
Күн бэҕэһээ мин олохпор улахан суолталаах түгэн буолла. Төрөөбүт-үөскээбит, үлэлээбит таптыыр-ахтар Сунтаарым үһүс нүөмэрдээх учууталлар айымньылаахтык үлэлиир, үөрэнээччилэр билиини-көрүүнү дьулуурдаахтык баһылыыр оскуолаҕытыгар мин ааппын иҥэрбиттэрэ улаханнык долгутта.


«Сунтаар сонуннара» хаһыат хаартыскалара
Итини мин үлэҕэ дьоҕурдаах кэммэр төрөөбүт улууһум сайдыытыгар киллэрбит ситиһиибин үрдүк сыаналааһын диэн уонна ону үйэтитии быһыытынан ылынабын. 90 сааспын туолбут үлэ бэтэрээнэ буоларым быһыытынан ааспыт олохпун анааран көрдөхпүнэ, төрөөбүт улууһум сайдарыгар, ол иһигэр норуот үөрэҕириитэ сайдарыгар болҕомтону күүһүрдүбүт эбиппин. “Төрөөбүт дойду ахтылҕаннаах, үтүө киһи өйдөбүллээх” диэн этии саха дьонун сиэригэр-майгытыгар баар. Төрөөбүт оройуонум сайдыытыгар биллэр-көстөр, дьоһуннаах кылааты киллэрбит дьону тыыннаах эрдэхтэринэ чиэстиир, үйэтитэр сөптөөх дьаһал.
Мин төрөөбүт улууспар райсовет исполкомун бэрэссэдээтэлинэн 1975-1983 сылларга, лоп курдук аҕыс сыл үлэлээбитим. Үөрэх салаатын сэбиэдиссэйэ Иванов Илья Семеновичтыын сүбэлэһэн улууска үөрэхтээһин сайдыытыгар уһулуччу болҕомтону уурбуппут. 1970-с сылларга Липецкай уобалас учууталларын бастыҥ уопуттарын тарҕатыыга, иитэр-үөрэтэр үлэ көдьүүһүн үрдэтиигэ улахан болҕомто ууруллубута, кабинетнай системаҕа киириигэ үлэ барбыта. Үгүс оскуолалар аныгы ирдэбилгэ эппиэттээбэттэринэн, эргэрбиттэринэн саҥа оскуола дьиэлэрин тутуу, капитальнай өрөмүөннэри ыытыы оройуон салалтатын биир сүрүн соругун быһыытынан турбута. Ити кэмнэргэ Бүлүүчээҥҥэ, Кириэстээххэ, Куокунуга, Дьаархаҥҥа саҥа оскуола дьиэлэрэ тутуллубуттара. Сунтаар 1 №-дээх таас оскуолатын, Түбэй, Дьаархан, Кутана оскуолаларын тутуу саҕаламмыта. Б.К. Андреев көҕүлээһининэн Элгээйи музейыгар анаан 16 квартиралаах дьиэни реконструкциялаан тутуллубута.
Ол сылларга оскуола дириэктэрдэрэ Акимов В.Г., Зедгенидзев С.А., Семенов С.Е., Никифоров А.Г., Степанов, Федоров Е.И. оскуолаларга үөрэх-билии сайдыытыгар ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ. Ол саҕана оскуолаларга пионерскай дружиналар күүскэ үлэлииллэрэ. Оскуолаларга хас нэдиэлэ аайы пионерскай дружиналар линейкалара олус тэрээһиннээхтик, көстүүлээхтик барара. Уруок таһынааҕы араас күрэхтэр, оҕолору сайыннарар, толкуйдатар оонньуулар, тэрээһиннэр ыытыллаллара. Ити барыта холбоон үөрэнээччилэр ис туруктарын тардыналларыгар, бээрээдэктээх, чобуо буолалларыгар уһуйара. Аныгы кэмҥэ нионерскай тэрилтэ үрдүк аатын солбуйар үөрэнээччилэр общественнай тэрилтэлэрэ суоҕа биһигини хомотор.
Саха норуотун чулуу бөлөһүөгэ Өксөкүлээх Өлөксөй (А.Е. Кулаковскай) “Төрөөбүт дойдугун, норуоккун таптыырга үөрэниэхтээххин“ диэн ыччакка анаан эппитэ. Кини “саха ыччата атын омуктартан хаалсыбат гына үүнэн тахсыахтаах” диэн кэс тылларын суруйбута. “Оттоку олук алгыһа” диэн айымньыгар маннык этиллэр:
Үс дойду өйүн түмэн
Өрөгөйгүн үрдэт!
Киэргэллээх аатыҥ
Кэнэҕэскигэ диэри
Кэтит Сибиир
Киэлитин тухары
Кэнчээри ыччат
Кэпсээнигэр киириэхтин!
Ньуучча ньургунун кытта
Туруулаһар доҕор буол,
Саха талыытын кытта
Самдайдаһар атас буол.
Ити буолар улуу суруйааччыбыт, бөлөһүөкпүт Алексей Елисеевич Кулаковскай ыччаттарга анаабыт кэс тыллара.
Түмүгэр, төрөөбүт, үлэлээбит ахтар-саныыр Сунтаарым үһүс нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччилэрин, учууталларын, инжеренэй-техническэй үлэһиттэрин коллективын, Сунтаар улууһун салалтатын аатыгар дириҥ махталбын биллэрэн туран, ытык сааспын сиппит кырдьаҕас быһыытынан баҕа санаабын эһиэхэ аныыбын: Саха сирин аныгы үйэҕэ чулуу киһитэ, Саҥа Саха сирин тутуу реформатора Михаил Ефимович Николаев эппитэ: “Үөрэхтээһин үрдүк таһымҥа тахсыыта – биһиги сайдар кэскилбит. Үөрэхтээх ыччат эрэ сайдыылаах Саха сирин, модун Россияны үөскэтэллэр”, — диэн. Чахчыта да оннук. Итини салгыы этэр буоллахха, билиигэ-көрүүгэ дьаныһан туран тардыһар, сырдыкка-кэрэҕэ дьулуһар, көнө майгылаах, үтүө дьыаланы оҥорорго дьоҕурдаах ыччаты иитэн таһаарыы судаарыстыба биир сүрүн соруга буолар. Аныгы үйэҕэ норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар саҥа технология көрүҥнэрэ тэтимнээхтик олоххо киирэллэр. Ону хаба тардан ылан, ыччаттары аныгы технология кистэлэҥнэригэр үөрэтии соруга турда. Оччоҕуна эрэ биһиги инники сайдыыбыт эрэллээхтик барыаҕа. Дириҥ билиилээх, үрдүк культуралаах ыччат төрөөбүт Сахатын сирин сайдыытын түргэтэтиэҕэ.
Эһиги коллективкыт инникитин даҕаны үөрэҕи, билиини ситиһиилээхтик баһылаан, улуускутугар, республика үрдүнэн үтүө холобуру көрдөрүөхтэрэ диэн эрэнэбин уонна оскуола материальнай базатын хаҥатыыга, кадрдарынан хааччыллыытыгар улуус дьаһалтатын республика салалтатыгар туруорсуутугар кыттыһыам диэн эрэннэрэбин. Республикабыт Ил Дархана А.С. Николаев: “Саха сирэ, сайдыы суолунан иннибит диэки”, — диэн норуот киэҥник өйөөбүт лозунун өйөөммүт, инники сайдыы иһин сомоҕолоһуоҕуҥ!
Климент Иванов,
Госсулууспа бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо
Дьокуускай, сэтинньи 20 күнэ
***
Сэтинньи 10 к. өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр аналлаах мунньахха К.Е. Иванов этиитэ.
Клименте Иванов туһунан мин блогпар:
Соболезнование от ветеранов государственной службы семье и близким В.М.Членова
Сахаттан сэдэх идэҕэ эн холобуруҥ үрдүү турдун…
С Днем Республики Саха, дорогие якутяне!
Делегация Республики Крым в Якутии весной 1993 года
Соболезнование семье и близким В.Р.Дарбасова
Выступление К.Е. Иванова на Верховном Совете СССР об экологии Якутии
«…Вы можете меня считать русским якутом!»
Соболезнование Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) К.Е.Иванова
Интервью Климента Егоровича Иванова в День государственности РС (Я)!
Климент Иванов 85 сааһын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр анаан
Поздравил К.Е.Иванова с 85-летием от имени блогеров Якутии!
Уроки прошлого – связующая нить времен: газификация Сунтарского улуса.
Об атомной, гидро- и ветровой энергии на Крайнем Севере Республики Саха
Истинный патриот своей республики
К 99-летию Гаврила Иосифовича Чиряева!
Отклик Почетного гражданина Республики Саха Климента Иванова на статью Анны Моякуновой.
В Якутии крупному алмазу присвоили имя видного государственного деятеля Климента Иванова
Киһи килбиэҥнээҕэ Николаев Иван Васильевич – Бытык Уйбаан туһунан ахтыы.
Дьоһуннаах үлэтэ, норуокка анаабыт олоҕо эдэр көлүөнэҕэ холобур буолар
Сунтаарга СӨ Бочуоттаах гражданина Климент Иванов кинигэтин сүрэхтэниитэ
Евгения Исаевна Михайлова – яркий представитель якутской интеллигенции!
Саха чулуу киһитэ Михаил Николаев туһунан Өлбөөдүйбэт өйдөбүл
СӨ бочуоттаах олохтооҕо Климент Иванов этиитэ…
Его труд – пример служения своему народу
Климент Иванов: Только усилие Ил Дархана может возродить алмазогранильную отрасль
Гавриил ЧИРЯЕВ каадыр боппуруоһугар сүрдээх болҕомтолоох этэ, – Климент ИВАНОВ
Билии-көрүү кыһата — Күндэйэ оскуолата
Сунтаар улууһун Элгээйи орто оскуолатын 150 сыллаах юбилейыгар анаан
Климент Иванов: «Якутия не должна оставаться лишь сырьевым придатком»
История бриллиантов: как зарождалась алмазная промышленность в Якутии
История бриллиантов: мудрость и мужество Семена Борисова ускорили развитие алмазной промышленности
Саҥа Саха сирин тутуу хайдах саҕаламмытай?
Мой главный жизненный ориентир: благодарность любимому дедушке
Мой сайт: https://nikbara.ru/ — блог о разных интересных событиях
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287 — архив моих постов в Дневниках Якт.ру и новые посты о культурных событиях.
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
Мой канал в РУТУБ: https://rutube.ru/channel/14274804/
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt
