АЛМААС БЫЛДЬАҺЫЫТЫН ТУҺУНАН ААҔАН БАРАН…

Талааннаах суруйааччы Вячеслав Щепоткин «Дуэль алмазных резидентов» диэн кинигэтин уонна Павел Неустроев сахалыы тылбааһын ааҕан баран «олус бэркэ суруллубут да, тылбаастаммыт да» диэн сөбүлээтим. Ааптар бу үлэтигэр Вячеслав Штыров туһунан Александр Матвеев (1995 с. “АЛРОСА” вице-бэрэсидьиэнэ) суруйбут кинигэтиттэн быһа тардан киллэрбит. Биир кинигэҕэ алмаас былдьаһыытын бары өттө кыайан хабыллыбатынан, дьоҥҥо ити киирсии сорох биллибэт өттүн, бэйэм билэрбин, көрүүбүн кэпсиим.

Николаев Горбачевка ультиматума

Мин Сойуус ыһылларын саҕана ССРС норуодунай дьокутаата, ону ааһан ССРС Үрдүкү Сэбиэтин чилиэнэ, сокуону таһаарар комитет хос бэрэссэдээтэлэ буола сылдьан, М.С. Горбачев уонна Б.Н. Ельцин отой тапсыбаттарын, былааһы былдьаһалларын, сурах хоту буолбакка, илэ көрө-билэ сылдьыбыт туоһу буолабын. 1991 с. саас-сайын Горбачев Ельцин былааһын мөлтөтөөрү, саҥа Сойууһунай дуогабар бырайыагын оҥотторор. Ол дуогабар бырайыагын быһыытынан автономнай өрөспүүбүлүкэлэр бырааптара Сойууһунай өрөспүүбүлүкэлэр бырааптарын кытта тэҥнэһэ түһэр уонна ССРС тэриллэр дуогабарыгар илии баттаһар быраап ылаллар. Автономиялар бырааптара түһээн да баттаппатах буола кэҥиир уонна сүбэрэнитиэттэрэ үөскээн тахсар. Ельцин илии баттаһартан туттунар. Кини илин былдьаһан, Арассыыйа сүбэрэнитиэтин ылыннара охсор. Ити кэннэ атын Сойууһунай уонна автономнай өрөспүүбүлүкэлэр сүбэрэнитиэттэрин ылар “парааттарын” уотун сахпыта. Ону ааһан, Ельцин Арассыыйа сокуоннара ССРС сокуоннарынааҕар үрдүк юридическай күүстээхтэрин, баайы-дуолу, сир баайын Арассыыйа бас билиитэ диэн биллэрэр ыйааҕы таһаарар.

Ол курдук, М. Е. Николаев, Ельцини кытта кэпсэтиилээх буолан буолуо, 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха өрөспүүбүүлүкэтин Үрдүкү сэбиэтинэн судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэт декларациятын ылларар. Оччолорго «Якуталмаз» холбоһук Сойууска быһа бас бэринэрэ уонна Саха сиригэр, кырдьыгынан этэр буоллахха, «өлүүгүт бу” диэн тугу да биэрбэт этэ. 1991 с. Ельцин Арассыыйа сиртэн хостонор баайын-дуолун түмээри, Евгений Бычков баһылыктаах ГОХРАН тэрийэр. Ельцин анал ыйааҕынан Саха сиригэр алмаастан 20%, көмүстэн 10% бэрдэттэрэр. Ити барыта М.Е. Николаев туруорсуутунан ситиһиллибитэ.

Бу кэмнэ М.Е. Николаев М.Горбачевка “биир да кыраам алмааһы биэрбэппин” диэн ис хоһоонноох сурук ыытар уонна биир түүн иһигэр алмааһын барытын кистиир. Оччолорго Горбачев былааһа өссө да күүстээҕэ. Ити буруйун иһин М.Е. Николаев хаһан баҕарар тутуллар, хаайыллар кутталлааҕа.

Н.Ф. Борисов, З.А. Корнилова үтүөлэрэ

1991 с. М.Е. Николаев Б.Н. Ельцини кытта кэпсэтэн, «Якуталмаз” холбоһук правовой балаһыанньатын уларытан, сабыылаах аахсыйалаах хампаанньа гынарга кистэлэҥ ыйаах таһаарарга кэпсэтэр. Оччотугар хамыыһыйа тэриллиитин боппуруоһа үөскээн тахсар. М.Николаев Саха АССР Арбитражнай суутун бэрэссэдээтэлэ Н.Ф. Борисовы ыҥыран ылан, “хамыыһыйаҕа киллэрэбин, Саха сирин интэриэһин көмүскээ” диир. Хамыыһыйаҕа Борисов, Рудаков, Улин, Зельберг, Бычков о.д.а. киирэллэр. Борисов аахсыйа сокуоннарын үөрэтэн, түүннэри-күннэри толкуйдаан, Арассыыйаны кытта дуогабар түһэрсэр санааҕа кэлэр. Николай Федорович Комдрагмет дьиэтигэр баар Бычков кабинетыгар киирбитэ, Матвеев, Пискунов, Зельберг тоҕо эрэ саҥата суох буолан олороллор эбит. Борисов кэлин билбитэ, “Якуталмааһы” чааһынай хампаанньа оҥороору кэпсэппиттэр эбит. Ону ааһан, хампаанньаны «Алмазы России” эрэ гынарга сүбэлэһэн олороллор эбит. Борисов Саха сирин аахсыйалаах буолуохтаах диэн Матвеевтыын киирсэллэр. Урут Өймөкөөҥҥө Матвеев райком сэкирэтээрэ эрдэҕинэ, Борисов өрөспүүбүлүкэ борокуруорун солбуйааччыта эбит. Аны туран оройуон борокуруора Юрий Поздняков Матвеевка дьиэк (компромат) көрдөөн, Магадааҥҥа диэри батыһа сылдьан, хаартыскаҕа түһэрбит түгэннээх. Дьиҥэр, Н.Ф. Борисов ити сойуолаһыыга сыһыана суох. Уһун тиниктэһии кэнниттэн хампаанньаны, Саха сирин киллэрэн туран, «АЛРОСА» (Алмазы-России-Саха) диэн ааттыыр буолбуттар.

Борисов арбитражнай суукка үлэлиир буолан, приватизация хампаанньата барыахтааҕын сэрэйэр эбит. Ол иһин, маладьыаһыҥ баара, ону күөйэ үлэлиэххэ наада диэн сорук туруорунар. Маҥнай утаа Саха сирин миниистэрдэрэ Москубаҕа көһөн тиийэн, 30 пууннаах дуогабар барылын онорбуттарын, Гайдар сирэн “быраактаан” кэбиһэр. Бу кэмҥэ РФ дьокутаата З.А. Корнилова кэлэн кыттыһан, дуогабар экэнэмиичэскэй төрдүн оҥорорго көмөлөһөн, үлэ күүһүрэ түһэр. Дьэ, ону көрөн, Николаев миниистирдэрин төттөрү дойдуларыгар ыытар, Борисовы уонна Корнилованы хаалларар.

Дьэ, кытаанах киирсии бырыһыан тыырсыытыгар тахсар. Тиһэҕэр Саха сирэ — 32 %, Россия — 32 %, үлэ кэлэктиибэ — 27 %, онтон ордугун эмиэ улахан ылахтаһыы кэнниттэн 8 % оройуоннар ылаллар. Онтон 2 %-ны Ф.С. Тумусов салайааччылаах «САПИ-га” биэрэргэ быһаараллар. Хамыыһыйа үлэтин түмүгүнэн, 1992 с. Ельцин “АЛРОСА-ны” тэрийэр сабыылаах ыйааҕа тахсар. Хас да сыл буолан баран, “САПИ” үлэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ көдьүүһэ мөлтөх буолан, Николаев М.Е. сорудаҕынан РФ Үрдүкү суутугар кыттаммын, “САПИ”-тан 2%-нын өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн иһинэн барар гына оҥотторбуппут.

Алмаас былдьаһыыта кэлин даҕаны салҕанан бара турбута. Ити дуогабар кэннэ тута 1993 с. Е.Бычков уонна А.Козленок диэн дьон “Голден АДА” диэн тэрилтэнэн, кырыыламматах алмааһы кистээн Израильга атыылаабыттара биллэн, дьыалаламмыттара. Суот-учуот суох кэмигэр, алмааһы суортаабакка, каратын быһаарбакка, ыйаабакка Гохраҥҥа мөһөөччүгүнэн аҕалан ууран атыылаабыттар эбит. Кинигэҕэ Штыров уонна Матвеев онно улахан утарсыы оҥорбуттара кэпсэнэр. Тоҕо эрэ «Союзалмаз» холбоһук салайааччыта В.Рудаков Израильга алмааһы ыытарга көҥүллээн илии баттаабыт курдук суруллубут. Кини илии баттааһына суох В.Черномырдин хайдах да илии баттыа суохтаах эбит дэнэр. Бычков уонна Козленок уорбуттара силиэстийэҕэ дакаастанан, сууттанан, кыра болдьоххо хаайыллан баран, билигин кыраныысса таһыгар куотан олороллор.

Арыый да кэлин соҕус М.Е. Николаев миигин ыҥыран ылан, «Москубаҕа баран үчүгэй юристары булан, «АЛРОСА-ны» көмүскүүр бырааптанарга быһаарыы түмүгүн (правовой заключение) суруттаран аҕал» диэн соруйбута. Москубаҕа тиийэн, уруккута ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин быраапка управлениетын начаалынньыга, Аан дойдутааҕы суут судьуйата, Госдуума дьокутаата буола сылдьыбыт, бэрэпиэссэр, юридическай билим дуоктара С.В. Запольскайы, ССРС юстициятын миниистирэ, ССРС норуодунай дьокутаата буола сылдьыбыт, бэрэпиэссэр, юридическай билим дуоктара С.И. Лущиковы, РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин быраапка управлениетын начаалынньыга, РСФСР норуодунай дьокутаата буола сылдьыбыт, бэрэпиэссэр , юридическай билим дуоктара В.Б. Исаковы булаттаан, икки ый курдук үлэлээн, 200 тахса сирэйдээх түмүк суруйтаран, суос-соҕотох эксэмпилээри М.Е. Николаевка биэрбитим. Ону бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ В.М. Власовка биэрбитэ. Кэлин «АЛРОСА-ны» былдьаһыыга ол түмүк улаханнык көмөлөспүтэ диэхпин сөп.

Айдааннаах бэрэсидьиэн быыбара

Алмааһы былдьаһыы үһүс түһүмэҕэ 2001 с. Саха сирин бэрэсидьиэнин быыбарыгар буолбута дии саныыбын. М.Е. Николаев Ельцины кытта элбэхтик алтыспыт буолан, Саха сирин бас билиитэ диэн быраап иһин-таһын бэркэ билэр этэ. Бас билиитэ суох дойду, дойду буолбат… Бас билии маҥнай «достояние» дэнэр этэ. 1992 с. кулун тутар ыйга федеративнай дуогабар илии баттаһыытыгар Саха сирин дэлэгээссийэтэ ультиматум оҥорон, «достояние» диэни «бас билии”, «өрөспүүбүлүкэни” “судаарыстыба” диэн уларыттаран турар. Кэлин Арассыыйа Төрүт Сокуонун суута өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыба иһигэр судаарыстыба буолбаттар диэн быһаарыынан ол суруйуу суолтатын симэлитэн турар. Николаев бэрэсидьиэнниир кэмигэр алмааһы, гааһы, ньиэби, чоҕу тыыттарбатаҕа. Бас билии боппуруоһугар сүрүн болҕомтону уурара. Баайа-дуола, бас билиитэ суох дойду да, өрөспүүбүлүкэ да кэлин кыамматын билэрэ. Биллэрин курдук, кэлин чох Мечелгэ 42 млрд. солк. атыыламмыта. Билигин ааҕан таһаарбыттара 350 млрд. солк буолар. Чайаанда уонна Талакаан гааһа уонна ньиэбэ “Сургутнефтегазка” босхону эрэ үрдүнэн барбыта. “Якутгазпром” эмиэ кыра сыанаҕа атыыламмыта – өрөспүүбүүлүкэ улахан ночоото буола сылдьар. Ити бөдөҥ хампаанньалартан өрөспүүбүлүкэ улахан көмө ылбакка кэллэ. Соҕотох “АЛРОСА” эрэ оччолортон бүддьүөккэ улаханнык көмөлөһөр.

«Ол иһин, ити быыбарга Николаевы туоратыы үлэтэ барбыта” диэхпин сөп. Оччолорго Бэрэсидьиэн дьаһалтатын быраап-сокуон өттүн мин салайарым. Быыбар кэмигэр Москуба өттүгэр, сүрүннээн, мин уонна Семен Протодьяконов үлэлээбиппит, Дьокуускайга тэрээһин өттүн — Александр Акимов, правовой өттүн Светлана Охлопкова салайбыттара. Бэрэсидьиэҥҥэ турбут хандьыдааттар: Василий Колмогоров, Семен Назаров, Василий Филиппов, Федот Тумусов бары түмсэн киирэн, Николаевы аккаастан диэн көрбүттэрин Михаил Ефимович сөбүлэспэтэҕэ. Оччолорго Арассыыйаҕа саҥа сокуон тахсан, Николаев М.Е. үһүс болдьоххо барар бырааптаммыта. Ол саҥа сокуон быһыытынан Татарстан бэрэсидьиэнэ Шаймиев үһүс болдьоххо талыллыбыта. Саҥа тахсыбыт сокуон өрөспүүбүлүкэ икки болдьоххо эрэ талыллар диир сокуонун кытта утарсара, Федеральнай сокуон баһылыыр диэн өйдөбүл оччолорго киирэ илигэ, онон мөккүһүү тахсыбыта. Инньэ гынан сууттаһан, үс сууту кыайбыппыт. Ону таһынан, Арассыыйа Төрүт Сокуонун суутугар ирдэбил сурук түһэрбиппит. Ону тута буолбакка, быыбар бүппүтүн кэнниттэн көрөн, М.Е.Николаев туһатыгар уураах таһаарбыттара да, туһалаабатаҕа.

Быыбар саҕаланыыта ыытыллыбыт соц-ыйытык түмүгүнэн, Николаев ырааҕынан кыайыан сөбө биллибитэ. Василий Колмогоров Москубаттан көҥүллээх, баҥкыыр Пугачев үбүлээһиннээх кэлбитэ. Николаев быыбардыыр ыстаабын дьэгдьийии эҥин оҥоһулла сылдьыбыта. Колмогоров ыстаабын Г.А. Корнилов салайбыта. Москубаттан анал политтехнологтар кэлэн, Николаев имиджин түһэрэ сатыыр үлэ бөҕөтүн ыыппыттара. Ол сылдьан, Колмогоров уонна Назаров быыбарга кыайар кыахтара суохтарын билэн, Москубаттан силовой структура салайааччылара «ыганнар”, ити хандьыдааттар көҥүл өттүнэн устуммуттара. Тутатына Николаевка “бэрэсидьиэн буолар түбэлтэҕэр алмаастан кэлэр харчыгын былдьыыбыт эбэтэр Федерация Сэбиэтигэр бэрэссэдээтэли солбуйааччы дуоһунаһын биэрэбит” диэн ыкпыттар диэн сабаҕа баар. М.Е. Николаевтан “бэйэҥ оннугар кими көрөҕүн” диэн ыйыппыттар.

Улахан толкуй кэнниттэн буолуо, В.А. Штыровка тохтуур. В.П. Ноговицын биһикки “Тыгын Дархаҥҥа” баар анал хоһугар кэпсэтиигэ: «Штыров бырамыысыланнас өттүн кыайыа, онтон сахатын духуобунаһын өттүн кыайыа суоҕа», — диэн этэн көрбүппүт. Николаев “Акимовы уонна Назаровы хаалларыам буоллаҕа дии” диэбитэ. Москубаттан Киин быыбардыыр хамыыһыйаттан Е.П. Ищенко диэн бэрэпиэссэр, юридическай билим дуоктара кэлэ сылдьара. Кини Николаев “АЛРОСА” бэрэсидьиэнэ В.А. Штыровка тохтообутун Москубаҕа КБК-ка биллэрэ охсор, анарааҥылар тута үөһэ тиэрдэллэр. Штыров бэрэсидьиэнниэн баҕарбат этэ, ол кэмҥэ Болгарияҕа сылдьара. Ыҥыран аҕалан, А.Кудриҥҥа киллэрэн кэпсэтиннэрбиттэрин аккаастыыр. Онтон салгыы кэпсэтиигэ Штыров “быыбары ааһарым ыарахан буолуо, М.Е. Николаев бэйэтинэн көмөлөстүн” диэн усулуобуйа туруорар. Дьэ, ол иһин Николаев көмөлөһөр. Акимов биһиккини Бүлүү бөлөх улуустарынан, Кэбээйинэн, Чурапчынан ыытар.

Улуустарга “тоҕо Штырову өйөөтүгүт” диэн мөҕүү-этии бөҕө, дьон үксэ Тумусовка ыалдьар этэ. Быыбар түмүгүнэн Штыров В.А. бэрт кыранан кыайан тахсыбыта. Ити курдук, Москуба Штыровы “АЛРОСА-тан” ылан кэбиһэр, Николаевы бэрэсидьиэниттэн ууратан, Москубаҕа Федерация Сэбиэтигэр олордор. Өскөтүн Ельцин 1999 с. бүтүүтэ уурайбатаҕа буоллар, атын хартыына буолуон сөбө эбитэ буолуо…

Оттон ол айдааннаах быыбар туһунан С.В. Запольскай «Хроника одного избирательного скандала» диэн кинигэ таһааран турар.

Макар ЯКОВЛЕВ,

1998-2010 сс. Бэрэсидьиэн дьаһалтатын салааччытын солбуйааччыта, маҥнайгы бэрэсидьиэн сүрүннүүр көмөлөһөөччүтэ.

«Туймаада» хаһыат

http://tuymaada.ru/almaas-bylda%d2%bbyytyn-tu%d2%bbunan-aa%d2%95an-baran/

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.