
Алтынньы 31күнүттэн сэтинньи 5күнүгэр дылы Казань куоракка ыытыллыбыт «Казань лучезарная» Аан Дойдутааҕы бэстибээлгэ кыттан, Төхтүр нэһилиэгин «Кэскил» норуот ансаамбылын хомусчуттара уонна «Дьүөгэ» эбээлэр түүмсүүлэрэ 1ст. лауреат үрдүк аатын ыланнар, кыайыы көтөллөөх, нэһилиэктэрин, улуустарын, республикаларын ааттатан кэллилэр.
Күөн күрэс В.И. Ленин аатынан култуура дыбарыаһыгар дойду араас эригийиэннэриттэн 700 тахса кыттааччыны ускуустуба араас көрүҥнэригэр түмтэ.
Уран тарбахтаахтар быыстапкаларыгар Төхтүртэн Нина Андреева оҕуруо оҥоһуктара, Екатерина Барамыгина кылтан, сиэлтэн өрүллүбүт симэхтэрэ үрдүк сыанабылы ылан, Гран-при аатын ыллылар, уус-уран оҥоһуктар маастардара Татьяна Лыткина валяние техникатынан оҥоһуллубут куукулаларынан кыттан 1ст. лауреат үрдүк аатын ылла.
Татьяна маны таһынан норуот ырыатын толорон «вокал» номинацияҕа Гран-при, Дария Захарова сахалыы туойан лауреат аатын сүктүлэр.
«Инструмент» номинацияҕа Людмила Руфова балтынаан Антонина Дьяконовалыын саха кырыымпатыгар кылга оонньооннор 3ст. лауреат аатын ылары ситистилэр.

Баай, дириҥ историялаах, спорт, архитектура, туризм, гастрономия, култуура, экономика таһыччы сайдыбыт, Россияҕа үһүс столица статустаах Казань куораты сөҕө-махтайа көрөн, бииртэн биир кэрэ сирдэринэн сылдьан, хас биирдиибитигэр бу күннэр умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтилэр.


Бу айаммытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ кыһанан, быһаччы салайбыт кураторбытыгар «Вива тур» туристическай агенство үлэһитигэр, биир дойдулаахпытыгар Зинаида Аввакумоваҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит.



А. И. Борисов аатынан «Эркээни»КСК специалиһа Анастасия Перловская
Техтюрский наслег в моем блоге:
Техтюр поздравляет с Новым 2021 Годом!
Видео летней рыбалки неводом — мунха в Якутии!
Хаҥалас улууһун, Эркээни хочотун уонна чуолаан Төхтүр нэһилиэгин олохтоохторугар ыҥырыы!
Хахсык. Впечатления от сайылыка (летника)
Красота для якутского села! Александра Павлова строит свою мечту!
Священное место Куллаты: новый взгляд!
Поздравляем с 90-летием Семена Петровича Заморщикова!
Памяти первого директора Техтюрской Восьмилетней Школы…
Төхтүргэ — 2021 с. «Бастыҥтан бастыҥнарын» бэлиэтээтилэр!
100 лет засады на Нестора Каландарашвили. Историческая реконструкция!
Бэйэҕэ эрэниэххэ – үлэни өрө тутуохха!
АКЦИЯ ПОМОЩИ СЕМЬЕ УШНИЦКИХ ИЗ ТЕХТЮРА! КӨМӨЛТӨ АКЦИЯҔА КЫТТАРГА ЫҤЫРЫЫ!
В Техтюрском наслеге прошли Парад Победы и акция «Бессмертный Полк»
Продолжается АКЦИЯ сбора помощи для строительстве дома одинокому отцу 9 детей Николаю Ушницкому!
100-летие Техтюрского сражения Гражданской войны в Якутии
Первому научному описанию якутского Ысыаха — 285 лет!
Ушницкайдар саҥа дьиэлэригэр күөх төлөн холбонно
«Кэскил» хомус норуодунай ансаамбыла 35 сылыгар
Моменты открытого улусного турнира по русским шашкам «Төхтүр Кубога». 26.02.2023 г.
«Үйэлээх сааһым устата махтаныам…»
Встреча с учащимися Техтюрской средней общеобразовательной школы им. А.Д. Широких
Моменты мая 2023 года в Техтюре…
Бар дьоммор өйөбүлгүт, көмөҕүт иһин барҕаа махтал!
Капустиннар үлэни өрө тутан кэлбит ыал
Алексей Дмитриевич Широких төрөөбүтэ 140 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин видеота
Алексей Дмитриевич Широких — ярчайший представитель якутской национальной интеллигенции
Ысыах Техтюрского наслега, посвященный 135-летию Алексея Широких и 25-летию СХПК “Хахсык”!
Круглый Стол, посвященный жизни и судьбе Алексея Широких. 9 апреля 2019 года
Ысыах Техтюрского наслега, посвященный 140-летию Алексея Широких
Төхтүр нэһилиэгэр түмэл арыллыытыгар көмө!
Мой сайт: https://nikbara.ru/ — блог о разных интересных событиях
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287 — архив моих постов в Дневниках Якт.ру и новые посты о культурных событиях.
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt
