“Үтүөкэннээх Ийэ дойдум”

«Хаҥалас» хаһыат айар күрэҕин балаһыанньата

Бу дьыл сэтинньи 4-тэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри «Хаҥалас» хаһыат редакцията ааҕааччыларбытыгар сахалыы тылынан прозаҕа уонна поэзияҕа айар күрэх биллэрэбит. Күрэх Россия норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылыгар, Хаҥаласка История өйдөбүнньүк, Хаҥалас төрүт аата төннүбүтэ 30 сылларыгар ананар.

Кыттааччы бэйэтин айымньытын gaz_han@mail.ru хаһыаппыт электроннай почтатыгар аатын, аҕатын аатын, араспаанньатын, төлөпүөнүн, ханнык нэһилиэктэн сылдьарын толору ыйан ыытара ирдэнэр. Киирбит үлэлэри хаһыат редакцията көрөн сыаналыыр. Прозаҕа, поэзияҕа тус туһунан биирдии кыайыылаах быһаарыллар уонна сыаналаах бирииһинэн, сахалыы тыллаах «Хаҥалас» хаһыакка сыллааҕы сурутуунан наҕараадаланар.
https://ханаласгазета.рф/article/77639

Билсэр нүөмэрдэргит: 89245671641 (Людмила Аммосова),
89245697106 (Ольга Гермогенова).

«Хаҥалас» хаһыат телеграм ханаала: https://t.me/gazetahangalas

“Үтүөкэннээх Ийэ дойдум”: 2 комментария

  1. Мое сугубо личное мнение: девушки саха по красоте не уступают японкам, если не сказать, что они более красивы, утонченны, харизматичны

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.