Үс Көлүйэҕэ үөрэх дьылын түмүктүүр ыһыах ыһылынна

Ыам ыйын 28 күнүгэр Покровскай куорат Үс Көлүйэ сиригэр И.М. Яковлев аатынан Покровскайдааҕы 1-кы №-дээх орто оскуола үөрэх дьылын түмүктүүр, самаан сайыны уруйдуу Саха АССР 100 сылыгар уонна оскуола төрүттэммитэ 135 сылыгар анаммыт Үрүҥ Тунах ыһыаҕы ыста.

Бэлиэтээн эттэххэ, оскуола ыһыаҕа үгэскэ кубулуйан сылын аайы ыытыллара. Бу кэлиҥҥи икки сылга хамсык дьаҥыттан сылтаан тохтуу сырытта. Ол да иһин быһылаах, ыһыах күн үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, ыалдьыттар, ону сэргэ оскуола кэлэктиибэ бүттүүнэ ох курдук оҥостон, сахалыы таҥнан-саптан, сиэдэрэй симэхтээх-киэргэллээх кэлэннэр киэҥ түһүлгэни толору муһуннулар. 

Ыһыах үгэһинэн алгыс түстэннэ, Аал уот оттуллан айах тутулунна, эҕэрдэ кэнсиэрт тэрилиннэ.

Хас да түһүмэхтээх күрэхтэһии үгүс кыттааччыны, көрөөччүнү, ыалдьааччыны түмтэ.

Ол курдук, саха маанылаах аһын сыаналыыр «Сандалы» куонкуруска улахан сүһүөххэ 8 «в» кылаас (кыл.сал. Д.В. Слепцова ), орто сүһүөххэ 6 «б» кылаас (А.А. Слепцова ), алын сүһүөххэ 2 «в» кылаас (Н.Н. Понохова) бастаатылар.

Бастыҥ түһүлгэ көрүүгэ алын сүһүөххэ 1 «б» ( кыл.сал. А.А. Кузьмина), орто сүһүөххэ — 5 «а» (Л.М. Горохова), улахан сүһүөххэ 8 «а» (А.Е. Колодезникова) кыайыылаах буоллулар. Биһирэбил бирииһи 8 «б», 10 «б» кылаастар ыллылар.

Уһун суһуох күрэҕэр 1 миэстэ — Эмилия Олесова (2 «в» кыл), Сандаара Лебедева (5 «а»), Мария Иванова (10 «а»), төрөппүттэргэ — Мария Олесова буоллулар.

Сахалыы талба таҥас күрэҕэр дьиэ кэргэттэр ортолоругар кыайыылаахтар Денисовтар (3 «б» кыл.), 2 миэстэ Пермяковтар (7 «в»), 3 миэстэ Марковтар (7 «а») буоллулар. Оттон оҕолорго алын кылаастарга Исаков Роберт (2 «б» кыл.), орто сүһүөххэ Прокопьева Уля (5 «б» кыл.), улахан сүһүөххэ Платонова Дайаана (10 «а» кыл.) бастаатылар.

Оһуокайга алын сүһүөххэ 1 миэстэ Острельдин Аман (3 «б» кыл.), 2 миэстэ Миронов Дамир (3 «а»), Гермогенов Тимур (2 «а»), 3 миэстэ Трофимова Уруйдана (3 «а»), Павлова Катерина (1 «б»), Севостьянова Уйгулаана (4 «б») буоллулар. Орто сүһүөххэ: 1 миэстэ Бардеев Саян (6 «а») 2 миэстэ Дмитриева Виолетта, 3 миэстэ Попова Саина (5 «а»). Улахан сүһүөххэ: 1 миэстэ Алексеева Снежана (10 «б»), 2 миэстэ Попов Сеня (8 «в»), 3 миэстэ Петрова Динара (8 «б»). Төрөппүттэргэ: 1 миэстэ Давыдов Ньургун Тимофеевич, 2 миэстэ Софронова Розалия Васильевна, 3 миэстэ Гермогенова Сардана Николаевна ааттаннылар.

Тыҥааһыннаах спортивнай этаабынан күрэххэ, саха оҕолор уонна төрөппүттэр кытыннылар. Ол түмүгүнэн бөлөхтөрүнэн кыайыылаах 3 «а», 6 «а», 7 «а» кылаастар буоллулар. Хапсаҕайга муҥутуур кыайыылаах 8 «а» кылаас үөрэнээччитэ Саморцев Милан таҕыста.

Маны сэргэ, оскуола дириэктэрэ Спиридон Шишигин 2021-2022 сс. үөрэх дьылын түмүгүнэн үөрэххэ ситиһиилээх, оскуола общественнай олоҕор көхтөөх кылаастары бэлиэтээтэ. Онон, «Бастыҥ кылаас — 2022» ааты ылары ситистилэр — 4 «в» (кыл. сал. Василица Варламова), 7 «а» (кыл. сал. Татьяна Луковцева) уонна 10 «а» (кыл. сал. Саргылаана Иванова).

Бу курдук ыһыах кыттыылаахтара бииргэ алтыһан, айылҕаҕа сынньанан, күүс-сэниэ ылынан тарҕастылар. 

Ольга Гермогенова

«Хаҥалас» хаһыат сайтыттан: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/article/58653

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.