл түмүгүнэн Саха сирин ити көрдөрүүгэ 15 бастакы регионнар, оттон нэһилиэнньэ, биэнсийэлээхтэр, инбэлииттэр социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолууларыгар 10 бастакы регионнар кэккэлэригэр киирбитэ. Биһиги бастакы Президеммит Михаил Николаев саҥа Саха сирин тутууга, дьон уйгулаах олоҕун оҥорууга киэҥ далааһыннаах, дириҥ толкуйдаах, ситиһиилээх үлэтин түмүгүн сорох өттө итинник.
М.Е. Николаев дойдуга ыарахан историческай кэрдиис кэмигэр үлэтин кээмэйин, оҥорбут үтүөтүн ырыҥалаан көрдөххө, аныгы үйэҕэ Россия чулуу дьонун ахсааныгар киириэхтээх. Кини Россия дьиҥнээх патриота. Экономическай өттүнэн кыахтаах регионнар Улуу Россияҕа күүс эбэллэр, оттон аҥардас киин былаас көмөтүгэр эрэнэн, илиилэрин уунан олорор регионнар дойду сайдыытын мөлтөтөллөр диэн санаанан салайтарара. Кини 90-с сылларга Россия сайдар кыаҕын үөскэтэргэ аналлаах үгүс идеялары көтөхпүтэ уонна олоххо киллэрсибитэ.
М.Е. Николаев 85 сааһын туоларынан сибээстээн, кини өр сыллаах айымньылаах үлэтигэр Российскай Федерация уонна Саха сирин салалтатыттан сөптөөх сыанабыл бэриллэригэр эрэнэбит. Россия сорох регионнарын уһулуччулаах салайааччыларыгар өссө тыыннаахтарыгар үрдүк сыанабыл бэриллэр, ааттарын үйэтитии дьаһаллара ылыллаллар. Онно биир үтүө холобурунан Татарстан бастакы Президенигэр М. Шаймиевка «Россия Геройун» үрдүк аата иҥэриллибитэ, Казань куорат киинигэр киниэхэ памятник туруоруута буолар. Татаар норуота бэйэтин историятын ытыктыырын, ыччаты иитиигэ чулуу дьоннорун холобуругар иитиигэ улахан суолта биэрэрин, үтүө санаалааҕын, киэҥ дууһалааҕын көрдөрдө.
Саха норуотун аныгы үйэтээҕи чулуу салайааччытын М.Е. Николаев төрөөбүт норуотун, Ийэ дойдутун иннигэр оҥорбут баараҕай өҥөтө сөптөөхтүк сыаналанарыгар эрэнэбит.
Климент Егорович Иванов,
СӨ бочуоттаах олохтооҕо.
Алтынньы 8 күнэ, 2022 с.
СӨ Бастакы Президена М.Е. Николаев туһунан мин блогпар:
VI Ленские встречи: «Геополитика востока. XXI век». 25 марта 2021 года
Соболезнования Первого Президента Республики Саха (Якутия)
Международная Циркумполярная экспедиция в мае 1994 года!
Роль Первого Президента РС (Я) М.Е.Николаева в развитии внешних связей Республики Саха (Якутия)
Михаил Николаев: Я благодарен своему народу.
Поздравление М.Е.Николаева с наступающим Новым 2021 Годом и Рождеством Христовым!
Выступление М.Е.Николаева на Круглом Столе Ил Тумэн РС (Я) по вопросам местного самоуправления
В день 99-летия Республики! Интервью Первого Президента Михаила Николаева!
Интервью Первого Президента Михаила Николаева в программе «Якутия.Live» НВК «Саха»!
Выступление Первого Президента РС (Я) в День государственности 27 сентября 2021 года
«Три круга» Николаевских чтений 13 ноября 2021 года!
Поздравление М.Е. Николаева с наступающим Новым 2022 Годом
Министерству внешних связей РС (Я) — 30 лет!
Спасение от засухи! О системе водоводов Республики Саха (Якутия)!
Статья М.Е.Николаева в книге «Алмазов якутских невидимые грани»
Новости 100-летия Республики Саха! 26 апреля 2022 года! Поздравления из КНР и Японии!
Это праздник со слезами на глазах… День Победы!
Семейная экономика — наш ответ коронавирусу covid-19!
Михаил Николаев: «Дойти до каждого человека!»
Александр Атласов Михаил Николаевы кытта көрүстэ
Сбывшийся прогноз «Aartyk.Ru»: Первый Президент Республики Саха поддержал Олега Иринеева!
Выступление М.Е.Николаева на Первом инвестиционном форуме долины «Эркээни»
Эркээни должна стать долиной опережающего развития!
Выступление Михаила Ефимовича Николаева на Августовском совещании
Михаил Николаев: Мы должны войти в число 100 лучших школ России!
Хамаҕатта Саха-Французскай лицейыгар Билии Күнүгэр көрсүһүүлэр.
Михаил Николаев студентам СВФУ: «Развитие обязательно требует расширения, новых подходов и взглядов»
Победителей и призеров XXI молодежных Дельфийских Игр наградили в Якутии
Михаил Ефимович Николаев. Штрихи к портрету
Мой сайт: https://nikbara.ru/ — блог о разных интересных событиях
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287 — архив моих постов в Дневниках Якт.ру и новые посты о культурных событиях.
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt