Билиҥҥи балаһыанньа бюджеппытыгар хайдах дьайда?

Үүммүт дьыл хайдах быһыылаахтык ааһара, ити сыллааҕы бюджет сокуона хайдах таҥыллыбытыттан улахан тутулуктаах. Мээнэҕэ тустаах докумуону сокуоннар «ийэлэрэ, аҕалара» диэн ааттаабаттар.

Биллэрин курдук, билигин чэпчэкитэ суох кэмҥэ олоробут. «Маннык кэм, билиҥҥи балаһыанньа өрөспүүбүлүкэбит бюджетыгар хайдах быһыылаахтык дьайда?» диэн ыйытыы үгүстэри долгутар да, интэриэһиргэтэр да буолуохтаах. Дьэ бу боппуруос тула Ил Түмэн бюджекка, үпкэ, түһээн уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин Юрий Николаевы кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.

Куһаҕана суох бюджет ылылынна

— Юрий Михайлович, биллэрин курдук, үүммүт 2023 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэбит бюджета ураты уустук кэмҥэ ылылынна. Дойду билиҥҥи балаһыанньата тустаах сокуоҥҥа хайдах быһыылаахтык дьайда, хайдах бюджет ылылынна диэн сыаналыыгын?

— Маннык кэмҥэ дойду экономиката төттөрүтүн күүһүрүөхтээх дии саныыбын. Ол гынан баран билиҥҥи дойду балаһыанньата экономикабыт соччо-бачча бэлэмэ суох бириэмэтигэр түбэһэн хаалла. Соторутааҕыта Россия Президенэ Владимир Путин бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытта көрсөн кэпсэтэригэр, бырамыысыланнас миниистирэ кинини кытта өр баҕайы мөккүһүүтэ, баар балаһыанньаны өйдөөбөт буолуу түгэннэрэ баарын көрдөрөр. Итинник өйдөммөт быһыы-майгы түгэннэрэ биһиэхэ эмиэ бааллар. Ол курдук, билигин түргэнник быһаарыныыны ылынар, хамнанар кэм кэллэ. Налыйан олоруу кэмэ буолбатах.

Билиҥҥи чэпчэкитэ суох кэмҥэ түргэн хамнаныылар, быһаарыныылар наадалар. Налыйан олорор кэм буолбатах.

Мин производствоҕа үлэлээбит киһи буоларым быһыытынан, дойду 2023 сыллааҕы бюджекка байыаннай бырамыысыланнаска үгүөрү үп-харчы көрүллэн, атын ыстатыйаларга тыырыллар үп аччатыллыа дии санаабытым. Биир ороскуот улааттаҕына, икки ороскуот кыччыыра чуолкай буоллаҕа. Ол курдук, быйылгы дойду бюджетыгар оборона өттүгэр ороскуот биллэрдик улаатта. Дьиҥэ, бу салааҕа эрдэттэн үгүөрү үп-харчы көрүллүөхтээх этэ. Федерация Сэбиэтигэр парламент истиилэрэ буолбута. Манна кыттыыны ылбытым. Тэрээһини Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко салайан ыыппыта. Дойду үпкэ миниистирэ Антон Силуанов сүрүн дакылааты оҥорбута.

Онно 2023 сыллааҕы дойду бюджетын барылыгар, регионнарга тыырыллар үп-харчы сууммата уларыйбатаҕыттан, аччаабатаҕыттан, кистээбэккэ эттэххэ, олус диэн үөрбүтүм. Маннык кэмҥэ, балаһыанньаҕа субъектар төттөрүтүн күүһүрэн биэриэхтээхтэр. Төһөнөн регионнар кыаҕыраллар да, дойду соччонон күүһүрэр буоллаҕа. Уопсай кыһалҕа үөскэтээҕинэ, субъектары мөлтөтөҥҥүн, дойдуга куттал суоһуурун суох оҥорбоккун. Ити кимиэхэ баҕарар өйдөнөр буолуохтаах.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев Уһук Илин федеральнай уокурук регионнарын аатыттан биһиги киинтэн ылар дотациябыт аччыа суохтаах, муҥ саатар 2022 сыллааҕынан хаалыахтаах диэн тыл эппитэ. Анал байыаннай эпэрээсийэ иннинээҕи оҥоһуллубут методиканан, ааҕыынан-суоттааһынынан дотация аччыан сөптөөҕө. Тустаах боппуруоһу миэстэтигэр быһаарыы буолбута. Валентина Матвиенко итиннэ сөбүлэһэрин туһунан кытаанахтык эппитэ уонна Антон Силуановтан бу боппуруоска хоруйдууругар көрдөспүтэ. Онуоха үп миниистирэ ааспыт 2022 сыллааҕы суумманы оннунан хаалларабыт диэн хардарбыта.

2023 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ бюджетын ылынныбыт. Ааспыт сылга 100-тэн кыратык чорбойор млрд солк. федеральнай киинтэн үбү-харчыны ылбыт буоллахпытына, 2023 сыллааҕы бюджеппытыгар ити суумма 111 млрд солк. тэҥнэстэ, эбиллэн биэрдэ. Маннык суумма бырабыыталыстыба уонна парламент федеральнай киини кытта бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр ситиһилиннэ.

Итини таһынан манна Госдума депутата Галина Данчикова оруолун тоһоҕолоон бэлиэтиир наадалаах. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэбит урукку Ил Дархана Егор Борисов бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит киһини Госдума депутатыгар үүннэрэр уонна бюджет кэмитиэтин чилиэнэ буоларын ситиспитэ. Галина Иннокентьевна өрөспүүбүлүкэбиттэн Үрдүкү Сэбиэт да буоллун, Госдума да буоллун, депутаттарбытыттан бюджет кэмитиэтигэр чилиэнинэн аан бастакынан киирдэ. Өссө кини бюджет икки ардыларынааҕы сыһыаннааһылар хамыыһыйаларын бэрэссэдээтэлэ. Дойду үбүн министиэристибэтэ регионнарга үбү-харчыны ити хамыыһыйаны кытта бииргэ тыырар. Ааспыт 2022 сыллааҕы бюджекка көрүллэр дотация олох аччыыр диэн олордохпутуна, Галина Данчикова салайар хамыыһыйата сөп быһаарыныыны ылынан, регионнарга барар үп төттөрүтүн улааппыта. Быйыл эмиэ итинник хартыына буолла. Онон кини Саха сирин политическай историятыгар киириэн киирдэ.

Галина Иннокентьевна тыла ыйааһыннаах. Өрөспүүбүлүкэ парламеныгар өр сылларга депутаттыырым быһыытынан, итинниги ситиһэр боростуойа суох дьыала буоларын билэбин. Кини иккиһин Госдума депутата буолан, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук субъектарын интэриэһин көмүскээһиҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьарыгар, этэргэ дылы, таҥараҕа махтанабын.

2023 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ бюджетын таҥыыта боростуойа суох буоларын, үлэлии сылдьар дьон эрдэттэн өйдүүр этибит. Дьоҥҥо-сэргэҕэ күһүнүн бюджет оҥоһуллар диэн өйдөбүл баар. Ол эрээри манна үлэ сайыҥҥыттан саҕаланар.

Министиэристибэлэр «приоритет» диэн тылы сөптөөхтүк өйдүөхтээхтэр. Баҕа санаалартан, былааннартан саамай наадалаахтара, көдьүүстээхтэрэ, билигин нэһилиэнньэ тугу кэтэһэрэ бастакы уочарат туруохтаах. Манна сыыһалар-халтылар баар буолааччылар. Холобурга аҕаллахха, хамнаһы ороскуоттарыгар приоритет курдук көрбөккө буолан бараннар, кэмниэ кэнэҕэс үлэ төлөбүрүгэр үп-харчы тиийбэтэ диэн айдаарар миниистирдэр эмиэ бааллар. Дьиҥэ, ити улахан сыыһалара дии санаабын. Хамнас боппуруоһа бастакы уочарат туруохтаах. Үлэлиир киһи хамнаһы аахсыахтаах.

Национальнай бырайыактарга көрүллүбүт үп-харчы кэппиэйкэтигэр тиийэ көдьүүстээхтик туһаныллыахтаах. Буолаары буолан, билиҥҥи чэпчэкитэ суох кэмҥэ. Бу боростуойа суох кэмҥэ олох куһаҕана суох бюджет ылылынна.

Дохуот чааһын туһунан этэр буоллахха, итиннэ 272,9 млрд солк. суумманы көрдүбүт. Дохуоппутун элбэтэргэ салгыы үлэлэһэбит. Өссө 30-40 млрд солк. эбии киириэ диэн суоттанабыт. Дефициты 7 млрд солк. улаатыннардыбыт. Тоҕо диэтэргин, кредит ыламмыт ороскуоппутун сабынабыт.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит балаһыанньата дойду Европа диэки өттүнээҕи регионнарыттан уратылаах уонна ордук. Ол курдук, сирбит-уоппут Азия өттүгэр сытар уонна ньиэптээхпит, гаазтаахпыт. Ити сиртэн хостонор баайбытыттан дохуот ылыахпыт. Дойду Азия диэки хайыһара чуолкай. Аннараа Европа диэки барыта сабыллан турар. Кэлин «Уһук Илиҥҥи регион үүнүөхтээх-сайдыахтаах» диэн этиилэр үгүстүк иһиллэр буоллулар.

Онон ньиэби, гааһы уонна алмааһы хостуур тэрилтэлэрбит балаһыанньалара куһаҕана суохтар. Биллэн турар, ыарахаттар бааллар. Холобур, АЛРОСА хампаанньа туох баар техникалара, оборудованиелара тас дойдулар киэннэрэ. Олор саппаас чаастарын сыаналара наһаа үрдээтилэр. Хампаанньа итиннэ ороскуота лаппа улааппыт. АЛРОСА салалтата: «Ааспыт 2022 сылга үлэһиттэрбит тахсыылаахтык үлэлээннэр, 1 мөл. тоннанан элбэх алмааһы хостоотубут», — диэн отчуоттаата. Ол гынан баран акционердар омуктар буоланнар, 10 млрд солк. дивиденд харчыта былырыыҥҥы бюджеппытыгар кыайан киирбитэ. Үчүгэйэ диэн атын тэрилтэлэрбит үчүгэйдик үлэлээннэр, плюс, минус сабынныбыт. 2023 сыллааҕы былааҥҥа дивиденд сууммата аахсыллыбата. Нолуок сокуонугар

НДПИ-га уларыйыы киириэхтээх. Бу үүммүт сылга дидивидеммыт суотугар НДПИ-тан үп киллэриниэхпит диэн суоттанабыт уонна бу хайысхаҕа үлэ бара турар. Онон ити саппааспыт буолуоҕа. Федеральнай киин манна эмиэ интэриэстээх. Инникитин бюджекка уларытыылары киллэриигэ 10 млрд солк. дохуот быһыытынан кэтэһэбит.

Дохуот 52% — социальнай хайысхаҕа

— Үүммүт сыл бюджетын хайа баҕарар социальнай хайысхалаах диир кыахтаах буоллахпыт.

— Оннук. Киирбит дохуот 52% социальнай хайысхаларга тыырылынна. Ол курдук, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ, социальнай эйгэҕэ, спортка, о.д.а. хайысхаларга. Анал эпэрээсийэ бара турар диэн туох да тохтообот.

Төгүрүк тулаайахтары олорор дьиэнэн хааччыйыыга 1 млрд 200 мөл. солк. көрдүбүт. Прокуратураттан аҕыйах үбү көрбүккүт диэн суругу тутан олоробут. Манна федеральнай үбүлээһин элбииригэр туруорсабыт. Урут 18 саастарыгар диэри тулаайахтар дьиэнэн хааччыллыахтаахтар диэн сокуоҥҥа этиллэрэ. Оннук эбитэ буоллар ити соругу толорбуппут ырааппыт буолуох этэ. Билигин дьиэлээхтэриттэн дьиэлэрэ суоҕуттан тутулуга суох, саастарыттан тутулуга суох, барыларын хааччыйыахтаахпыт.

Мобилизацияламмыт дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэ күүскэ көмөлөһө олорор. Ити көмө харчыта эмиэ итиннэ киирэ сылдьар. Мин манна өссө эбэн этиэхпин баҕарабын, Россия, өрөспүүбүлүкэ биэрэр көмө харчыларын таһынан, муниципальнай тэриллиилэрбит туох кыахтаахтарынан күүс-көмө буола олороллор. Харчынан эрэ буолбакка, мууһунан, маһынан, аһынан-үөлүнэн өйөбүл буолаллар.

Москваҕа госпиталларга сырыттыбыт уонна биһиги дойдубут кыайыылаах тахсарыгар толору итэҕэйдим. Уолаттарбыт санаалара күүстээх. «Үтүөрдүбүт, үчүгэй буоллубут эрэ, төннөбүт», — дэһэллэр.

— Юрий Михайлович, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сыһыарыллыбыт Донецкай уобалас Кировскай куоратын чөлүгэр түһэриигэ быйылгы өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар үп-харчы тыырылынна дуо?

— Ааспыт 2022 сылга Донецкай уобалас Кировскай куоратыгар биһиги дьоммут салайаннар оскуола туттардылар. Коммунальнай өттүгэр бэрээдэктээһин барда. «Бу салаа олох уруккулуу, сэбиэскэйдии, этэргэ дылы, сап саҕаттан салҕанан олороллор», — диэн биһиги дьоммут этэллэр.

2023 сыллааҕы бюджеппытыгар ити сыалга-сорукка эмиэ үп көрүлүннэ. Кировскай куорат олохтоохторун махталлара улахан. Итинтэн бюджекка көрөр харчыбыт дьоҥҥо туһалыырыттан, халтайга барбатыттан үөрэбит эрэ.

— Доллар курсун хамсааһына биһиги өрөспүүбүлүкэбит бюджетыгар оруоллаах буолуохтаах.

— Бюджеппытыгар доллар курсун хамсааһына оруоллаах. Тоҕо диэтэргин, бырамыысыланнаспыт улахан тэрилтэлэрэ долларга олороллор. Ньиэп буоллун, гаас буоллун. Доллар курса 70-75 солк. буоллаҕына, биһиги бюджеппытыгар сөп түбэһэр. 50 солк. түстэҕинэ, улаханнык ыксыыбын.

Олохтоох бородууксуйа дэлэйдэҕинэ

— Быйылгы бюджекка тыа хаһаайыстыбатыгар хаһааҥҥытааҕар да элбэх үп көрүлүннэ. Эн итиннэ тугу этиэҥ этэй?

— Тыа хаһаайыстыбатыгар 14,2 млрд солк. (2022 сылга манна 12 млрд. 11 мөл. солк. көрүллүбүтэ) хаһааҥҥытааҕар да элбэх үп-харчы көрүлүннэ. Итини таһынан федеральнай бюджеттан 2,5 млрд солк. үп көрүлүннэ.

Бу көрүллүбүт үп-харчы көдьүүстээхтик туһаныллыахтаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийиэхтээх. Манна үлэ барыахтаах. Уһук Илин региоҥҥа тыа хаһаайыстыбатыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбит курдук үбү-харчыны ким да көрбөт. Хаачыстыбалаах олохтоох бородууксуйа дэлэйиэхтээх. Билигин хаһааҥҥытааҕар да үпкэ-харчыга эппиэтинэстээх сыһыан ирдэниллэр.

Бастатан туран, нэһилиэнньэ астаах-үөллээх буолуохтаах. Хоту улуустарга түргэнник сайдар салаалары сайыннарыыга үлэ барар. Сибиинньэ оҕолорунан, кууруссаларынан хааччыйабыт. Манна биир боппуруос күөрэйэн таҕыста. Аһылыгынан хааччыйыахтаах эбиппит. Оччоҕо кууруссаларын, хаастарын кыстатыахтарын сөптөөх. Ити хоту улуустар олохтоохторо этэллэрин этэбин. Билиҥҥи балаһыанньаҕа маннык боппуруостар туруо суохтаахтар, үлэ систиэмэлээхтик, эрдэттэн толкуйданан ыытыллыахтаах.

Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйаларын харайар сирдэр, аныгы хотоннор баар буолуохтаахтар. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин Алексей Еремеевы кытта Өлүөхүмэҕэ командировкаҕа баран кэлбиппит. Урут уруккуттан ити улуус сымнаһыар күннээҕинэн-дьыллааҕынан, үүнээйи, оҕуруот аһа силигилии үүнэр ньүөл сирдээҕинэн биллэр. Тыа хаһаайыстыбатын бары салаата сайдарыгар усулуобуйа барыта баар. Ол эрээри суоллара-иистэрэ мөлтөх. Өлүөхүмэлэр: «Хотоммут суох, үчүгэй хотонноохпут буоллар сүөһүбүтүн элбэтиэ этибит», — дииллэр. Маннык сайдар кыахтаах улуустарга күүстээх көмө наада эбит түмүккэ кэлбиппит. 2023 сылга Өлүөхүмэҕэ умнас уонна Кэмпэндээйигэ тахсар суоллары, хотон туттарарга, үбү-харчыны инвестиционнай бырагыраамаҕа уонна суол фондатыгар көрөргө бэлэммит. Элбэх улууска тыа хаһаайстыбата сайдыан сөп эрээри, олох кыраттан иҥнэн олороллор. Манна комплекснай көрүү наада. Өлүөхүмэҕэ Ил Дархаммыт Айсен Николаев тиийэн, балаһыанньаны эмиэ билсэн турардаах.

Үүммүт 2023 сылга субидия үүт астааһыҥҥа 50 солкуобайтан 60 солк., ынах төбөтүгэр 35 тыһ.солк., 37 тыһ. солк., биэ төбөтүгэр 3 тыһ.солк., 5 тыһ.солк. таба төбөтүгэр 4995,5 солк., 5335,4 солк. улааттылар.

— Юрий Михайлович, тыа хаһаайыстыбатыгар үп-харчы бөҕө көрүлүннэ диэтибит. Олохтоох бородууксуйа сыаната сатаан сүрүннэниэ дуо?

— Ырыынак сыһыаннаһыыларыгар олоробут. Онон олохтоох эт, үрүҥ ас, оҕуруот аһа дэлэйэн, конкуренция баар эрэ буоллаҕына, сыана түһүөҕэ.

Тутуу аҕыйыахтааҕар, элбээтэ

— Инвестиционнай бырагыраама уонна «Сахам сирэ ХХI үйэҕэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһын тустарынан тугу этиэҥ этэй?

— Быйылгы сыллааҕы бюджекка инвестиционнай бырагыраамаҕа суол фондатыгар көрүллэр үбү аахсыбакка туран, 39,4 млрд солк. тыырылынна (2018 сылга ити сыалга 8,9 млрд солк., 2019 сылга — 5,5 млрд солк.. былааннана сылдьыбыт кэмнэрин ааспыппыт. Күндү ааҕааччылар тэҥнээн көрүҥ. Авт.) Өрөспүүбүлүкэҕэ хас сылын ахсын 10-нуу оскуоланы тутуохтаахпыт диэн бириинсиби тутуһан кэлбиппит уонча сыл буолла. Тыа сиригэр «Сахам сирэ ХХI үйэҕэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн оскуолалар уонна оҕо садтара эмиэ тутуллаллар. Сорохтор аҥаардас инвестбырагырааманан эрэ оскуола тутуллар курдук өйдүүллэр.

2023 сыллааҕы былааҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ 21 оскуола тутуута киирэ сылдьар. Тутуу аҕыйыахтааҕар, элбээн биэрдэ.

Кыра нэһилиэнньэлээх пууннарга тустаах бырагырааманан социальнай объектар тутуллубаттар. Балаһыанньата атын. Онон үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн эрэ тутуу барар кыахтаах. Маны өйдөөбөт дьон эмиэ бааллар. «Сахам сирэ ХХI үйэҕэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһыҥҥа көрүллэр үп-харчы балаһыанньата уларыйан, Олоҥхо ыһыаҕын уонна Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын объектара киирдилэр. Урут бу хамсааһыҥҥа 500 мөл. солк. көрүллэрэ. Манна ыһыах да, спортивнай оонньуулар да киирбэттэрэ.

Билигин баара-суоҕо икки-үс эрэ объект тутуута киирсэр. Кыра баҕайы тутууну икки-үс сыл устата соһобут-сыһабыт.

Былырыыҥҥы былааннаммыт бюджеттан көрдөххө, 2023 сылга бу хамсааһыҥҥа 100-тэн эрэ тахса мөлүйүөн былааннана сылдьара. Ону депутаттар туруорсаммыт 350 мөл. солк. диэри улаатыннардыбыт. 100 мөл. солк. буоллаҕына, туох да тутуу барбатыгар тиийэр. Оттон тутуллан эрэр объектар тохтууллар. Оччоҕо дьон да сыһыана салалтаҕа уларыйар. Дохуот киирэр буоллаҕына, үтүө дьыалаҕа көрүллэр үбү үрдэтиэххэ сөп.

Утарылаһааччылар, хамсааһын суолтатын өйдөөбөт дьон үтүө дьыаланан тутуллубут тутуулар хаачыстыбалара мөлтөх диэни куоһур тутталлар. Биллэн турар, урукку өттүгэр итинник көстүүлэр бааллара. Ити боппуруос тутааччыттан тутулуктаах. Билигин бэйэлэрин үтүө өттүнэн көрдөрбүт объектар бырайыактарынан судургу тутуулар хаачыстыбалаахтык ыытыллар буоллулар. Үөһээ Бүлүү Кэнтик бөһүөлэгин оҕо садын холобурга аҕалыам этэ. Инвестиционнай бырагырааманан тутуллубут объектартан уратыта суох, олус диэн хаачыстыбалаах тутуу.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер тутуутугар 2 млрд солк. көрүлүннэ. Ил Дархаммыт Айсен Николаев үөһэ ахтан ааспыт Федерация Сэбиэтигэр буолбут парламент истиилэригэр тустаах тутууга федеральнай бюджеттан эбии үп көрүллэрэ наадатын күүскэ туруорбута. Манна федеральнай киин өссө эбии 2 млрд солк. көрдөҕүнэ, тутуу 2024 сыл бүтэһигэр буолбакка, бу сылга үлэҕэ киириэн сөптөөх.

2,5 млрд солк. курдугу магистральнай гаас ситимин тутуутугар көрдүбүт. Ити тутуу «бытыктаах» тутууга киирсэр. Тимир сыаната үрдүү турар. Манна федеральнай бюджеттан эмиэ үп көрүллүбүтэ. Онон бу гааз ситимэ тутулларыгар улахан хамсааһын таҕыста.

Өлүөнэ муостата

— Юрий Михайлович, дьон-сэргэ кэтэһэр Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуутун боппуруоһа хайаста?

— Өрөспүүбүлүкэ 2023 сыллаах бюджетыгар Өлүөнэ муостатыгар көрүллүөхтээх үп-харчы тыырылынна. 2022 сыл бүтэһигэр Федерация Сэбиэтигэр ыытыллыбыт Саха сирин күннэригэр урукку курдук сокуону оҥоруу өттүгэр охтубакка, объектар

тутууларын боппуруостарын туруорустубут.

Ааспыт сайын Ил Түмэҥҥэ Федерация Сэбиэтин федеративнай тутулга, регионнар политикаларыгар, олохтоох салайыныы уонна хотугу дьыалалар боппуруостарыгар кэмитиэт кэлэн улахан мунньаҕы ыыппыта. Онно Өлүөнэ муостатын боппуруоһа көрүллүбүтэ, быһаарыллыбыта. Ахсынньыга Федерация Сэбиэтэ манна уураах ылынна. Ити уураах күүһэ улахан. Докумуон хас биирдии пууна Россия бырабыыталыстыбатын кытта кэпсэтиллибиттэрэ. Онон бырабыыталыстыба сөбүлэспит объектара диэн этэр толору бырааптаахпын. Мин ааҕыыбынан муоста тутуутугар 160 млрд солк. федеральнай үбү ыларга суоттаныахпытын сөптөөх. Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко бу боппуруоһу күүстээхтик туруорсан, бырабыыталыстыбаны кытта сөбүлэһиннэрэн, уураахха киирэри ситистэ. Муоста үбүлээһинин аҥаарын федеральнай бюджет, аҥаарын өрөспүүбүлүкэ уйунуохтаах.

Ил Дархан уонна өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата тустаах боппуруоска күүстээх үлэни ыыталлар. Үөһэ эппит уурааҕым пууна муоста тутуутугар хамсааһыны таһаарыа диэн улахан эрэллээхпин.

Ити уураахха муостаны таһынан үгүс социальнай тутуулар киирдилэр. Тыа сирин сайыннарыыга 4 объект киирдэ. Онон бу уураах суолтата улахан. Тус бэйэм тыа сиригэр көрүллэр үбү барытын тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга киллэрэбин. Ол курдук, оскуола, кулууп, балыыһа баар буоллаҕына, дьон тыа сиригэр олохсуйар, сир-уот иччитэхсийбэт. Оччоҕо эрэ тыа хаһаайыстыбата сайдар кыахтаах.

— Юрий Михайлович, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтанабын.

Людмила НОГОВИЦЫНА.

«Улус Медия» сайтыттан: https://ulus.media/article/87407

Мои посты о ситуации:

Санкции против Ирана… Мнения экспертов о влиянии санкций на Россию…

Как приспособиться к новой реальности

Выступление Эльвиры Набиуллиной на совместном заседании профильных комитетов Государственной Думы, посвященном рассмотрению Годового отчета Банка России за 2021 год

«Прокачиваем» компьютер российским софтом — от операционных систем до прикладного ПО

Дайджест новостей о программах и не только…

Президент России В.Путин о суверенитете

Миллиардер Мордашов помог эвенкам села Тяня, спас яхту и выступил на ПМЭФ 2022

Новости об операционных системах для компьютеров, блогерах и WhatsApp для компьютеров

Огромная радость для работающих пенсионеров!

Заявление Председателя Банка России Эльвиры Набиуллиной по итогам заседания Совета директоров Банка России 22 июля 2022 года

ЦБ готовится к отмене биржевых торгов долларом

Деревенские страхи: как санкции сказались на российском сельском хозяйстве

Академик Абел Аганбегян: » К концу года 30% россиян будут жить на 300 рублей в день»

Сколько зарабатывает «исконно русский» блогер

«Второй раз сохранить социальную и экономическую устойчивость за счет врачей и учителей не получится»

«От ускоренной адаптации до идеального шторма».

Борьба за процент: пять причин не впадать в оптимизм по поводу российской экономики

Заявление Председателя Банка России Эльвиры Набиуллиной по итогам заседания Совета директоров Банка России 16 сентября 2022 года

Новости о сети из сети Интернет…

Страны НАТО призывают своих граждан «Немедленно покинуть Россию»

Как защитить сбережения в финансовом шторме — советы Forbes.ru

30 лет приватизации. Два мифа, которым нельзя верить

«Надеяться на авось и экономить по-черному»: как россияне ищут работу за рубежом

Заявление Председателя Банка России Эльвиры Набиуллиной по итогам заседания Совета директоров Банка России 28 октября 2022 года

Выступление Эльвиры Набиуллиной на пленарном заседании Государственной Думы РФ

«Россия ведет себя как бедная страна»: главное из интервью Натальи Зубаревич

Золото по $3 тыс. за унцию, отказ от производства мяса и вооруженные силы Европы

Половина России станет ориентированной на Китай особой зоной

Заявление Председателя Банка России Эльвиры Набиуллиной по итогам заседания Совета директоров Банка России 16 декабря 2022 года

Доллар и евро на максимумах с мая: почему рубль под конец года стал дешеветь

Хрупкий мир: что грозит глобальной экономике в 2023 году

Острова инноваций: почему России стоит готовиться к деглобализации

Итоговый рейтинг регионов РФ – 2022: Республика Саха на 46 месте!

Республика Саха заняла 38 место в рейтинге лучших регионов для проживания в деревне!

Мой сайт: https://nikbara.ru/ — блог о разных интересных событиях

Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/

Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara

Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287 — архив моих постов в Дневниках Якт.ру и новые посты о культурных событиях.

Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!

https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин

И на мои аккаунты в социальных сетях!

«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992

«В контакте» https://vk.com/nbaramygin

Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.