Михаил Николаев: «Саха буоларгытынан киэн туттуҥ» диирэ

Владимир Степанов М.М. Яковлевы кытта кэпсэтиитэ «Кыым.ру» сайтыттан.

Михаил Ефимович Николаев Орто дойдуттан барбыта сылтан орто. Киниэхэ 20-тэн тахса сыл аттыгар үлэлээбит М.М. Яковлевы кытта Бастакы бэрэсидьиэн туһунан кэпсэппиппит кэннэ, “кини оҥорбутун, хайдах ситиспитин, сайдар суолга киллэрбитин элбэҕи да өссө билбэт, сороҕун умна быһыытыйбыт эбиппит” дии саныыгын.

Онон Макар Макарович М.Е. Николаев нэһилиэстибэтин көннөрү дьоҥҥо тохтоппокко тиэрдэр наадалааҕын этэр. “Саха аангылыйалыы тылланан, аан дойдуга ыһыллан бүттэ” диэҥҥэ бэрт ураты санаатын интервью бүтүүтүгэр көрүҥ. Кэпсэтии кэннэ улуу кытайдар “Мао Цзэдун сыыһалардааҕа, ол эрээри кини суоҕа буоллар, улуу Кытай суох буолуо этэ” диэн мээнэҕэ эппэтэхтэр дии саныыгын.

Ельцинниин биир санаалаахтара

Мин үлэм хайысхата атынынан, Михаил Ефимовиһы урут билбэт киһим этэ. «Обкуом үһүс сэкирэтээрэ, урукку т/х-тын миниистирэ» диэн сураҕын эрэ истэрим. 1989 с. ССРС норуодунай дьокутаата буолан баран, Ньурба киһитэ, уруккута Сойуус Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата Н.И. Прокопьевы кытта кыттыһан, “Кыым” хаһыакка сылгыны иитии уустугун туһунан ыстатыйа суруйбуппут. Ону кини ааҕа охсон, биһигини кытта туһааннаах исписэлиистэри ыҥыран, кэпсэтии таһаарбытыттан ыла ыкса билсэн барбыппыт. Оччолорго көрдөхпүнэ, саастаах киһи курдуга. Онтум баара-суоҕа 50-чалаах эбит.

Москубаҕа Сойуус дьокутааттарыттан К.Е. Ивановтуун бастайааннай төрүккэ үлэлээбиппит. А.Собчак Ленинград мээрэ буолан баран, миэхэ Рублевкаҕа баар кыбартыыратын туран биэрбитэ. Кинини кытта үчүгэйдик билсэрбит, иккиэн биир хос кэмитиэккэ баарбыт. Михаил Ефимович кэлэ-бара Климент Егоровичтыын уонна миигин кытта үһүөн көрсөрбүт. Биһиэхэ, эдэр ыалга, ыалдьыттыы кэлэ сылдьыбыта.

Биирдэ кини мин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дэлэгээссийэтин кытта  Сиэтлгэ бара сылдьыбыппынан, “АХШ-ка, Сиэтлгэ Саха сирин бэрэстэбиитэлинэн үлэҕэ барбаккын дуо?” диэбитэ. Аангылыйалыы билбэппин диэн аккаастаабытым. “Оройуоҥҥар тахсан баһылыктаа” диэбитин, т/х-тын билбэппин диэн, эмиэ сөбүлэспэтэҕим. Онтон Төрүт сокуон суутугар үлэлэппитэ.

Михаил Ефимовиһы саамай хайгыырым диэн, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Б.Н. Ельцин курдук уустук хараахтардаах киһини кытта уопсай тылы булан, саамай ыарахан кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэни, чахчы, быыһаан турар. Атын эрэгийиэннэргэ хамнас да төлүүр харчылара суоҕар биһиги аныгы Медкиини туттаран турабыт. Бу икки улуу дьон олус күүскэ доҕордоспуттара, бэл, Ельцин Бурятияҕа сылдьан салайааччыларын Николаев диэн иккитэ алҕас ааттаабыта.  Онтун дьээбэлэнэн “ити Николаев хайдах да төбөбүттэн тахсыбат” диэн күллэрэн турар. Борис Николаевич, билигин үөхпүттэрин аанньа, үлэни ирдиир киһи этэ. Харизмата улахана бэрдэ, үлэһиттэрэ бары киниттэн куттанан титирэстииллэрэ. Дьиҥинэн, кини кырдьыксытын иһин хомуньуус баартыйаттан улаханнык атаҕастанан турар. Ол саҕанааҕы Сойууһу – улахан авторитарнай дойдуну – утарбыт этэ. М.С. Горбачёв 1987 с. баартыйатыттан  устубута. Ол кэмнэртэн ис дууһатыттан дэмэкирээт буолбута, Михаил Ефимович да, оннук саныыр буолан, санаалара сөп түбэспит буолуон сөп. М. Николаев саамай сүрүн санаата – Саха сирин ыстаатыһын үрдэтии этэ. Көҥүл туһунан толкуйдааҕа. Онон Ельцинниин уопсай тылы булан, элбэх боппуруоһу быһааран тураллар.

АЛРОСА, Медкиин, тимир суол

М.Е. Николаев биир улахан ситиһиитэ – АЛРОСА-ны тэрийии. Кэлиҥҥинэн бөлөҕүнэн куомуннаһан, “маны-итини оҥорбутум” диир бэлитиичэскэй лоббизм элбээтэ. “Алмаастан 2% биһиги бэрдэрбиппит” диир дьон үөскээн таҕыстылар. АЛРОСА хайдах тэриллибитин бэркэ билэбин. Аан маҥнай чааһынай тэрилтэ оҥороору гыммыттара. Онно улахан киирсии буолбутугар, Михаил Ефимович Арассыыйа салалтатын кытта быһаччы киирсибитэ. Онно экэнэмиичэскэй өттүгэр З.А. Корнилова уонна юридическай өттүгэр Н.Ф. Борисов көмөлөспүттэрэ. Улахан үлэни оҥорбуттара. Арассыыйа салалтатыгар ол маннааҕы таһымнаах дьокутааттары анараа истибэттэр, алмаас бырыһыанын биэрбэт  буоллахтара. М. Николаев Ельцинниин кэпсэтиитэ сүрүн быһаарыыланан, алмаастан өлүү кэлбитэ.

Ельцинниин үчүгэй сыһыаннаах буолан, постпредство дьиэтин, “Бэс Чагданы” Саха сиригэр ылларан турар. Москубаҕа маннык таһымнаах бас билии ханнык да субъекка суох. Ити Михаил Ефимович  улахан өҥөтө, ону кэлиэхтээх кэлбитин курдук дьон өйдүүр. Кини маҥнайгы ыйааҕа доруобуйа харыстабыла этэ. Үһүс болдьоҕор хаалбыта буоллар, өссө Сүрэх-тымыр киинин туттарар былааннааҕа. Дойду мэдиссиинэтин биллиилээх кардиохирурдара Лео Бокерияны, Ю.Л. Шевченконы ыҥыран, бэйэлэрэ эпэрээссийэлэргэ кыттыбыттара. Арассыыйаҕа оччолорго тарҕана илик теле-мэдиссиинэни сайыннарбыта. Доруобуйа харыстабылын сайдыытыгар өҥөтө улахан. Медкииҥҥэ М.Е. Николаев аатын иҥэрбиттэрэ улахан махталлаах дьыала дии саныыбын. Үһүс болдьоххо балачча туормастааччы мэһэйдэһэн, талыллыбакка хаалбыта хомолтолоох. Ол кыргыһыыта, киирсиитэ туспа кэпсээн. Холобур, В.В. Колмогоров кэлэн дьэҥдьиир ыытан турар.

Тимир суол тутуутугар улахан өҥөлөөҕүн билигин ончу умнан кэбиспиттэр. Тимир суол 50 сылыгар кини туруорбут дьоно бааллара да – санаабатахтара. К.Е. Иванов тимир суолу Михаил Ефимович саҕалаан, Томмокко аҕалтарыытын туһунан ыстатыйа суруйан турар. Бириэмэ аастаҕын аайы Михаил Ефимович оҥорбут үтүөтүн умнан иһэллэр. Ол иһин кини аатын үйэтитиигэ санатар чахчылары хатылаан этэр наада буолсу диэн толкуйга киирдим.

Сопхуостар, үтүө дьыалалар…

– “М.Е. Николаев сопхуостары ыһыа суохтаах этэ, Татарстан сопхуостары тутан хаалан, сайдыы бөҕө” диэн усках кэпсээн буолар.  Хайдах өйдөөбөттөрө эбитэ буолла? Сопхуос диэн судаарыстыба тутан олорор тэрилтэтэ, ырыынакка киирэн баран, хайдах сопхуоһу тутан олоруоххунуй? Татарстан мадьыалын ис хоһооно атына. Биһиэхэ барбата. Билигин ким эмэ өйдүүрэ дуу, Михаил Ефимович урукку бүддьүөт кээмэйэ кыра, билиҥҥи курдук 300 млрд буолбатар да, т/х-ҕа 14% биэрэн турар. Т/х-тын үбүлээһинин 14%-ҥа хайа да өрөспүүбүлүкэ салайааччыта тиэрдэ илик. Тыа сиригэр туох да элбэх тиэхиньикэни биэрбитэ. Оччолорго дьон паай түҥэтиитигэр иккилии тыраахтардана сылдьыбыттарын умнан кэбиспиттэр. Тыа сирин сайыннараары микрокирэдьииттээһини, ыал экэниэмикэтин тэрийэн турар. Билигин өрөспүүбүлүкэ олох хаачыстыбатын сайдыытынан Арассыыйаҕа 70-с миэстэҕэ турар. Михаил Ефимович 10 сыл үлэлээбит кэмигэр, ыал экэниэмикэтигэр сүрүн болҕомтотун ууран, Арассыыйаҕа бастакы 10 иһигэр киллэрэн турар. Ити – улахан ситиһии, ону умнуо суохтаахпыт. Оччолорго ыыппыт сөҕүмэр үлэтин туһунан экэниэмикэ билимин дуоктара В.Р. Дарбасов ырытан, кинигэ суруйан турар.

Михаил Ефимович тэрийбит саамай көдьүүстээх дьыалата – 1000 үтүө дьыала. Бастаан 3 сылга И.В. Бочкарёву аныыр. Дьон “Дуобурай Киэсэ” диэн ытыктаан ааттыыллара. Үтүө дьыала хамсааһынынан тутуу бөҕөтө барбыт. 76 успуорт саалата. 98 култуура дьиэтэ, 80 үөрэх тэрилтэлэрин дьиэлэрэ, 48 доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ, о.д.а. 301 дьоһуннаах тутуулар дьэндэспиттэр. Ханнык да субъекка маннык хамсааһын суоҕа. Үтүө дьыала билигин сүтэн хаалла.

Үрдүкү Сэбиэт иэдээҥҥэ тиэрдиэн сөбө

– Саха АССР XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин тохтотуу туһунан улахан мөккүөр билигин да тохтообот. Тастан көстүүгэ үлэтэ оһуобай, Сүбэрэнитиэт декларациятын, саҥа Төрүт сокуону ылыммыт, саҥа олох сокуоннарын киллэрбит хорсун, дэмэкирээтийэлии парламент. Ол эрээри, Үрдүкү Сэбиэт 165 дьокутааттаах  буолан, ыарахан састаап этэ. Чахчы, Үрдүкү Сэбиэт үтүөтэ элбэҕэ, ол эрээри айдаана сүрэ бэрдэ. Араас дьон бааллара. Мииринэй өттүлэрэ, «Саха сириттэн арахсан Иркутскайга киирэбит» диэччилэр кытта бааллара. Олортон сорохторо кэлин АХШ-ка эҥин көспүттэрэ. Михаил Ефимович Үрдүкү Сэбиэти сокуон оҥорор уонна ситэриилээх былаастар улахан иирсиилэригэр тиэрдибэккэ, эрдэ куоластатан үлэтин тохтоппут үтүөлээх. “М.Е. Николаев сыыһа гыммыта” диэн утарсааччылар бааллара. Ону мин стратегическай өттүнэн көрөн, сөпкө гыммыт дии саныыбын.

– Онно Прокопий Осипов Михаил Ефимовичка “эйигин устуоруйа бырастыы гыныа суоҕа” диэбитэ дии.

– Оннук баара. Ол эрээри, өскөтүн ыспатаҕа буоллар, Климент Егорович кэпсииринэн, оччолордооҕу курдук Арассыыйаҕа бэриммэккэ олорбуппут буоллар, үп-харчы өттүнэн Киинтэн кытаанахтык кыпчыйыахтаахтар эбит. Ол норуокка охсуутун өйдөөн, М.Е. Николаев утарсааччылар Үрдүкү Сэбиэттэрин ыһа охсон баран, Ил Түмэни тэрийбитэ. Маҥнайгы аата сокуону оҥорор мунньах диэн этэ. Онтон кэлин Судаарыстыбаннай Мунньах буолбута. Ырааҕы өтө көрөн сөпкө гыммыт, саҥа быыбар, саҥа дьокутааттар талыллаллар.

Үрдүкү Сэбиэт хаалбыта, уҥа-хаҥас эрдэ олорбуттара буоллар, оччотооҕу Чечня курдук балаһыанньа үөскүөн сөп этэ дуо?

– Буолуон сөп этэ. Мииринэй, Нерюнгри, тыа сирэ диэн эрэгийиэнинэн арахсыы барыах чинчилэммитэ, национальнай да боппуруос үөскүөх курдуга. Ону Николаевтаах Иванов муударайдара бэрт буолан, боппуруоһу түргэнник быһаарбыттара. Климент Егорович тиһэх мунньаҕы үчүгэйдик эргитэн, улахан талаанын көрдөрөн турар.

Сойууһунай дуогабар туһунан

– Биһиги Михаил Ефимовичтыын Рублевкаҕа мустан наар автономнай статуспутун сойууһунай өрөспүүбүлүкэни кытта тэҥниир туһунан кэпсэтэрбит. Онтон күөдьүйэн, 1990 с. Сүбэрэнитиэт декларацията ылыллыбыта. Ельцин онно сөп түбэһэн биэрдэҕэ. ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр улахан сабыдыаллаах автономиялар бөлөхтөрө баара. Салайааччыбыт В.Ардзинба диэн Абхазия лиидэрэ, Абхазияны Грузияттан таһаарбыт киһи.  Күүстээх кэпсэтиини ыытан автономиялары сойууһунайдары кытта тэҥниир ССРС сокуонун ылларан турабыт.

– Саҥа Сойууһунай дуогабар тоҕо ГКЧП кэннэ салҕамматаҕай?

– Төннүөхтэрин сөбө, өскөтүн ыһыллыы күүскэ барбатаҕа буоллар. ГКЧП-ны этэр буоллахха, дьиҥинэн, былааһы ылан олорор дьон этилэр, этиилэрэ оччолорго сөп этэ. Ол гынан баран Ельциннээххэ сымнаҕастык  сыһыаннаһан хотторбуттара. Горбачёв өссө эргийэн биэрэн турар. ГКЧП-лар буруйдара суоҕун иһин, олус судургу дьыала буолбатах эбит диэн, барыларын амньыыстыйалаабыттара. Арай Варенников генерал бэриммэтэҕэ.

Академияларбыт, ханнаҕытый?

– Михаил Ефимович билимтэн элбэҕи күүппүт эбит. СӨ Билимин академиятын тэрийэн турар, социальнай усулуобуйаларыгар тиийэ. Холобура, академиктар дьиэлэригэр академикка биирдиилэригэр биирдии этээһи биэрбитэ. Аны үрдүк истипиэндьийэни анаталыыр, хамнас бөҕөтө. Бу улахан итэҕэл этэ. Ону баара, даҕатан эттэххэ, ити академия улахан көдьүүстээх түмүгү биэрбэтэ. Духуобунас академиятын

тэрийбитэ, ол үлэтэ билигин да көстүбэт. Бу үлүгэрдээх ыарахан кэмҥэ, Арассыыйа дьылҕата быһаарыллар охсуһуутугар пат­риоттуу быһыы өйөнүөхтээх кэмнэригэр Духуобунас академията туһааннаах үлэни күүскэ ыытара эрэйиллэр. Тугу үлэлиирэ биллибэт. Өссө истипиэндьийэлээхтэр этэ, билигин ылаллара дуу, суоҕа дуу? Дьиҥинэн, бу икки тэрилтэттэн өрөспүүбүлүкэ элбэҕи күүтэрэ туолбакка турар. Духуобунас академиятыгар Мандар Уус уонна Ульяна Винокурова курдук бар дьон улахан ытыктабылын ылбыт, норуот дууһатын тутан олорор дьон баар буолуохтаах этилэр.

Киниэхэ туолбат сорук диэн суоҕа

Михаил Ефимович туруорар боппуруостарын ирдэбилэ олус үрдүк этэ. Салайааччылары олох хайҕаабат, норуот туһугар үлэни кытаанахтык ирдиир тыйыс салайааччы. Мөлтөх үлэлээх миниистирдэри чаас аҥаара буолалларыгар ытата сыһан таһаартыыра. Мин Михаил Ефимовичтыын 20-чэ сыл үлэлээбитим. Оччолорго циркэни тутуохха диэн идиэйэни көтөхпүтэ. Онно туоһубун. Маҥнай итэҕэйбэтэҕим, дьэ, доҕоор, Расторгуевтар хайдахтаах курдук аан дойду таһымнаах циркэтин тэрийдилэр? Муусука үрдүкү оскуолатын туттарбыта. Ону Путин быйыл Вьетнамҥа тиийэн, киэн тутта холобур оҥостон кэпсээтэ. Салайааччынан В.А. Босиковы сөпкө туруорбут эбит. Босиковы, ити үлүгэр талааннаах киһини, 17 сыл миниистир солбуйааччытынан сырытыннарбыттара, миниистир оҥорботохтор этэ. Ону Николаев булан, кэскилбитин  көрөн улахан суолталаах үлэҕэ туруорбута.

Ырааҕы көрбүт биир бырайыага – Хотугу пуорум, онон салгыы Хотугу муора суолун бырагырааматын оҥорон турар. Ону, дьэ, билигин сөргүтэн эрэллэр.

Саахымат сайдыытын тэрийээри В.П. Ноговицыны Калмыкияҕа Илюмжиновка уопут атастаһыннара ыытар. Билигин саахымат сайдан эрэр. Кини “ханнык баҕарар саҕалааһын саамай түргэнэ үс сылынан киирэр” диир этэ.

“Азия оҕолорун” тэрийии ыараханын Виктор Петрович билэр. Ол идиэйэни олоххо киллэриигэ харса суох үлэлээбиттэр кини уонна М.Е. Друзьянов. Оччолорго бүддьүөт кыра, үп-харчы тиийбэт, олох ыарахан усулуобуйа. Ол үрдүнэн оҥоруҥ диэбит. Уолаттар уонча дойдуну кытта сибээстэһэн, араас омугу тылларыгар киллэрэн,  Оонньуулары таһымнаахтык ыыппыттара. Хайдах үлэлээбиттэрин кэпсииллэрин киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Оннук үрдүк ирдэбили туруорар этэ. Михаил Ефимович санаабытын син биир дьүккүтэн таһаартарарын сөбүлүүбүн. Билигин баара буоллар, тугу-тугу оҥорторуо эбитэ буолла? Үлэһитэ бэрдэ, барытыгар ылсара, өйдүүрэ. Сарсыарда 5 чааска турар уонна кинигэ ааҕар. Онон билиитэ киэҥэ бэрт этэ. Ол иһин учуонайдары кытта тэҥҥэ кэпсэтэрэ.

5 миллиард дуоллар сымыйата

– Ити усках кэпсээн эргийэн кэлэ турар. Михаил Ефимович үчүгэй хараахтара – холкута бэрдэ, этиһэ барбата. Араастаан ыыстаан суруйан сорун сордообуттара. Биһиги Мучинныын саба түһүүгэ “дабаай киирсиэххэ, сууттаһыахха” диэн өрөпөөннөһөн көрөр этибит. Ону тохтоторо. Ити “харчыны уорбута”  диэн сымыйа. Киин баан өрөспүүбүлүкэни кытта иирсээнин кэмигэр В.Геращенко ­­5 млрд дуоллар сүппүт диэн турар. Чахчыта эбитэ буоллар, ФСБ үлэ бөҕө ыытан, булуо этилэр. Билигин оннооҕор Оборуона министиэристибэтин генералларын хоруупсуйаларын хостуу тардан таһаараллар дии.

Михаил Ефимович сэмэйэ бэрт этэ, дьиэтин, даачатын көрүҥ. “Ама, бэрэсидьиэн киэнэ маннык үһү дуо” диэх курдук. “Аныгы сахалар” курдук килэйбит-халайбыт буолбатах. Кыһыл көмүс сыбаайбаҕа атыыр үбүлүөй оҥорооччулар. Михаил Ефимовичтаах дьиэлэригэр миигин, Виктор Петровиһы уонна суоппарын ыҥыран наһаа сэмэйдик бэлиэтээбиппит. Туохха ыҥырбытын эппэт, “кэлэ сылдьыҥ эрэ” диэбитэ, онон билбэккэ, сибэккитэ да суох кэллибит. Онтон истэн баран, сүрэ бэрт диэн уолбар эрийэн, кэргэнигэр сибэкки ылларбытым.

– Кэлин атын сиргэ улаханнык бэлиэтээбэтэхтэрэ дуо?

– Истибэтэҕим. Оҥорбуттара буоллар, иһиллиэ этэ. 50 сылларын олус сэмэйдик бэлиэтээбиттэрэ дии саныыбын.

Саханы омугумсуйууга буруйдааһыны ылларбыта

Эрэпириэссийэни утары үлэтин кэлин олох санаабат буоллулар. Эрдэттэн ССРС ыһыллыан иннинэ ССКП идеологияҕа сэкирэтээрэ Яковлевы кытта кэпсэтэн, элбэх үтүө дьоммутун реабилитациялаппыта. Ельцининэн  сахалары национализмҥа сыыһа буруйдааһын буолбута диэн ыйаах таһаартарбыта. Ити олоҕун сүрүн боппуруоһа эбит этэ. Устуоруйаны хаһара, үчүгэйдик билэрэ.

Михаил Ефимович федеральнай былаас улахан итэҕэли ыларын Федерация Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы буола сылдьан, судаарыстыба дэлэгээссийэлэрин салайан омук уонча дойдутугар сылдьыбыта көрдөрөр. Михаил Ефимович өйдөөх, дуоспуруннаах, үрдүк таһымнаах кэпсэтиини сатаан ыытара. Оннук таһымнаах киһибит ол кэннэ үөскүү илик. Кыраныысса таһыгар улахан үлэтэ, дьиҥинэн, үчүгэйдик ырытыллан суруллуохтаах эбит. Ситэ чинчиллибэккэ турар. Арассыыйа улахан салайааччылара, исписэлиистэрэ  кини туһунан олус үчүгэй ахтыылара киирбит киинэтэ баар.

Гос-тэрилтэлэри тэрийии туһунан

– Кини өрөспүүбүлүкэ иһигэр эргийэр харчы таска тахсан хааларын тохтото сатыыра. Ол иһин “Сахабилиибаантан” саҕалаан, балачча бааны тэрийбитэ. Биэнсийэ пуондатын харчытын биир кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ хааллартаран турар. Ол хонтуруолламмакка, харчы бөҕөтө көдьүүһэ суох ороскуоттаммыта, дьиэ-кыбартыыра буолбута – туспа кэпсээн.

Оттон “биэнсийэ харчытын хаалларан, нолуок кодексын кэстэ” диэн, Винокуров диэн киһинэн ыстатыйа суруйтаран, чуут сууттуу сыспыттара. Ити аны санаатахха, интэриэһинэй быһаарыы ылыммыт эбит. Билигин бырабыыталыстыба солбуйар бэрэссэдээтэлэ Голикова салалтатынан биэнсийэҕэ тахсар сааһы үрдэтэннэр, дойду нэһилиэнньэтэ мөлүйүөнүнэн ааҕыллар ылыахтаах харчытын ылбат, элбэх киһи биэнсийэҕэ тиийбэккэ өлөр, төлөммүт усунуостары судаарыстыба төннөрбөт.  Мин Михаил Ефимович Саха сиригэр хаалларан, биэнсийэ үбэ манна эргийэр, харчы сайдыыга туһаныллар исхиэмэтин киллэрэ сылдьыбыт диэхпин баҕарабын. Ити – улахан хорсун быһыы.

Кини саханы таптыыра, итэҕэйэрэ

Кини демографияны улаатыннарар, 2030 с. саха омуга 1 мөл. буолуохтаах диэн былааннааҕа. Ийэ күнүн олохтоон, маҥнайгы, иккис оҕоҕо харчы көрүүтүн саҕалаабыта. Арассыыйа билигин ол идиэйэни ылан сайыннара сылдьар. Мөлүйүөммүт кыайтарбакка сылдьар, оттон чэчиэннэр 1,5 мөл. буоллулар.

Аангылыйа тылын оробуочай оҥорбутугар “Саха сирэ Арассыыйаттан арахсаары гыммыт” диэн үөҕүү, күлүү бөҕө буолбуттара. Сөпкө гыммыт, билиҥҥи тиэхиньикэни үлэлэтэргэ  аангылыйа тылын билии ирдэнэр. Онто суох Медкииҥҥэ, теле-мэдиссиинэҕэ тугу да гыммаккын. Сахалар үгүстэрэ аангылыйалыы билэр буоллулар.

– Ити биир охсуулааҕа, ыччаппыт кынат үүннэрэн, кыраныысса таһыгар тахсан баран төннүбэт буол­ла буолбатах дуо?

– Төннүөхтэрэ, олох ирдэбилэ оннук буолла. Нуучча учуонайдара төннөн эрэллэр. Арассыыйа көнүө да, бары төннүөхтэрэ. Билигин арҕаа дойдулар умса баран эрэллэр, бэйэлэрин дьэбэрэлэригэр булкуллан олороллор. Путин БРИКС-и тэрийдэ. Бары онно киирээри гыннылар, оччоҕо дуоллар сууллар. Кэлин Михаил Ефимович дэпэртээмэн тэрийэн үөрэттэрбит оҕолоро төннөн кэлэн туһалаах буолуохтара диэн  эрэнэбин. Сорохтор төннүбэтэхтэрэ. Оттон сайдыыны көрөр буоллахха, урут барбыт кытайдар төннөн кэлэн, Кытай хайдах курдук сайдыбытын көрөбүт. Биһиги да оннук сайдыахпыт дии саныыбын.

Ырытар буоллахха, сахалар ону-маны элбэҕи айар буолбуттар. Путин кэлэн технопаарканы хайҕаан барбыта. Томскай, ини-бии Ушницкайдар мындыр өйдөрүнэн миллиардер, миллионер буоллулар. Ол аата, норуокка кыах баар эбит, өссө  да тахсан иһиэхтэрэ.

Кини, чахчы, саха духуобунаһын көтөхпүт лиидэр эбит. Саха сирин ССРС саҕана олус сэнииллэрэ, табанан сирэйдээн эрэ, дьиикэй аҥаардаах дойду курдук көрдөрөллөрө. Билигин төһөлөөх Арассыыйа Дьоруойданныбыт? Сахалары үчүгэйдик билэн эрэллэр, атын сыһыан үөскээн эрэр. Онон Михаил Ефимович “олох сэнэнимэҥ, “мин сахабын, мин кыахтаахпын, мин кыайабын” диэн өрүү этэ сылдьыҥ” диир тылларын былаах, луоһун  оҥостуохтаахпыт.

Владимир СТЕПАНОВ. 

06.09.2024

Посты о М.Е.Николаеве в моем блоге:

VI Ленские встречи: «Геополитика востока. XXI век». 25 марта 2021 года

Соболезнования Первого Президента Республики Саха (Якутия)

Международная Циркумполярная экспедиция в мае 1994 года!

Роль Первого Президента РС (Я) М.Е.Николаева в развитии внешних связей Республики Саха (Якутия)

Михаил Николаев: Я благодарен своему народу.

Поздравление М.Е.Николаева с наступающим Новым 2021 Годом и Рождеством Христовым!

Выступление М.Е.Николаева на Круглом Столе Ил Тумэн РС (Я) по вопросам местного самоуправления

В день 99-летия Республики! Интервью Первого Президента Михаила Николаева!

Интервью Первого Президента Михаила Николаева в программе «Якутия.Live» НВК «Саха»!

Приветствие Первого Президента Республики Саха Михаила Николаева участникам Первых «Пахомовских чтений»

Выступление Первого Президента РС (Я) в День государственности 27 сентября 2021 года

«Три круга» Николаевских чтений 13 ноября 2021 года!

30 лет назад состоялась инаугурация Первого Президента РС (Я) М.Е.Николаева и республика получила название Республика Саха (Якутия)!

Поздравление М.Е. Николаева с наступающим Новым 2022 Годом

Министерству внешних связей РС (Я) — 30 лет!

Торжественное онлайн заседание коллегии Министерства по внешним связям и делам народов Республики Саха!

Спасение от засухи! О системе водоводов Республики Саха (Якутия)!

Первый президент Республики Саха (Якутия) Михаил Ефимович Николаев – созидатель новой Республики Саха (Якутия).

Статья М.Е.Николаева в книге «Алмазов якутских невидимые грани»

Новости 100-летия Республики Саха! 26 апреля 2022 года! Поздравления из КНР и Японии!

Өктөм нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылын туолбут өрөгөйдөөх үбүлүөйүн үөрүүлээхтик бэлиэтээтибит!

Это праздник со слезами на глазах… День Победы!

Неделя Первого Президента

Семейная экономика — наш ответ коронавирусу covid-19!

Национальная идея народосбережения — основа обращения Первого Президента РС(Я) М.Е.Николаева в марте 2020 года

Михаил Николаев: «Дойти до каждого человека!»

Александр Атласов Михаил Николаевы кытта көрүстэ

Сбывшийся прогноз «Aartyk.Ru»: Первый Президент Республики Саха поддержал Олега Иринеева!

Выступление М.Е.Николаева на Первом инвестиционном форуме долины «Эркээни»

Эркээни должна стать долиной опережающего развития!

Выступление Михаила Ефимовича Николаева на Августовском совещании

Выступление М.Е.Николаева на Торжественном заседании форума, посвящённого 25-летию Сети Президентских школ

Михаил Николаев: Мы должны войти в число 100 лучших школ России!

Хамаҕатта Саха-Французскай лицейыгар Билии Күнүгэр көрсүһүүлэр.

Республиканский День дарения родной школе в рамках 25-летия Сети школ первого президента РС(Я) М.Е. Николаева.

Михаил Николаев студентам СВФУ: «Развитие обязательно требует расширения, новых подходов и взглядов»

Победителей и призеров XXI молодежных Дельфийских Игр наградили в Якутии

Михаил Ефимович Николаев. Штрихи к портрету

Саха сирин аныгы реформатора

Скоро — новый номер журнала «Ханыл»!

Роль Михаила Николаева в развитии Якутии

Поздравления М.Е.Николаеву от Почетного гражданина Республики Саха!

Высокая планка Михаила Николаева 

Юбилейные мероприятия! Поздравления М.Е.Николаеву от соратников и друзей!

Академик Чугунов об исторической роли якутского народа

Санаа ситимэ

Николаевские чтения в АГАТУ собрали широкую географию участников

Михаил Николаев поблагодарил якутян за внимание

Соратники и единомышленники Первого Президента встретились в Николаев-центре

Документальный фильм о 7-х Играх «Дети Азии» во Владивостоке!

Михаил Николаев: В новом 2023 году будем жить и творить, не сдаваясь перед трудностями!

«Ленские встречи»: Навстречу 4-й промышленной революции!

В Якутске прошло торжественное заседание в честь присвоения Национальному центру медицины имени Михаила Николаева

«Якутия в глобальном мире» — Николаевские чтения 2016 года.

Первый Президент М.Е.Николаев поздравил работников медицины Республики Саха!

Ушел из жизни Первый Президент Республики Саха

Акция на площади Ленина, телеграмма В.Путина, обращение Ил Дархана, соболезнования, завтра состоится церемония прощания в Москве.

Соболезнование Президента Штырова В.А. Стихи о М.Е. Николаеве

СОҺУЙДУМ. ОЛУС ХОМОЙДУМ.

Публикации о М.Е. Николаеве в федеральной прессе

Сегодня 9 дней Михаила Ефимовича Николаева

Прощание и похороны Первого Президента…

Сегодня 9 дней Михаила Ефимовича Николаева

Образовательная концепция М.Е. Николаева «Пять китов образования»

СӨ Бастакы Президенын кытта тиһэх кэпсэтии

Ытык дьоммут: норуот кэскилин туһугар бэйэни харыстаммакка үлэлиэххэ

Сегодня 40 дней Михаила Ефимовича Николаева

Божественная литургия, заупокойная панихида и выступления на 40 дней Первого Президента Михаила Николаева

Михаил Николаев санаалара — саҥа көлүөнэҕэ!

Сегодня сороковины Отца якутской нации.

К памяти Первого Президента и Дню государственности Республики Саха!

«Вторая республика». Фильм творческой группы «Күн оҕолоро»!

Иван Ушницкий: Я был помощником Первого Президента М.Е.Николаева

Поздравляем с Днем матери в Республике Саха (Якутия)!

Господин Ясухиро Конно возложил цветы Первому Президенту Республики Саха Михаилу Николаеву

Михаил Николаев саха омук олоҕун түстээбитэ 

Николаев М.Е. – созидатель Новой Якутии, Второй Республики Саха (Якутия)

Ааты үйэтитэр уос номохторо. Кыһа

«Славим, гордимся, благодарим!» Вечер воспоминаний о М.Е.Николаеве

СӨ Бастакы Президенын көмөлөһөөччүлэрэ күөх экраҥҥа

В Николаев Центре прошла традиционная «Встреча друзей» единомышленников, коллег и друзей Первого Президента Якутии

Полное видео вручения стипендии Михаила Николаева «Знанием победишь!»

«Роль Михаила Ефимовича Николаева в развитии Республики Caxa (Якутия) и российской федеративной государственности». Полное видео

150 лет родной школе Первого Президента РС(Я) Михаила Николаева

В Санкт-Петербурге почтили память первого президента Якутии Михаила Николаева

На прямой линии Айсен Николаев ответил на вопрос почетного жителя Хангаласского улуса

ИСТОКИ ТРАДИЦИЙ НАРОДА САХА (Естественно-научный взгляд на верование народа саха)

В Москве презентовали книгу «Михаил Ефимович Николаев: вклад в государственную семейную политику РФ»

Полное видео открытия выставки «Дети Азии — от идеи к истории»!

Вячеслав Штыров: Игры «Дети Азии» явились символом надежды и сплочения

Жаль, что в «Русской общине» не знают о возрождении Православия в Якутии

Саха чулуу киһитэ Михаил Николаев туһунан Өлбөөдүйбэт өйдөбүл

Посвященные памяти Первого Президента Республики Саха (Якутия) М.Е. Николаева

Саха омук кэскилин түстээбит тумус киһибит

Разговор о важном: М.Е. Николаев, Первый Президент Республики Саха (Якутия)

4 августа 2024 года. Почтили память Первого Президента РС (Я) М.Е.Николаева

Первый день работы в аппарате М.Е.Николаева

Лидер, определивший будущее народа

Мой сайт: https://nikbara.ru/ — блог о разных интересных событиях

Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/

Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara

Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287 — архив моих постов в Дневниках Якт.ру и новые посты о культурных событиях.

Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!

https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин

И на мои аккаунты в социальных сетях!

«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992

«В контакте» https://vk.com/nbaramygin

Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.