Ытыктабыллаах улуус, нэһилиэк баһылыга!

Саха омуга аныгы үйэ балысханнаах сайдыытын долгунугар олорсон олох түһүүлээх, тахсыылаах суолунан иннин диэки дьүккүйэн айаннаан иһэр. Кэнники кэмҥэ саха тылын уопсай туруга мөлтөөһүнэ, туттуллар эйгэтэ кыччааһына бара турарын бары билэбит. Суотабай төлөпүөн, интэриниэт дьайыытынан, оҕолорбут күргүөмүнэн омук тылыгар көһөн эрэллэрин, бүттүүн көлүөнэни сүтэрэр турукка киирбиппитин бары да көрө-билэ сылдьабыт. Араадьыйа-тэлэбиидэнньэ, хаһыаттар, төрөөбүт тылларын туһугар долгуйар энтузиаст дьон кыһалла-мүһэллэ сатыыллар, ол эрээри бу дьыалабыт туһугар дьон-норуот бүттүүн турунуон, өйдүөн, ылсыан наада.
Улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктарыгар биһиги этиибит маннык:
Бастатан туран, РФ уонна СӨ Төрүт сокуоннарынан, Саха Сиригэр икки судаарыстыбаннай тыл бигэргэтиллэн сылдьар: саха уонна нуучча тыллара. Ол быһыытынан, билигин өрөспүүбүлүкэбит сокуоннара бу икки тылынан тэҥҥэ оҥоһуллаллар. Мантан сиэттэрэн, өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк иһигэр дьыаланы-куолуну, дьыалабыай суруйсууну (Ил Дархаҥҥа, Ил Түмэҥҥэ, бырабыыталыстыбаҕа тиийэ) барытын сахалыы тылынан оҥорор толору бырааптаахпыт. Сахалыы сурук-бичик олоххо, үлэҕэ-хамнаска күн аайы туттуллар буолуута төрөөбүт тылбыт-өспүт чөл буолуутугар биир бигэ тирэх буолуо этэ.
Иккиһинэн, СӨ Төрүт сокуонугар (тыл сокуонугар) “дьон көрөрүгэр анаммыт тэрилтэлэр ааттара, вывескалар, биллэриилэр, таска суруллар бэлиэлэр, сир-дойду, уулуссалар ааттара икки тылынан суруллуохтаах” диэн быһаччы этиллэн сылдьар. Ол эрээри, ким да ону улаханнык дьаалайбат, баардылаабат уонна ирдээбэт буолан, билигин бу боппуруос хамсаабакка кэриэтэ турар. Ити курдук, тас суруктар тыл уопсай эйгэтэ кэҥииригэр улахан дьайыылаахтарын быһыытынан, манна сэниэлээх үлэ ыытыллара ирдэнэр.
Үсүһүнэн — удьуорунан утумнанан кэлбит харысхал бэлиэлэрэ. Бу билиҥҥи курдук уустук, тыҥааһыннаах да диэххэ сөп, кэмҥэ, оҕо-ыччат сылдьар, үөрэнэр, уһуйуллар сиригэр харысхал бэлиэлэрэ хайаан да баар буолаллара ирдэнэр. Айыылар бэлиэлэрэ – уруккуттан утумнаах, бигэ итэҕэллээх омук буоларбыт туоһулара. Маннык сахалыы тыыннаах бэлиэлэр оҕолорбутун араҥаччылыы, харыстыы, күүстэригэр күүс эбэ сылдьыахтара этэ.
Бар дьоҥҥут ытыктаан, бигэтик эрэнэн, куоластаан талбыт улуус уонна нэһилиэк баһылыктарыгар эрэлбит улахан. Туох барыта кыраттан, бэйэ тиэргэниттэн-тулаһатыттан саҕаланар.

Ытыктабыллаах улуус, нэһилиэк баһылыга! Бу сурукка этиллибит санаалары ырытан, кэпсэтэн баран, кэлэр 2024 сылга — Саха итэҕэлинэн Айыыһыт сылыгар — олоххо күүскэ уонна киэҥник киллэрэн бараргытыгар ыҥырабыт.

Саха Кэнгириэһэ

Бэрэссэдээтэл Уйбаан Самаайап
Ахсынньы 27 күнэ, 2023 сыл

Уйбаан Самаайап Телеграмм каналыттан:

https://t.me/ivanshamaev52/1964

Саха Кэнгириэһин туһунан постарым:

Саха Кэнгириэһин Сийиэһин болдьоҕо быһаарылынна!

15.02.2019 г. Пленарное заседание III Конгресса Саха!

О конгрессах народа Саха. Дайджест интернета и прессы!

16.02.2019 г. Секции III Конгресса саха!

Саха Кэнгириэһин сийиэһин тэрээһинигэр харчы хомуура. Биллэрии

Саха Кэнгириэһин сийиэһин туһунан

Мой сайт: https://nikbara.ru/ — блог о разных интересных событиях

Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/

Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara

Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287 — архив моих постов в Дневниках Якт.ру и новые посты о культурных событиях.

Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!

https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин

И на мои аккаунты в социальных сетях!

«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992

«В контакте» https://vk.com/nbaramygin

Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.