2022 с. ыам ыйын 16 к. СӨ Национальнай бибилитиэкэтигэр «Үс саха үйэлээх өрөгөйө» диэн ааттаах ССРС Дьоруойа Николай Саввич Степанов төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах көрсүһүү буолан ааста.
Саха Бикипиэдьийэтигэр суруллубут:
Степанов Николай Саввич (13.05.1922, Өргүөт нэһилиэгэ, Орто Бүлүү улууһа[1] — 20.09.1992) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1990).
1922 сыл ыам ыйын 13 күнүгэр Орто Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр[1] төрөөбүт.
Сэрии саҕаланыан иннинэ нэһилиэк Сэбиэтин исполкомун сэкиритээринэн үлэлээбит, Бүлүү педучилищетын бастакы кууруһун бүтэрбит.
1992 сыллаахха балаҕан ыйын 20 күнүгэр өлбүт.
Аармыйаҕа 1943 с. бэс ыйыгар Бүлүү оройуоннааҕы военкоматынан ыҥырыллан барбыт.
Тыылга кылгас кэмнээх байыаннай үөрэҕи бүтэрбит. Сэриилэһэр аармыйаҕа тиийэн 1944 с олунньутуттан 5-с механизированнай биригээдэтин 1-кы мотострелковай батальонугар пулеметчик буолбут.
Украина, Молдова, Румыния, Югославия, Венгрия, Австрия, Чехословакия уонна Прага куорат босхолооһуннарыгар кыттыбыт.Арҕаа сэрии бүппүтүн кэннэ, Уһук Илин фронугар тиийэн, Япония Квантунскай аармыйатын урусхаллааһыҥҥа кыттыбыт.
1944 с. кулун тутар ыйга Степанов подразделениета Соҕуруу Буугу туораан анараа кытылга тахсар бирикээһи ылар. Онно буойун уҥуор тахсан пулеметун уотунан пехота Маньковка дэриэбинэни ыларыгар кыах биэрбитэ, кыргыһыыга тус бэйэтэ 15 өстөөҕү уонна биир пулемет расчетун суох гыммыт. Ити хорсун быһыытын иһин Герой аатыгар түһэриллибит. Ол гынан баран, докумуоннара сүтэн, наҕараадатын ылбатаҕа.[төрүтэ ыйыллыбатах 2719 күн]Сэбиэскэй Сойуус Геройун аата 1990 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр иҥэриллибит, ону бэйэтэ Москубаҕа Кремльга баран туппут.
Николай Саввич Степанов 1992 с ыам ыйыгар 70 сааһын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр эппит тыла.
Дьоруой аатын Н.С.Степановка иҥэриигэ сыһыаннаах дьонноруттан биирдэстэрэ СӨ Бочуоттаах Гражданина Климент Егорович Иванов Национальнай бибилитиэкэ тэрээһинигэр кыттан тыл эттэ.
Саха Сирэ Аҕа дойду сэриитигэр олус ыар сүтүктэри тулуйан — фроҥҥа барбыттартан 30-тан тахса тыһыынча киһи төннүбэтэҕэ, тыылга хаалбыттартан 60-тан тахса тыһыынча киһи хоргуйан өлбүтэ.
Онон биһиэхэ, саха омукка, ол улуу сэрии өйдөбүнньүгэ, сэрии дьоруойдара өрүү умнуллубакка баар буолуохтаахтар. Саха дьоно Дьоруой званиетын ылалларын туруорсубут 90-с сыллардаах Саха Сириттэн ССРС депутаттарыгар барҕаа махтал буолуохтун!
Бүлүү улууһун туһунан постарым:
Экскурсия по Музею Славы г. Вилюйска 07.12.2021 г.
Видео экскурсии по Вилюйскому краеведческому музею им. П.Х.Староватова
Бүлүү улууһун олоҕун туһунан кэпсэтии
Мой сайт: https://nikbara.ru/ — мой блог о разных интересных событиях.
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287 — архив моих постов в Дневниках Якт.ру.
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt
«Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin