Бүгүн олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ! Суорун Омоллоон аатынан СӨ Опера уонна балет тыйаатырыгар өрөгөйдөөх тэрээһин буолан ааста.
Эһиги болҕомтоҕутугар Саха Сирин суруйааччыларын автограф-сессияларын, тэрээһин саҕаланыытыгар көрдөрүллүбүт төрөөбүт тыл туһунан видео уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев эҕэрдэ тыла уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бириэмийэтэтин лауреаттара.
Опера балет театрын саалата толору этэ.
Суруйааччылар автограф сессиялара уонна Айар кинигэ кыһатын быыстапката.
Өрөгөйдөөх тэрээһин киирии видеота.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев этиитин толору видеота уонна быйыгы Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик Ил Дархан бириэмийэтин лауреаттара.
«Биһиги Ийэ тылбытын билэрбит тухары омук быһыытынан тыыннаахпыт»
СӨ Ил Дарханын премиятын лауреаттарын итиитик истиҥник эҕэрдэлиибин!
Төрөбүт төрүт тылы сайыннарыыга, саха тылын, литературатын, култууратын үөрэтиигэ өр сыллаах айымньылаах үлэтин иһин Семен Андреевич Новгородов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бириэмийэтэ — Михаил Ефимович Николаевы.
Дьүкээгир тылын уонна култууратын сайыннарыыга үгүс сыллаах таһаарыылаах үлэтин иһин Николай Иванович Спиридонов – Тэки Одулок аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бириэмийэтэ — Анастасия Афанасьевна Курилованы
Эбээн тылын уонна култууратын сайыннарыыга үгүс сыллаах таһаарыылаах үлэтин иһин Василий Дмитриевич Лебедев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бириэмийэтэ — Дария Михайловна Осенинаны.
Эбэнки тылын уонна култууратын сайыннарыыга үгүс сыллаах таһаарыылаах үлэтин иһин Глафира Макарьевна Василевич аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бириэмийэтэ — Наталья Владимировна Потапованы
Бары бииргэ төрөөбүт тылбыт сайдарын туһугар үлэбитин салгыы ыыта туруоххайыҥ!!!
Мин блогпар саха тылын туһунан постар:
20-летие Википедии. Википедия по якутски!
Изучение якутского языка в интернете! Скоро новый портал!
Саха норуотун оҕону иитэр үөрүйэхтэрэ
Саха национальнай гимназиятыгар буукубаардыын быраһаайдаһыы!
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн! С днем якутского языка и письменности!
Сегодня Международный день родного языка!
Былатыан Ойуунускай – XXI-с үйэ дьонугар сахалыы тыыны тутар дьаакыр, сайдар суолу ыйар маяк
Өксөкүлээх — сахаларга этиитэ.
Саха оскуолата элбииригэр үтүөтэ сүҥкэн
Якутский язык впервые становится доступным мировому сообществу разработчиков машинного перевода
Пионеру цифровизации якутского языка Василию Мигалкину — 70 лет
Якутская клавиатура: Краткий обзор приложений для смартфонов
Саха тылын уонна литературатын учууталлара Өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэскэ муһуннулар
Саха тылын уонна литературатын учууталларын сийиэһэ түмүктэннэ
Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II сийиэһин кэнниттэн…
Учим якутский язык: видеоуроки на Youtube и Яндекс Алиса!
Выступление Умита Шахина, Турция, на конференции «Николаевские чтения» о якутском языке
Возможности Центра цифровизации языкового и культурного наследия народов Якутии!
Мой сайт: https://nikbara.ru/ — блог о разных интересных событиях
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287 — архив моих постов в Дневниках Якт.ру и новые посты о культурных событиях.
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt
Ватсабынан Уйбаан Пономарев Чурапчыттан ыытта:
ОЛУС АСТЫННЫМ ЭРЭЭРИ…
Бэҕэһээ киэһэ (13.02.23) Опера уонна балет тыйаатырыгар төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн ыытыллыбыт үөрүүлээх тэрээһини (мунньаҕы) көрөн олус астынным.Ордук Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич этиитигэр сахабыт тыла сайдыытыгар элбэх үлэ барбытын,үп-харчы балачча көрүллүбүтүн,инникитигэр элбэх былааннар туралларын истэн үөрэ санаатым.Тэрээһин барыта чаһы курдук барда.Ордук түмүгэр сахалыы таҥастаах сааланы толору мустубут,этэргэ дылы,тойоннуун-хотуннуун бары илии-илиилэриттэн ылсан оһуохайдаан ньиргиппиттэрэ киһи сүргэтин көтөҕөр.
Ол эрээри төрөөбүт тыл күнэ буоларынан төрүт тылбытын туттууга сорох санааларбын тиэрдиим.
Мунньахха иккис киһинэн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ А.И.Еремеев эттэ. Алексей Ильич сахаҕа бөдөҥө-садаҥа,сахалыы таҥастаах. сөҥ куолаһынан, туох да кумааҕыта суох бэккэ эттэ. Этиитин ис хоһоонун ырыппакка туран кини дьону бу үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлээбэтэҕиттэн сонньуйа санаатым. Манна үгүстэр эҕэрдэлээбитэ буолбат дуо дииллэрэ эрэбил. Ол эрээри кини «эҕэрдэлиэхпин баҕарабын» диэн чуолкайдык эппитэ. Ол аата кини эҕэрдэлээбэтэх, көннөрү баҕарбыт эрэ буоллаҕа дии. Оннук буолбатах дуо? Маннык элбэх киһи эҕэрдэлээбэккэ, көннөрү баҕараллар эрэ. Киһи тугу барытын баҕарыан сөп. Баҕарбакка эрэ, быһаччы эҕэрдэлиир тоҕо табыллыбат? Аны сорохтор «эҕэрдэлиирбин көҥүллээн» дииллэр. Ити мунньахха итинник этии эмиэ иһиллэн ааспыта. Оччотугар мунньаҕы тохтотон, эҕэрдэлиирин көҥүллүүрү-көҥүллээбэти куоластаан быһаарабыт дуо? Сатамнньыта суох ини.
Алексей Ильич ! Бу суруйуубун бассаабынан тарҕатыам. Ону түбэһэн аахтаххына бука диэн өһүргэнимэ. Ити этиигэр эн быйыл тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар хаһан да көрүллүбэтэх элбэх 14,2 млд.солк.бэрилиннэ диэн киэн туттубуттуу этэн аастын. Куруук итинник этэҕин. Онтон былырыын тыа хаһаайыстыбатыгар 13,5 млд. ороскуоттаммыта. Оччотугар эбиллиитэ 700 мөл.солк. Онтон бары сыаналар, нолуоктар,түһээннэр төлөбүрдэрэ төһөлөөх үрдээтилэр! Холобур тыа дьоно сүрүн туһанар сэлээркэбит былырыын лиитэрэтэ 65 солк.этэ. Быйыл биһиэхэ 76,6 солк. тиийэн 11,6 солк.,эбэтэр 17,8 %-н улаатта. Үп-харчы элбэҕэ быһаарбат. Кини атыылаһар кыаҕа быһаарар. Итинтэн таһаардахха быйыл тыа ха7аайыстыбатын үбүлээһин таҥнары түстэ диибин. Оннук буолбатах дуо? Онон үбүлээһин балысханнык үрдээтэ, хаһан да көрүллүбэтэх үп бэрилиннэ дииртэн туттунуохха баар этэ. Быйыл т/х-гар уопсай бүддьүөт 5 %-нын курдуга бэрилиннэ. Онтон Үөһээ Бүлүүлэр 15 %-ны туруорсубуттара. В.Штыров бүддьүөт 13,4 %-нын көрдөрбүтэ. Өссө 15 %-нын биэриэххэ диирэ. Ону тэҥнээн көрүн. Бээ,туораары гынным.
Тылга төнүннэххэ. Үгүс дьон, НВК, араадьыйа ыытааччылара үксүгэр «туох боппуруостааххытый?Эппиэттээн эрэ » дииллэрэ элбээтэ. Ону уу сахалыы «туох ыйытыылааххын, хоруйдаан эрэ» диир тоҕо табыллыбат? Балары таһынан ийэ, аҕа, эр, ойох диэн төрүт тылларбыт сүтэр кутталланнылар диэн куруук суруйабын,туруорсабын.
Бээ,тохтуохха. Төрөөбүт тылбыт күнэ быйыл ханан даҕаны, хаһааҥҥытааҕар даҕаны үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Ол киһини үөрдэр, эрэл санааны үөскэтэр. Тыла суох — омук суох! Улахханныын-кыралыын төрөөбүт төрүт сахабыт тыла сайдарын туһугар бары кыһаллыаҕын, ылсыаҕын!