
Александр Виссарионович Мордовской 1978 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр Нам улууһугар Аппааныга игирэ аҥара буолан күн сирин көрбүтэ.
Аҕата — Мордовской Виссарион Афанасьевич.
Ийэтэ — Маркова Зинаида (Зоя) Александровна.
Аппааныга улааппыта, оскуоланы бүтэрбитэ, суоппар — тырахтарыыс идэлээх үлэһит киһи этэ.
Ыал буолан 9 оҕолоох. Аччыгыйа 2023 сыллаах оҕо.
Бэйэтин баҕа санаатынан дойдутун көмүскэлигэр анал байыаннай дьайыыга хантараак баттаһан 2024 сыл муус устар бүтүүтэ барбыта. Ахсынньы 7 күнүгэр суорума суолламмытын туһунан биллэрии кэлбитэ.
Сарсын 2024 сыл ахсынньы 27 күнүгэр дойдутугар Аппааны сиригэр кистииллэр…
Бырааппыт дойдуҥ сирэ сымнаҕас суорҕан буолан көрүстүн…
Быдан дьылларга быраһаай…
Убайын Афанасий Мордовской контага +7-914-263-93-13
