Ил Дархан Анал этиитин истээччи бэтэрээн сыанабылым

Балтараа чаас устатыгар Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин болҕойон олорон телевизорынан көрдүм, иһиттим. Быһаччы этэбин: Улаханнык астынным. Алҕаһаабат буоллахпына, бу кини норуотун иннигэр алтыс туһаатан этиитэ.

Бырабыытылыстыба саалатыгар толору мустубут Ил Түмэн сессиятыгар кыттыыны ыла мустубут дьон-сэргэ састааба урукку дьылҕаттан эмиэ уратылаах буолла. Депутататтартан ураты ситэриилээх уорган уонна муниципальнай салалта бары тутаах үлэһиттэрэ, общественнай тэрилтэ салайааччылара, государственнай сулууспа ветераннара, ыччаттар, оҕолор бэрэстэбиитэллэрэ, Горнай улууһуттан сэттэ оҕолоох дьиэ кэргэнэ мустубуттара дьон болҕомтотун тарта. Онон Ил Дархан туһаайан этиитэ нэһилиэнньэҕэ киэн арыҥатыгар уонна түргэнник тиийиэҕэ. Арай бүгүҥҥү Саҥа саха сирин төрүттээбит ХII ыҥырыылаах Үрдүкү бигэргэтиини Конституцията,  республика символлара государственнай былаах герба сандааран көстөллөрө бэтэрээннэр санааларын астыннарар, дуоһуйар.

Айсен Сергеевич дакылаата чочуллан оҥоһуллубут, дириҥ ис хоһоонноох, республика ситиһиилэрин, баар проблемаларын норуот киэҥ эйгэтэ тутатына өйдүүрүн курдук, тупсаҕайдык иһитиннэрдэ. Аан дойду үрдүнэн сатыылаабыт уустук балаҺыанньаҕа дойдубутугар, Россияҕа, Саха сирэ экономикаҕа, байыаннай дьайыыга эрэллээх эркин, бөҕө тирэх буолбутун иһитиннэрэн туран, мунньахтыыр саалга мустубут герой уолаттарбытыгар махтаммыта, эҕэрдэлээбитэ саамай сөптөөх, истээччилэр истиҥ биһирэбиллэрин ылла.

Саха сиригэр экономика сайдыытын сүрүн көрдөрүүтэ — баалабай бородууксуйа үүнүүтэ сыл аайы үрдээн иһэрин эттэ, 2024 сылы кытары тэҥнээтэххэ эҥиил 3,2% үрдүүрүн иһитиннэрдэ.

Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһа 5,7% үрдүөхтээх, республика үрдүнэн дьадайыы кээмэйэ аччыырын, орто хамнас үрдүүрүн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Республика үрдүнэн социальнай объектары тутууга, хаарбах дьиэттэн көһөрүү программатынан хайа да дьыллардааҕар күүстээх үлэ барбытын иһиттибит.

Дьэ ол курдук доруобуйа харыстабылыгар, үөрэҕирии, культура салааларыгар салгыы сайдыы барбыта бэлиэтэннэ.

Государственнай, муниципаальнай салалта уорганнарыгар бюджеттан ороскуот элбэҕин, аҕыйах нэһилиэнньэлээх тыа сирин бөһүөлэктэрин таарыйбакка туран, үлэ тэрээһинин көдьүүһүн үрдэтии суотугар, бюджекка уларытыы киирэрин бырабыытылстыбаҕа сорудахтаата.

Тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһин бэрээдигин уларытан, ити салааҕа көрүллүбүт үп-харчы улуустарга тиийэр бэрээдэгэ олохтоммутун мунньах кыттыылаахтара сэргии иһиттилэр. Республика сайдарыгар биир төһүү күүс буолуохтаах Лена муостатын тутуу саҕаламмытын, аны 3 сылынан тутууну бүтэрэр соругу туруорда. Тимир суол тутуутун хоту уонна соҕуруу дикэи салгыы ыытар боппуруоһу күүскэ туруоралларын дакылааттан иһиттибит.Республика Арктикатааҕы улуустарын сайыннарыыга, ыарахан боппуруостарын хоту таһаҕас тиэйиитин, күннэтэ туттар табаардара сыана үрдээбитин, авияциянан сырыыга субсидия туруорсубутун Ил Дархан Айсен Сергеевич правительство, республика салалтатын биир сүрүн быһыытынан туруорда. Дьэ, ити курдук, республика сайдар бүгүҥҥү туругун, инники кэскилин туһунан киэҥ иһитиннэриини оҥордо. Бүтэһигэр, Айсен Сергеевич кэлэр 2025 сылы Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрбитэ саамай тоҕоостоох. Саха сирин бары олохтоохторо Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин толору өйүөхтэрэ уонна кэлэр сыл өссө ситиһилээх буоларыгар, бэйэни көмүскэнии байыаннай дьайыытыгар Кыайыыны ситиһэрбитигэр уонна Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыайыынан түмүктэммитэ 80 сылын сайдыыга ситиһиилээх, үөрүү-көтүү  аргыстаах көрсөрбүтүгэр эрэлбитин үксэтиэ, сомоҕолоһорбутун, түмсүүлээх буоларбытын күүһүрдүө диэн эрэнэбит.

Түгэнинэн туһанан салатаҕа үс этиилээхпин:

  1. Олохтоох бэйэни салайыныы сокуонугар уларытыы киирээри турарынан сибээстээн улуустар, нэһилиэктэр баһылыктарын полномочияларыгар уларытыы киирэрэ наада. Онно Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһин бириинсибэ уларыйбыта сөп түбэһэр. Саҥа бэрээдэгинэн тыа сирин сайыннарыы политикатын үптээх-харчылаах олорон миэстэтигэр быһаарар буоллулар. Онон нэһилиэктэргэ олохтоох дьон үлэлээх уонна дохуоттаах буолууларын хааччыйыы баһылыктар булгуччулаах эбээһинэстэрин курдук сокуоҥҥа уларытыы  киллэриэххэ. Баччааҥҥа диэри баһылыктар итинник полномочиялара сокуонуна көрүллүбэтэх.
  2. Ил Дархан соторутааҕыта олохтоох бородууксуйаны кэҥэтэр соруктаах укааһа тахсыбыта. Онон сибээстээн хоту улуустарга балыктааһыны уонна ону кэнсиэрбэ оҥорон атыылааһыны дэлэтэр кыах баар. Хоту улуустарга элбэх күөллэр, үрэхтэр бааллар. Миэстэтигэр сорнай балык (ол эбэтэр сахалыы «сиэниллибэт балык» диэн өйдөбүллээх) элбэх. Онно киирэллэр сордоҥ, сыалыһар кытары. Оттон кыра кээмэйдээх балык саппааһа олус элбэх. Урут хоту улуустарга уонунан тыһыынча ахсаанаах килиэккэлээх кыыл иитиллэрэ, сүнньүнэн хара саһыл. Ону аһатарга сүүһүнэн тонна ити олохтоохтор «туһата суох балык» диэн ааттыыр балыктара туһаныллара. Билигин килиэккэлээх кыыл иитиллибэт. оттон кыра балыгы хостооһунунан дьарыктаммат. Консервалааһын технологията уустуга суох. Онон кыра балыгы, сордоҥу, сыалыһары маассабайдык соҕотуопкалаан, консервалаан республика үрдүнэн киэҥник тэнитэн атыылааһын элбэх дохуоту биэриэҕэ.
  3. Республика хостонор баайын, ордук неби, гааһы, көмүһү тастан кэлэн хостооһун бүрүүкээтэ. Манна  регистрацияламматтар, акцияларын олохтоохторго эмиссия оҥорон атыылаабаттар. Быһатык эттэххэ сирбит баайыттан туһанарбыт кыра. Онон сир баайын республика сириттэн хостооччулар социальнай эппиэтинистэрин үрдэтэр туһунан сокуон ылынар наада буолла. Ил Түмэн депутаттара ити сокуону олоххо киллэрдэхтэринэ республикаҕа кэм туһалаах буолуо этэ.

Климент Иванов, госсулууспа ветерана.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.