Киһи барыта буолбатаҕына, үгүс өттүлэрэ киин сирдэр, куорат эрэ дьоно бары өттүнэн сайдаллар, тыаҕа олорон олохтон хаалаллар диэн өйдөбүллээхтэрэ баар чахчы. Ол иһин сорохтор сахалар сайдар суолбут тыаттан күүскэ киин сирдэргэ көһүү диир буоллахтара. Ити этииттэн киһи соһуйара, сүөдүргүүрэ туох да суох. Үксүгүт оннук саныыр буолуохтааххыт. Онтон дьиҥэр хайдаҕый?
- * *
Чэ, атыны куолулуу, ыраата барбакка бэйэбит Дьокуускайбытын ылыаҕын. Быстах кэлээччилэрдиин, бэрэпиискэтэ суох уонна кыһынын эрэ олорооччулардыын, ыалдьыттыын-хоноһолуун нэһилиэнньэтэ 400-кэ тыһ. киһиэхэ чугаһаатаҕа. Быһаччыта саха омук кыра аҥара киин куораппытыгар тоҕуоруйда. Билигин да онно киирии, дьулуһуу тохтообот.
Итинтэн сиэттэрэн бу суруйуубун аахпыттартан биир ыйытыы. Онно хоруйдаан эрэ. Саатар искитигэр санаан. Эрдэттэн сэрэтиим. Ыйытыыбыттан уонна ону быһаарыыбыттан өһүргэнимэн. Онтон ыйытыым маннык.
Үөһээ суруйбутум курдук, Дьокуускай олохтоммута 400-кэ сылын устата куоракка бэйэтигэр төрөөбүт эбэтэр кыратыттан киирэн онно улааппыт, үөрэммит, олохсуйбут төһөлөөх элбэх саха, атын да омуктар олорон, үлэлээн ааспыттара, билигин да бааллара буолуой? Киһи ааҕан сиппэт элбэх буолуохтара.
Дьэ, ити киһи ааҕан сиппэт элбэх дьонуттан биир эмэ биллиилээх, улахан баай, өрөспүүбүлүкэ сирдьитэ, бандьыыт-кыһыл, улахан салайааччы, уһулуччулаах артыыс, суруйааччы, уруһуйдьут, учуонай, урбаанньыт, дьоруойдар, ыспарсымыаннар… кимнээхтэр баалларый? Сатаатар билигин улэлии-хамсыы сылдьаччылартан? Дьэ, ааҕыталан эрэ.
Мин оннук биир да киһини билбэт эбиппин. Арай норуот суруйааччыта Н.И.Харлампьева баар курдук эрээри кинини Маҥаҥҥа төрөөбүтэ , үөскээбитэ дииллэр. Чэ уонна кимнээҕи ааттыа этигитий?
Саха араадьыйатыгар урут «Саха саарыннара бары тахсыбыттара тыа сириттэн» диэн ким эрэ этиитин куруук хатылыыллара. Кырдьык оннук буолбатах дуо? Олортон биирдии хайысхаларынан аҕыйахтыы дьону ааттатылылыаҕын эрэ. Саатар сурук-бичик үөдүйбүт 100 сыл иһинэн-таһынан уонна билигин баар дьоннортон.
Суруйааччылар – улуу Өксөкүлээх, Алампа, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Күннүк Уурастыырап, Эллэй, бырааттыы Сэмэн, Софрон Даниловтар, Далан, Ньукулай Лугинов, Харысхал… бөһүлүөктэр Авксентий Мординов, Борис Попов, Виктор Михайлов… учуонайдар Владимир Ларионов, Георгий Башарин, Евдокия Коркина, Василий Филиппов, Дмитирий Красильников…. артыыстар – Дмитрий Ходулов, Анна Кузьмина, Симон Федотов, Анатолий Николаев, Степанида Борисова… худуоһунньуктар – Афанасий Осипов, Афанасий Мунхалов, В.Васильев, улахан салайааччылар – Семен Борисов, Гаврил Чиряев, Михаил Николаев…, сэрии дьоруойдара Федор Попов, Николай Кондаков, М.Чусовской, Николай Степанов…., үлэ дьоруойдара Роман Константинов, Екатерина Новгородова, Елизавета Бурцева, Анастасия Копырина, Валерий Кузьмин, Михаил Готовцев… Опера ырыаһыттара Анегина Ильина, Нина Чигирева, А.Емельянов… ыспарсымыаннар – улуу олимпиецтарбыт Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов, Аан дойду чөмпүйүөнэ Виктор Лебедев…., урбаанььыктар бырааттыы Ушницкайдар, А. Томскай уо.д.а сүүһүнэн тыһыынчанан биллэр-көстөр, олохторугар элбэҕи ситиспит дьоннор баар бөҕө буоллахтара. Аны, арба, эстэрээдэбит ырыаһыттара – Сахаайа, Далаана, Варя Ларионова, Анастасия Готовцева, Анатолий Бурнашев, Лэгэнтэй, Сиэйэ Уола, Саарын, «Туймаада» ансаамбыл ырыаһыттара… бары-бары тыа сириттэн төрүттээхтэр эбит ээ.
Бээ, эрэ. Кырдьык даҕаны куоракка төрөөбүт, үөрэммит, улааппыт сахалартан биллэр-көстөр улахан биллиилээх дьон буолуохтааҕар саатар биир эмэ эстэрээдэ ырыаһыта тахсыбатах курдук эбит ээ. Эбэтэр мин сыыһабын дуу?
Ити үөһээ суруйбуппар олоҕуран маннык түмүгү оҥоробун. Саха саарыннара, өйдөөхтөрө, биллэр-көстөр дьоно бары тыа сириттэн төрүттээхтэрэ сымыйа дуо? Онон саха омуга тыа сириттэн күүскэ көстөҕүнэ эрэ сайдыахпыт диэн төрүт сымыйа, сыыһа дойҕох диибин. Өһүргэнимэн. Куорат дьоно өйдөрүн уонна эт-хааан өттүнэн сайдыыларынан тыа дьонугар тиийбэттэр эбит диэн түмүк оҥоробун.
Ол сүрүн төрүөтэ икки суолга сытар диибин. Куорат дьоно Ийэ Айылҕаларыттан, бэйэлэрин төрүттэриттэн, кылаабынайа Ийэ тылларыттан тэйэн хаалаллар. Иккис өттүттэн тыаларга холоотоххо олорор усулуобуйалара быдан ордук. Туох да илии-атах үлэтэ суоҕун тэҥэ, этэргэ дылы, тыалар курдук хотон көрбөттөр, мас мастаабаттар, оһох оттубаттар, муус ылбаттар, саатар хаар күппэттэр, таҥастарын да сууйбаттар. Массыынаҕа уган эрэ биэрэллэр. Уулара дэлэй. Оннооҕор сорохторо тиистэрин сууммакка электросуоккаҕа ыраастаталлар.
Үөрэх, уһуйаан оҕолоро, бары устудьуоннар, үгүс үлэлиир дьоннор үөрэхтэрин кыһатыгар, үлэлиир сирдэригэр күнү быһа таас дьиэҕэ олороллор. Кэлэллэригэр-баралларыгар үксэ автобуһунан, массыынанан сылдьаллар. Тыһыынчанан массыына үрбүт гаастаах салгынынан тыыналлар. Дьиэлэригэр кэлээт сибиэһэй салгын бэрт кэмчитик киирэр, үксүлэрэ кыараҕас таас кыбартыыларыгар, кутуйах хороонугар киирэрин курдук, таһырдьа быкпакка, кирийэн, симиллэн олороохтууллар. Ордук бэйэм саастыыта үлэлээбэт кырдьаҕастар кыһынын таһырдьа тахсыбакка кэриэтэ «хаайыыга» курдук, 4 истиэнэни манаан «дьиэ бөҕө» буолан кыһыны туорууллар. Аны куораттар астара үксэ араас хиимийэҕэ сутуллубут, доруобуйаҕа буортулаах кэлии ас буоллаҕа. Ол кэннэ хайдах толору, бары өттүнэн сайдыахтарай?
Манна хас да холобурдары аҕалыам. Ким эппитин билбэтэрбин даҕаны нууччалыы «…наука кончается там, где начинается сытость» диэн этии (афоризм) баарын соторутааҕыта истибитим. Бу этиигэ адьас толору сөбүлэһэбин. Кыра эрдэҕиттэн кыһалҕаны билбэтэх, барыта бэлэмҥэ, далбарга үөскээбит эбиитин төрүт тылын төрүт эбэтэр мөлтөхтүк билэр киһиттэн учуонай буолуохтааҕар көннөрү кыахтаах, сайдыылаах киһи тахсара саарбах.
Аны эт-хаан өттүнэн сайдыыга. Биир дойдулааҕым, улуу тириэнэр Миитэрэй Куоркун Одьулууҥҥа соломо мааттан саҕалаан Чурапчыга бэйэтэ туттарбыт мас кыра саалатыгар эрчийэн 3 олимпиеһы, уонунан тустуу маастарларын, элбэх Сойуус, Арассыыйа чөмпүйүөннэрин таһаарбыта. Онтон кинини Дьокуускайга ыҥырбыттара. Барыан төрүт баҕарбатаҕа, оҕолор наһаа аралдьыйыахтара, харах далыттан тахсыахтара диэн. Ол эрээри модьуйбуттара. Онтуката ханна баарый? Онно үлэлээн биир да уһулуччу тустуугу таһаарбатаҕа.
Эбэтэр Арассыыйаҕа тыа сиригэр соҕотох Чурапчытааҕы физкультура үнүстүтүүтэ араас көрүҥҥэ элбэх биллэр ыспарсымыаннары иитэн-үөрэтэн таһаарда. Холобур Аан дойду 100 харахтаах дуобакка чөмпүйүөнэ Мотрена Ноговицына, соторутааҕыта Европа призера Эдуард Григорьевы уо.д.а. Онтон өрдөөҕүттэн үлэлиир куорат физкультураҕа үнүстүтүүтэ кимнээҕи таһаарда? Ааттыыргыт уустук буолуо. - * *
Доҕоттор! Мин манан куораттар оннук хаалыылаахтар, маннык мөлтөхтөр диэн төрүт эппэппин. Орто дойдуга киһи барыта олорорго, үлэлииргэ, үөрэнэргэ, сынньанарга үчүгэй, толору усулуобуйалаах сиргэ тардыһаллара сөп бөҕө. Ол айылҕа сокуона.
Мин утарарым, суруйуум сыала биир. Билигин үгүс дьон бэйэлэрэ, оҕолоро, сиэттэрэ куоракка эрэ олохсуйдахтарына сайдыылаах, бары өттүнэн ситиһиилээх киһи буолуохтара диэн өйдөбүлү үнтү охсуу буолбатах, саатар мүлүрүтүү. Онуоха, аахпыккыт курдук, саха саарыннара, өйдөөхтөрө, ситиһиилээхтэрэ, күүстээхтэрэ бары кэриэтэ тыа сиригэр төрөөбүт, үөрэммит, үлэлээбит дьон буолалларын санаан көрүн. Тоҕо буолуой?
Аны куорат сахаларыттан улахан учуонайдар, салайааччылар, биллэр-көстөр дьон тоҕо тахсыбаттарыгар тохтуум. Ол сүрүн төрдө, туох да мөккүөрэ суох, ийэ тылларын аанньа, эбэтэр төрүт билбэттэригэр сытар.
Төрөөбүт тылы билии бу – ханнык баҕарар киһи биир саамай сүрүн сайдар, үүнэр баайа диибин. Омугун тылын билбэт киһи тыһыынчанан сылларга иитиэхтэнэн кэлбит төрүттэрин ситимнэриттэн, куттарыттан-сүрдэриттэн тэйэн хаалар. Били нууччалыы «ни рыба, ни мясо» диэбит курдук. Саха да, нуучча да буолбатах.
Ол туһунан сахалар сүдү бөлүһүөкпүт Авксентий Егорович Мординов: — Төрөөбүт тылын билбэт киһи саха, нуучча, татаар, дьэбириэй… да буолбатах. Кини – көннөрү икки атахтаах. Төрөөбүт тылы билии – дьол – диэн кынаттаах тылларын өйдөтүөхпүн баҕарабын. Ол иһин…
Күндү куорат уонна үнүр суруйбутум курдук, хаама иликтэриттэн төлөпүөнүнэн сааратан оҕоҕун нууччалыы тылланарыгар «кыһаллар» тыа сахалара!
Өскөтүн эһиги күҥҥэ көрбүт күндү оҕолоргут, сиэттэргит чахчы бары өттүнэн сайдыылаах дьон буолуохтарын баҕарар буоллаххытына кытаатан ыччаттаргытын кыра эрдэҕиттэн сахалыы уһуйааннарга, оскуолаларга биэрэ, үөрэттэрэ, сайынын тыа сиригэр таһааран сынньата, үлэлэтэ сатаан. Онтон үөһэлэр, ордук үөрэх ситимин салайааччылара куоракка сахалыы үөрэтэр кыһалары элбэтэр эбээһинэскит, саха омугун сайыннарар ытык иэскит буолуохтаах.
Түмүгэр өссө төгүл хатылыыбын. Төрөөбүт тылын билбэт, өйдөөтөр даҕаны сахалыы саҥарбат, аахпыт киһи, саха өйдөөҕө А.Мординов этэринии «көннөрү икки атахтаах» буоларын умнуман. Өһүргэнимэн. Улахан бөлүһүөк этиитин өйдөөн.
Оо! Төрүт суруйа туруохпун баҕарабын даҕаны тохтуум. Салгыытын кэлин суруйуом. Ол төбөтө, миэнэ буолан баран эмиэ эриэхимэйдээх, «Тыа дьоно тоҕо сайдыылаахтарый?» диэн буолуоҕа. Бу сахабыт омуга сайдыытыгар кырата суох суолталаах проблема тула бэйэҕит санааҕытын суруйаргыт, атастаһаргыт, саатар куйаар ситиминэн киэнник тарҕатаргыт буоллар диэн көрдөһөбүн.
Уйбаан Пономарев.
Чурапчы.
Мои посты о якутском языке:
Новости из Внутренней Монголии
20-летие Википедии. Википедия по якутски!
Изучение якутского языка в интернете! Скоро новый портал!
Саха Театрыгар Адам Васильевич Скрябин төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээһин
«Нуучча»: о ссыльных в книге «Сибирь как колония»
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн! С днем якутского языка и письменности!
Сегодня Международный день родного языка!
Мой сайт: https://nikbara.ru/
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt
Я в Инстаграме @nb2015p
Персональная страница в «Фейсбуке»: https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin