
Ханнык баҕарар омукка оҕо хайдах-туох киһи буола улаатара, хайдах дьылҕаланара кини төрөөбүт төрүт сирин айылҕатын дьайар күүһүнэн, төрүттэрин удьуор утумнарынан торумнанар, салгыы сайдар диэн өйдөбүл баар.
Биһиги ийэбит Яковлева Ирина Семеновна күн сирин көрбүт, оҕо сааһа ааспыт сиринэн дьикти кэрэ айылҕалаах, олох ураты тулалыыр эйгэлээх Бүлүүчээн урэҕэ Бүлүү өрүскэ туһэр төрдө буолар.
Ийэм төрөөбүт, оҕо сааһа ааспыт Үрэҕин төрдүн, дьонун-сэргэтин туһунан олох остуоруйа дойдутун курдук хоһуйан иэйэн-куойан туран кэпсиирэ, наһаа туоххаһыйа ахтар этэ.
Онон 6 саастаахпар Бүлүүчээҥҥэ көһөн кэлэрбитигэр мин олох дьикти айыл5алаах, ураты дьонноох-сэргэлээх дьикти дойдуга айаннаан иһэбит диэн испэр иҥпит санаалаах кэлбитим. Оннук санаалаах Бүлүүчээҥҥэ олорбутум, улааппытым, оннук санаабын билиҥҥэ диэри тута сылдьабын.
Аҕата эрдэ олохтон туораан, ийэбит 12 сааһыттан Ликбез учууталынан улэлээн хамнастаах улэһит буолан дьонун иитэр киһи буолбут, кэнники кэтэхтэн үөрэнэн Бүлүү педучилищетын бүтэрбит.
Сэрии сыллара саҕаламмыттарыгар кыһалҕаҕа ыктаран нэһилиэк салалтата Бүлүүчээҥҥэ 5-с кылааһы уонна интэрнээти саптаран кэбиспиттэр этэ. Ону ийэм, 18 эрэ саастаах киһи, оскуолаҕа сэбиэдиссэйинэн ананан тахсан баран, Партия оройуоннаҕы кэмитиэтигэр 5-с кылааһы уонна интэрнээти аһар булгуччулааҕын туһунан күүскэ туруорсубут этэ. Бүтэһигэр ыҥыыр атынан со5ото5ун 16 көстөөх сиргэ баар оройуон киинигэр Сунтаарга киирэн Райком бастакы сэкиритээрин сирэй көрсөн тылын ылыннаран олус үөрэн-көтөн ырыа аргыстаах дойдутугар айаннаан тиийбитин астынан кэпсиир этэ. Дьэ уонна атынан туох баар түөлбэлэри кэрийэн аччыктаан быстаран эрэр оҕолору хомуйан интэрнээккэ аҕалтаабыттар. Сороҕор киьи этэ да салаһар түгэннэрин кэпсииллэр этэ дьоннор. Хоргуйан өлөн, хайыы уйэҕэ тоҥон хаалбыт ийэлэрин хоонньуларыгар сырдыргыы эрэ сытар оҕолору булаттаан интернакка а5алан тыыннаах хаалларбыт эбит. Ити курдук сүрдээх элбэх оҕо хоргуйан өлүөхтээҕэ быыһаннаҕа!
Төһөлөөх дьон махтал санааларын истэригэр илдьэ сылдьыбыттара буолуой, ол да иһин биhиги бары этэҥҥэ дьон сиэринэн сырыттахпыт биһиги даҕаны.
Биһиги ийэбит учуутал буоларга, оҕону иитэргэ ананан төрөөбүт киһи диэн сыаналыыбын, ол курдук кинини оҕолор олус сөбүлүүр, тылын энчирэппэккэ истэр, хайҕаннахтарына аһара үөрэр этилэр.
Олортон аҕыйах түгэн: Государственнай бириэмийэ лауреата, аатырбыт скульптор Пахомов Эдуард Иннокентьевич эмиэ биир түгэни кэпсээбиттээх. Кини кыра сылдьан эппэт кэлэҕэй этэ, онтуттан улаханнык комплекстыыр буолара, биирдэ бырааппын Уоһугу кытта 4-5 о5олор киирэн биьиэхэ аһаабыттар, Эдик саҥараары гыннар эрэ кулуу гыналлар, үтүктэллэр эбит. Ону ийэм: ”Оҕолор тохтооҥ, Эдик хараҕын өйдөөн көрүҥ эрэ”-диэбит. Бары соһуйан Эдиктарын хараҕын көрө түспүттэр да туох да уратыта суох курдук көстүбүт. Ону маамам эппит: “Бу Эдик хара5а олус өйдөөх, болҕомтолоох, кэнники биллиилээх киһи буолуоҕа, эһиги кининэн киэн туттуоххут” – диэн. Эдик: “Ирина Семеновнаны ытыктыырым бэрт буолан тута итэҕэйбитим уонна хайаан да биллиилээх киһи буолар эбиппин диэн эрэл санаалаах улааппытым” — диэн күлэр этэ.
“Айтал” бөлөх салайааччыта, Саха омук “Кыһыл көмүс” саксофона диэн ааты ылбыт, Саха этномузыкатын Аан дойду туһулгэтигэр таһаарсыбыт Александр Спиридонов кыра сылдьан олус баай фантазиялаах, халлааны кырсынан кэпсээннээх буолара. Биһиэхэ дьиэбитигэр оонньуу олорон Саша эмиэ кэпсээн ыһан-тоҕон барбытыгар кэтэххэ тыган баран: “Бу уол сымыйаччыта бэрт, саарбах киһи буолсу”- диэбитим. Ону ийэм: “Оҕоҕун тоҕо тыгаҕын, ити сымыйалааһын диэн буолбат, фантазия диэн буолар, айар дьоҕурдаах, үрдүк өйдөөх киһи фантазията баай буолар. Көрөөр эрэ, быраатыҥ суруйааччы дуу, эбэтэр атын айар улэһит буолуоҕа” – диэбитэ. Онно Саша ытаары хараҕын уута бычылыйан олорон үөрэн олох хараҕа чаҕылыҥныы, сирэйэ сырдыы түспүтэ бу баар курдук.
Дьоммут биһигини олох кыра эрдэхпититтэн кинигэ кэрэ эйгэтигэр киллэрбиттэрэ, интеллекпитин байытарга күүскэ улэлэһэллэр этэ. Дьиэнэн бары мустан олорон аҕабыт араас кинигэлэри ааҕарын бииргэ истэр, ырытыһар этибит, ону чугастааҕы оҕолор кытта киирэн истэллэрэ. Кэнники саҥа киинэни көрдөхпүтүнэ, саҥа кинигэни аахтахпытына бүтэһигэр бары остуол тула мустан олорон ырытыһар, санаа атастаһар этибит. Улаханыттан-кыратыттан тутулуга суох барыбыт санаата сыаналанар, убаастанар этэ. Биһиги оҕолор итинник олус интеллектуальнай, иллээх дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибиппит олохпутугар элбэхтик туһалаабыта, бары да син сэмэй ситиһиилэрдээх дьон буола улааппыппыт, оҕо-уруу төрөтөн балайда киэҥ аймах буола тэнийдибит.
Биһиги ийэбит айылҕаттан бэриллибит уус харахтаах, уран тарбахтаах буолан биллэр-көстөр улахан иистэнньэҥ этэ, ол иһин биһиги олох кыра эрдэхпититтэн атын оҕолортон ураты соҕус сиэдэрэй, моднай таҥастаах буоларбыт, онтубут кэрэни сыаналыыр, чэнчис, ыраас буола улаатарбытыгар, художественнай вкустаах буоларга көмөлөспүтэ. Аҕабыт учуутал түбүктээх улэлээх, фольклоры хомуйар-чинчийэр дьарыктаах, дуобакка-саахымакка оҕолору үөрэтэр, литературнай куруһуок салайар, пропагандистыыр буолан дьиэ иһинээҕи түбүк, биһигини дьаһайыы барыта ийэбит санныгар сүктэриллэр этэ.
Мин үйэм тухары ийэм миэхэ иҥэрбит, төрүттэрбиттэн кэлбит сыаннастарынан, олоҕу анаарыыларынан салайтаран олорон кэллим. Билигин да уҥэр таҥарам, дууһабар ирэ-хоро сэһэргэһэр киһим, сороҕор кытаанах сэмэлээччим, буойааччым эмиэ кини буолар. Ол да иһин үлэлиир остуолум сүрүн миэстэтигэр ийэм мөссүөнэ турар уонна мин диэки сылаас хараҕынан унаарыччы көрөн олорор. Ыарахан түгэннэрбэр кини кэрэ мөссүөнун одуулаан, хараҕын утары көрөн олорон оҕо сааспар эргиллэн сүбэ-ама, күүс-уох көрдүүбүн, илгийэр сылааһын иҥэринэбин. Ийэбэр махталым сүрэхпэр өрүү баар, кини харысхалын күүһэ ыччаттарбын, чугас дьоммун барыларын араҥаччылыы туруо диэн итэҕэйэбин.
Игорь Игнатьевич Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа, Сунтаар уонна Таатта улуустарын бочуоттаах олохтооҕо.
P.S.
Бу ахтыыбын ийэбит Яковлева Ирина Семеновна туһунан «Мин сирдээҕи аанньалым» диэн кинигэҕэ анаан суруйбутум. Ону кылгатан учуутал күнүгэр таһаарабын. Бу кинигэ аата кини үөрэнээччилэрин ахтыыларыгар суруллубут тыллартан ааттаммыта.
