Уйбаан Пономарев. Чурапчы. Ватсабынан кэллэ.
Маҥнайгы президеммит М.Е.Николаев олохтон барбытын истэн соһуйдум, олус хомойдум. Өрөспүүбүлүкэ дьоно бары да соһуйдахтара, курутуйдахтара. Улахан сүтүк! Мин кини ыалдьарын туһунан төрүт истибэт этим. Онон олохтон барыа диэн санаан да көрбөт этим. Онтукам… Ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии, соһуччу буолла.
Михаил Ефимович миигиттэн биир сыл аҕа. Биир көлүөнэ дьоно буоллахпыт. Онтон сиэттэрэн мин – көннөрү тыа оҕонньоро, кини туһунан туох да кырааската суох санааларбын суруйарга сананным.
Мин кинини аан маҥнай чугастан Кытаанаҕым нэһилиэгэр сэбиэттии сылдьан көрбүтүм. Сылын умнубуппун. Сойуус ыһыллыан эрэ иннигэр этэ. Кураан сайын буолан дьону мунньан Саллаҥа диэн сиргэ дулҕа бэлэмнии сылдьыбыппыт. Арай ол үлэлии сырыттахпытына эргэ соҕус тиэнтэбэй УАЗ-ик кэллэ. Массыына иһиттэн Михаил Ефимович биир эрэ сирдьит киһилээх тахсан, дьоҥҥо кэлэн, дулҕа үрдүгэр олорон кэпсэттэ. Оччолорго кини тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ этэ. Онно кини наҕыл, лоб бааччы куолаһынан соторутааҕыта Канадаҕа бара сылдьыбытын, ордук Канада фермердэрин үлэлэрин туһунан хайгыырдыы кэпсээбитэ өйбөр хатанан хаалбыт. Онтон ыла мин бааһынайынан «ыалдьан» элбэхтик суруйан, туруорсан бэйэм фермер буолбутум.
Иккис түгэн. Биир саас хаардаахха «Чурапчы» сопхуос киинэ Уһун Күөлтэн: — Михаил Ефимович эһиэхэ барда – диэн эрийдилэр. Чаас аҥара айанныыр сир. Биһиги бары хонтуораҕа мустан чаастан ордук кэтэстибит. Миниистирбит мэлигир. Онтон, арай, төттөрү өттүттэн УАЗ массыына кэлэн хонтуора иннигэр хорус гынна. Ол кэннэ сопхуоспут кылаабынай зоотехник, бөдөҥ-садаҥ киһи М.Кириллин киирэн ыксаабыт аҕай куолаһынан: — Хайа, Михаил Ефимович манна сырытта дуо? — диэн ыйытта. Онтукайбыт миниистирбит дэриэбинэни таарыйбакка, үрэҕинэн быһа Илиҥ Нама диэн улахан ферма хотонугар киирэн, кэрийэ сылдьан үлэһиттэри кытта кэпсэппит уонна салгыы Арыылаах отделениятыгар ааһа турбут. Онтон заотехникпыт кыһыл муннукка киирэн тугу эрэ гына сылдьан тойонун “сүтэрэн” көрдүү сылдьар эбит. Дьэ оннук, Михаил Ефимович элбэх «үөргэ-сүүрүккэ» наадыйбат, быһаччы үлэ дьонун кытта алтыһарын сөбүлүүрэ.
Онтон билиҥҥи улахан тойоттор, миниистирдэр кини курдук «сүтэн» көрдөтүө этилэр дуо?
Үһүс түгэн. 1992 сыл тохсунньута быһылааҕа. Тымныы оройо. Кырата 50 кыраадыс эбитэ буолуо. Арай араадьыйабын холбообутум Михаил Ефимович Арассыыйа президенэ Б.Н.Ельцин кэлбитин ыраах Анаабырга быһылааҕа, тордоххо киллэрэн табаһыттары кытта көрүһүннэрдэ. Онтон сарсыҥҥы күнүгэр Мэҥэҕэ таһааран сууллаары гыммыт оскуоланы көрдөрдө диэн кэпсээтилэр.
Онтон билигин, арай, В.Путин кэллин? Оннугу көрдөрүө этилэр дуо?
Төрдүс түгэн. Эмиэ 1992 сыл сайына. Ытык-Күөлгэ П.А.Ойуунускай 100 сааһынан улахан ыһыах буолбута. Онно мин сылдьыбытым. Ол ыһыахха Михаил Ефимович Б.Н.Ельцины аҕалан ыалдьыттаппыта. Сэлэлээн турдахпытына аттыбытынан кэлэн ааспыттара.
Онно мин санаабытым. Михаил Ефимович Арассыыйа “ыраахтааҕытын” кыһын туундараны көрдөрөн биһиги хайдахтаах курдук уустук усулуобуйаҕа олорорбутун, онтон сайын аҕалан Саха сирэ сайынын ха йдах курдук кэрэтин көрдөрөн элбэх «очкуону» хомуйбут буолуохтаах.
Бэһис түгэн. 1992 сыл ахсынньытыгар Дьокуускайга опера уонна балет тыйаатырыгар Саха омук улахан тэрээһиннээх, икки күннээх маҥнайгы кэнгириэһэ буолбута. Өссө онно мин аан маҥнайгынан тыл эппитим. Муодата диэн ол Конгреска Михаил Ефимович суоҕа. Онтукайбыт кини Б.Н.Ельцины кытта Кытайга барбыт диэбиттэрэ. Онно биһиги киһибит Арассыыйаҕа улаханнык сыаналанар, ыйааһыннаах, аптарытыаттаах да киһи эбит диэн киэн тутта санаабытым.
Чэ, итинник түгэннэри этэн туран өссө биир өрөспүүбүлүкэбит, барыбыт дьылҕабытыгар сүҥкэн улахан суолталаммыт, историческай телеграмма туһунан ахтан ааһыым. 1991 сыл. Балаҕан ыйын 15 күнэ. Сэбиэскэй сойууспут ыһыллаары турар алдьархайдаах араллааннаах, хайдах-туох буоларбыт биллибэт кэмэ. Оччолорго М.Е.Николаев СӨ Үрдүкү сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, Б.Н.Ельцин РСФСР президенинэн үлэлииллэрэ. Дьэ, ити күн (15.09.91) Михаил Ефимович Б.Ельциҥҥэ, быһаччы эттэххэ, ити күнтэн Саха сирэ ССРС гохраныгар, минфиҥҥэ көмүһү-алмааһы ыытарын тохтотор, Арассыыйа уонна СӨ икки ардыгар сыһыаннарын уонна этиилэри түргэтэтэр туһунан правительственнэй телеграмма ыыппыт! Хайдахтаах курдук хорсун быһыыный!!! Этэргэ дылы, баһын былаахыга уурууга тэҥнээх, барыбыт дьылҕатыгар ураты суолталаммыт телеграмма! Сотору кэминэн Ельцин «сувернитеты өрөспүүбүлүкэлэр төһө кыайаргытынан ылын» диэн Арассыыйаны букатыннаах ыһыллыыттан быыһаабыт уурааҕа тахсар.
Мин саныахпар Михаил Ефимович ити телеграммата биһиги буолунай сувернитеты, хостоммут алмааспыт 20%-нын бэйэтин сыанатыгар ыларбытыгар улахан суолталаммыта буолуо дии саныыбын. Ол түмүгэр тутуу бөҕө ыытыллан, сахалар омук быһыытынан өрөйөн-чөрөйөн, төрүт култуурабыт, үгэстэрбит күүскэ сайдан барбыттара. Олору эрэдьиэстээмиим. Барыта биллэллэр.
Арай бииртэн хомойо саныыбын. Михаил Ефимовиһы үһүс болдьоххо президенинэн талбыппыт буоллар суверенитеппытыттан балачча ордубут, улахан тэрилтэлэрбит итинник босхону үрдүнэн атыыламматах буолуо этилэр диибин. Ону бэйэбит сахалар өйдөөҕүмсүйэн, утарсан быыбарга киирбэтэҕиттэн хомойо саныыбын.
Түмүгэр, мин Михаил Ефимович Николаевы аныгы кэм Максим Аммосовыгар холуубун, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтигэр, бэйэтин сахатын омугар тугунан да кэмнэммэт элбэҕи оҥорбут улуу киһинэн ааҕабын. Кини оҥорбут үтүөтэ хаһан да умнуллуо суоҕа!
Ол кэннэ ДП-1 иннигэр эбэтэр ханнык эрэ киин сиргэ Михаил Ефимовичка көннөрү бюст буолбакка, улахан турар памятнигын туруорарга этии киллэрэбин.
Бүтэһигэр бу суруйуубун киэҥник тарҕата сатыыргытыгар баҕарабын.
Уйбаан Пономарев. Чурапчы.
Посты о М.Е.Николаеве в моем блоге:
VI Ленские встречи: «Геополитика востока. XXI век». 25 марта 2021 года
Соболезнования Первого Президента Республики Саха (Якутия)
Международная Циркумполярная экспедиция в мае 1994 года!
Роль Первого Президента РС (Я) М.Е.Николаева в развитии внешних связей Республики Саха (Якутия)
Михаил Николаев: Я благодарен своему народу.
Поздравление М.Е.Николаева с наступающим Новым 2021 Годом и Рождеством Христовым!
Выступление М.Е.Николаева на Круглом Столе Ил Тумэн РС (Я) по вопросам местного самоуправления
В день 99-летия Республики! Интервью Первого Президента Михаила Николаева!
Интервью Первого Президента Михаила Николаева в программе «Якутия.Live» НВК «Саха»!
Выступление Первого Президента РС (Я) в День государственности 27 сентября 2021 года
«Три круга» Николаевских чтений 13 ноября 2021 года!
Поздравление М.Е. Николаева с наступающим Новым 2022 Годом
Министерству внешних связей РС (Я) — 30 лет!
Спасение от засухи! О системе водоводов Республики Саха (Якутия)!
Статья М.Е.Николаева в книге «Алмазов якутских невидимые грани»
Новости 100-летия Республики Саха! 26 апреля 2022 года! Поздравления из КНР и Японии!
Это праздник со слезами на глазах… День Победы!
Семейная экономика — наш ответ коронавирусу covid-19!
Михаил Николаев: «Дойти до каждого человека!»
Александр Атласов Михаил Николаевы кытта көрүстэ
Сбывшийся прогноз «Aartyk.Ru»: Первый Президент Республики Саха поддержал Олега Иринеева!
Выступление М.Е.Николаева на Первом инвестиционном форуме долины «Эркээни»
Эркээни должна стать долиной опережающего развития!
Выступление Михаила Ефимовича Николаева на Августовском совещании
Михаил Николаев: Мы должны войти в число 100 лучших школ России!
Хамаҕатта Саха-Французскай лицейыгар Билии Күнүгэр көрсүһүүлэр.
Михаил Николаев студентам СВФУ: «Развитие обязательно требует расширения, новых подходов и взглядов»
Победителей и призеров XXI молодежных Дельфийских Игр наградили в Якутии
Михаил Ефимович Николаев. Штрихи к портрету
Скоро — новый номер журнала «Ханыл»!
Роль Михаила Николаева в развитии Якутии
Поздравления М.Е.Николаеву от Почетного гражданина Республики Саха!
Высокая планка Михаила Николаева
Юбилейные мероприятия! Поздравления М.Е.Николаеву от соратников и друзей!
Академик Чугунов об исторической роли якутского народа
Николаевские чтения в АГАТУ собрали широкую географию участников
Михаил Николаев поблагодарил якутян за внимание
Соратники и единомышленники Первого Президента встретились в Николаев-центре
Михаил Николаев: В новом 2023 году будем жить и творить, не сдаваясь перед трудностями!
«Ленские встречи»: Навстречу 4-й промышленной революции!
«Якутия в глобальном мире» — Николаевские чтения 2016 года.
Первый Президент М.Е.Николаев поздравил работников медицины Республики Саха!
Ушел из жизни Первый Президент Республики Саха
Соболезнование Президента Штырова В.А. Стихи о М.Е. Николаеве
Публикации о М.Е. Николаеве в федеральной прессе
Сегодня 9 дней Михаила Ефимовича Николаева
Прощание и похороны Первого Президента…
Мой сайт: https://nikbara.ru/ — блог о разных интересных событиях
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287 — архив моих постов в Дневниках Якт.ру и новые посты о культурных событиях.
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt