Бүгүн 2022 сыл алтынньы 23 күнүгэр Нам улууһун Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэр Аппааны сэлиэнньэҕэ Мордовской Виссарион Афанасьевиһы тиһэх суолугар атааран кэллибит.
Мордовской Виссарион Афанасьевич 1950 сыллаахха бэс ыйын 25 күнүгэр Орджоникидзевскай оройуон (Хаҥалас улууһун) 5 Малдьаҕар нэһилиэгэр Кытыл — Дьура сэлиэнньэҕэ күн сирин көрбүтэ.
Аҕата Мордовской Афанасий Николаевич, сэрии ветерана, Кытыл-Дьураҕа колхоз бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, кэлин өр сылларга 5 Малдьаҕар сэбиэтин сэкэрэтээрэ этэ.
Ийэтэ Мордовская Екатерина Николаевна колхуоска ыанньыксытынан үлэлээбитэ.
Виссарион Мордовскойдар дьиэ кэргэттэригэр бэһис оҕоннон төрөөбүтэ. Кини иннигэр төрөөбүт 4 оҕо өр олорботохторо. Онон 6 оҕоттон Виссарион уонна балта Валентина эрэ тыыннаах хаалбыттара.
Ийэтэ Екатерина Виссарион 11 сааһыгар бу сиртэн туораабыта.
Виссарион 7 сааһыгар Кытыл-Дьураҕа оскуолаҕа маҥнайгы кылааска үөрэнэ барбыта, 10 кылааһы Сиинэ орто оскуолатыгар бүтэрбитэ.
Армияҕа сулууспалаабыта, колхуоска үлэөэ киирбитэ уонна коммунист партия чилиэнэ буолбута.
Онтон 1975 сыллаахха Дьокуускай куоракка Сельхозтехникумҥа РК (руководящих кадров) үөрэххэ киирбитэ. Студенныы сылдьан олоҕун аҥаарын Маркова Зинаида Александровнаны көрсөн 1976 сыллаахха сыбаайбалаабыта.
1977 сыллаахха улахан уолларын Афоняны оҕоломмуттара. Иккиэн үөрэхтэрин бүтэрэн Зинаида дойдутугар Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр үлэлии тахсыбыттара.
1978 сыллаахха игирэлэри Сашаны уонна Алешаны төрөппүттэрэ, 1980 сыллаахха кыра уолу Коляны төрөппүттэрэ.
Виссарион совхозка зоотехнигынан, бригадирынан, тракториһынан өр сылларга үлэлээбитэ. Совхоз ыһыллыбытын да кэннэ тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитэ.
Виссарион биһиги ийэбит бииргэ төрөөбүт убайын соҕотох уола буолан, биһиэхэ олус чугас этэ, наар сылдьыһар этибит, Өктөмҥө, Төхтүргэ кэлэр этэ.
Убайбыт 4 уолу төрөтөн, элбэх сиэҥҥэ таптыыр эһээлэрэ буолан, биир киһи олоҕун олорон 2022 сыл алтынньы ый 20 чыыһылатыгар күн сириттэн туораабыта.
Күндү убайбыт быдан дьылларга бырастыы, быраһаай!
Дойдуҥ буолбут Аппааны сирэ сылаас суорҕан, сыинаҕас сыттык буоллун…