Нам улууһугар үөрэх систиэмэтэ төрүттэммитэ 155 сылын бэлиэтээтилэр

Эһиги болҕомтоҕутугар Энсиэли  хаһыакка алтынньы 21 к. тахсыбыт ыстатыйа репоһа уонна мунньах толору видеолара.

Алтынньы 21 күнүгэр, М.К. Аммосов аатынан культура уонна дубуобунай сайдыы дыбарыаһыгар, Нам улууһугар үөрэх систиэмэтэ төрүттэммитэ 155 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолла.

Нам улууһун үөрэх тиһигин историята бастакы таҥара дьиэтин оскуолаларыттан саҕалаан, аныгы элбэх таһымнаах структураҕа тиийэ сайдан кэллэ. Улууска үөрэхтээһин саҕаланыыта 1871-1872 үөрэх дьылыттан ааҕыллар, ити сыл Намнааҕы биир кылаастаах народнай училище аһыллыбыт. Училище нэһилиэктэр баһылыктарын тус сиэртибэлэригэр тутуллубут дьиэҕэ олохтоммут. Бастакы учууталларынан аҕабыыттар Иннокентий уонна Симеон Винокуровтар буолаллар, оттон бастакы тоҕус үөрэнээччи араас нэһилиэктэртэн түмүллүбүт. Сүрүннээн Таҥара Сокуонун, ырыаны, арифметиканы, ааҕыыны уонна суруйууну үөрэппиттэр.

Бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Үөрэх уонна наука министрин солбуйааччыта Владислав Хабаров, «Нам улууһа» МО баһылыга Юрий Слепцов, СӨ Үөрэх уонна наука министерствотын дьоҕус наукаларын академиятын ректора Василий Павлов, Нам улууһунаҕы үөрэх управлениетын салайааччыта Мария Игнатьева үөрэх систиэмэтин үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтилэр.

Владислав Хабаров, СӨ Үөрэх уонна наука министрин солбуйааччыта:

— Нам улууһа өрөспүүбүлүкэбит киэн туттар уонна улуу дьоммут дойдулара буолар. Улуус Саха Сиригэр үөрэҕирии эйгэтигэр уратыта диэн — оҕо уһуйааннарын, оскуолаларын, эбии үөрэхтээһиннэрин таһынан, икки орто анал үөрэх кыһата баар. Нам улууһун ситиһиилэринэн киэн туттабыт, ол курдук тутуу үлэтэ күүскэ ыытыллар, учууталлар, иитээччилэр, үөрэнээччилэр, иитилллээччилэр ситиһиилэрэ үрдүк кэрдиискэ турар. 2025-2026 үөрэх дьылын түмүгүнэн үс бастыҥ үөрэх ситимин эйгэтигэр киирсэр. Сайдар хайысханы тутатына ылынна олоххо киллэрэн иһэллэр. Оҕолорбутун, кэнчээри ыччаппытын инникигэ салайар дьоммут буолаллар, — диэн туран үрдүк наҕараадалары туттарда.

 Ол курдук, РФ үөрэҕириитин министерствотын «Үөрэҕирии туйгуна» бэлиэтинэн В.П. Артомонов аатынан Хамаҕаттатааҕы саха-француз лицейин саха тылын уонна литературатын учуутала Василий Сивцев бэлиэтэннэ, «РФ үөрэҕириитин эйгэтин Бочуоттаах үлэһитэ» бочуоттаах аат И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы оскуолатын СӨ норуотун культуратын учууталыгар Алевтина Алексееваҕа, Партизан нэһилиэгин «Кустук» оҕо саадын иитээччитигэр Оксана Винокурова, Намнаҕы 3-с №-дээх оскуола алын сүһүөх учууталыгар Елизавета Спиридоноваҕа иҥэрилиннэ. «Бочуоттаах наставник» түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн Партизан орто оскуолатын дьиэҕэ үөрэтии учуутала Галина Соловьева, «СӨ үөрэҕириитин систематын туйгуна» бэлиэнэн улуус баһылыга Юрий Слепцов наҕараадаланнылар.

«СӨ учууталларын учуутала» бэлиэнэн И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын алын сүһүөх кылаас кылаас учуутала Екатерина Попова, «Саха Сирин эрэлэ» бэлиэнэн Е.М. Ларионов аатынан Салбаҥ орто оскуолатын директора Иван Данилов бэлиэтэннилэр. Үгүс педагог, иитээччи министерствоттан Бочуоттаах грамотанан, Махтал суругунан наҕараадаланнылар.

Юрий Слепцов, «Нам улууһа» МО баһылыга:

— Бастатан туран үөрэх хаачыстыбатын тупсарыыга сүрүн сыал-сорук турар. Үөрэх систиэмэтин үлэһиттэрэ ол тула үлэлиэхтээхтэр, улахан болҕомто ууруохтаахтар. Үөрэх салаатын идэлээх сойууһун хамсааһына күүскэ үлэлиир, үөрэх ситимин үлэһиттэрин түмэр, биир санааҕа киллэрэр.

 Инники сыалбытын торумнаан уонна уонна ону ситиһэргэ үлэлиэхтээхпит. Ол курдук, Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгин сиригэр-уотугар И.Е. Винокуров, И.Д. Винокуров — Чаҕылҕан, З.П. Винокуров ааттарын үйэтитэр, биллиилээх дьоммут олохторун үөрэтэр, чинчийэр гуманитарнай киини олоххо киллэлэр үлэни күүскэ ыытыахтаахпыт. М.К. Аммосов төрөөбүт дойдутугар — Хатырыкка эдэр лидердэри бэлэмниир киини тэрийэргэ үлэлэһиэхтээхпит.

 Нам улууһун үүнэр көлүөнэтин үөрэтиигэ, иитиигэ тус кылаатын киллэрбит өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин иһин, СӨ үөрэҕириитин туйгунугар, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитигэр, Модут оскуолатын саха тылын уонна литературатын учууталыгар Владимир Гуляевка «Нам улууһун Ытыктабыллаах киһитэ» бочуоттаах ааты иҥэрдилэр.

С.Н. Донской — II аатынан үөрэҕириини сайыннарыы уонна квалификацияны үрдэтии институтуттан Валентина Егорова, Григорий Фролов үөрэх систиэмэтин үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтилэр. Түгэнинэн Е.М. Шапошников аатынан Хамаҕаттатааҕы орто оскуола математикаҕа учууталыгар Прасковья Степановаҕа, Нам 2-с №-дээх орто оскуолатын тьюторыгар Айталина Петроваҕа «Саха Сирин методиһа» бэлиэ ананна.

Улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччыта Мария Игнатьева Никольскай алын сүһүөх оскуолатын педагогическай үлэ бэтэрээнигэр Наталия Нератоваҕа «Нам улууһун үөрэҕин систематыгар сайыннарыыга кылаатын иһин» бэлиэни туттарда.

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета үөрэх салалтатыттан агрооскуолалары кытары үлэлэһэр Светлана Поротоваҕа «Нам улууһугар АПК сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэни туттарда.

Улуустааҕы депутаттар сэбиэтин председателэ Алексей Винокуров, үөрэх управлениетын салайааччыта Мария Игнатьева эҕэрдэ суруктары туттартаатылар.

Бэлиэ түгэнинэн үөрэх систиэмэтигэр өр кэмнэргэ үтүө суобастаахтык үлэлээбит, үлэлии сылдьар педагогтарга, иитээччилэргэ, салайааччыларга махтал суруктары, бочуоттаах грамоталары туттардылар. Дьокуускайга үөрэх эйгэтигэр үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарбыт, нэһилиэктэр баһылыктара, бииргэ үлэлэһэр тэрилтэрэ тэрээһиҥҥэ кыттан ыллыктаах тыллары эттилэр, үөрэхтээһин 155 сылынан эҕэлэрдэлээтилэр, сэмэй бэлэхтэрин туттартаатылар.

Эдэр чууталлар ытыктабыл бэлиэтин биллэрэн бэтэрээннэргэ сибэкки дьөрбөтүн бэлэх ууннулар.

Үөрүүлээх чаас кэнниттэн үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрин, үөрэнээччилэрин, иитиллээччилэрин эҕэрдэ кэнсиэрэ буолла.

Иитээччи — үтүөнү, кэрэни, сырдыгы саҕааччы! Учуутал — уус чулуута! 

Үөрэх баар — бараммат баай!

Семен Аргунов

Нам улууһун туһунан мин блогпар:

Сырдыгынан сандаара сыдьаайан…

День Малой Академии наук РС (Я) в Намском улусе. 7 ноября 2025 года

ВЫРАЩИВАНИЕ АРБУЗА В УСЛОВИЯХ СЕВЕРА НА ПРИМЕРЕ С. МОДУТЦЫ НАМСКОГО УЛУСА

Биобиблиографическай ыйынньык сүрэхтэннэ

Чаҕылҕан ол күнтэн — бу күҥҥэ

Тылбаасчыт аан дойдутааҕы күнүгэр Илья Винокуров (Чаҕылҕан) туһунан лекция!

Чаҕылҕан 110 сылыгар анаан!

Малая Академия наук РС (Я) оказала материальную помощь пострадавшим от наводнения в Намском улусе

Общественная палата призывает оказать помощь пострадавшему от паводка Намскому улусу

НАМ УЛУУҺУГАР СААСКЫ ХАЛААН УУТУТТАН ЭМСЭҔЭЛЭЭБИТ НЭҺИЛИЭННЬЭЛЭЭХ ПУУННАРГА УУ ТАҺЫМА

ПОЭТТАР ПОЭТТАРА ТАЛЛАН БҮРЭ ТӨРӨӨБҮТЭ 115 СЫЛА

Центр общественного наблюдения Республики Саха (Якутия) 17.03.24 г.: концерт, флешмобы в Намском улусе и многое другое!

Нам улууһугар Саха Республикатын народнай суруйааччытын Николай Лугинов үбүлүөйэ

«Сырдык сыдьаайынан сандааран» — «Мария» кинигэ Модукка!

Нам улууһугар «Дьиэ кэргэн экономикатын сайыннарыы» программаны үлэлэтии атын улуустарга холобур буолар

Освящение часовни Тюбя Басинской Казанской церкви в Намском улусе! Июль 2018 года.

Мои родственники в Великой Отечественной войне 1941 — 1945 гг.

Эдьиийдэрим барахсаттар…

Фрунзе нэһилиэгэр юбилейнай ыһыах ааста!

Состояние реконструируемой автодороги «Нам» 12.06.2022 г.

«Мария». Книга о Марии Егоровне Алексеевой (Тереховой).

«Я убит подо Ржевом» на якутском языке

2021 сылга Олоҥхоһут Бэдьээлэ төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах…

Направления развития МР «Намский улус». 24.02.2021 г.

Завершение года 105-летия Ильи Винокурова — Чаҕылҕан! Декабрь 2019 года.

Мой сайт: https://nikbara.ru/ — блог о разных интересных событиях

Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/

Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara

Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287 — архив моих постов в Дневниках Якт.ру и новые посты о культурных событиях.

Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!

https://youtube.com/@nikbara

Мой канал в РУТУБ: https://rutube.ru/channel/14274804/

И на мои аккаунты в социальных сетях!

«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992

«В контакте» https://vk.com/nbaramygin

Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.