Мин бу сотору 60 сааспар үктэнээри турар саха киһитэ буоларым быһыытынан, Платон Алексеевич Слепцов-Былатыан Ойуунускай туһунан син элбэҕи истибит, кини айымньыларын аахпыт киһибин.
Саха литературатын төрүттээбит Алексей Елисеевич Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй саҥа үйэ кэлбитин, урукку империялар суох буолар суолга турбуттарын, аан дойду аймалҕаҥҥа киирбитин өйдөөбүтэ кини көлүөнэтэ иитэн таһаарбыт эдэр бассабыык уолаттарга тиийбитэ.
Платон Ойуунускай уонна кини доҕотторо Саха Сирэ Арассыыйа састаабыгар киириэҕиттэн ыла буолбатах быһылааҥҥа – гражданскай сэрии кэмигэр сөптөөхтүк хамсананнар Саха Автономиятын тэрийбиттэрэ. Уонна амнистия биллэрэннэр, саха интеллигенциятын бэйэлэрин диэки тарданнар, саха омугун бастакы судаарыстыбатын тэриллиитигэр бииргэ үлэлээбиттэрэ.
История кинилэргэ олох кылгас кэм биэрбитэ. Тэрийбит өрөспүүбүлүкэлэрин 6 эрэ сыл, 1922 – 1928 сылларга салайбыттара. Ити кылгас кэмҥэ оҥорон таһаарбыттара биһигини сөхтөрөр.
Үрдүкү былаастан үтүрүллэн баран киһи бэйэтин булунара ыарахан. Платон Ойуунускай саха интеллигена буоларын быһыытынан наукаҕа баран, сахалартан бастакынан учуонай аатын ылан, Тылы, Литератураны Историяны чинчийэр институту тэрийбитэ уонна салайбыта. Кини “Дьурулуйар Ньургун Боотур”уонна “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо”олоҥхолору суруйан, саха олоҥхотун научнай чинчийиитин саҕалаан, биһиги норуоппут олоҥхото ЮНЕСКО быһаарыытынан аан дойду шедеврын быһыытынан биллэриллиитигэр бастакы саамай сүрүн хардыыны оҥорбута.
Уонна Ойуунускай поэт, суруйааччы быһыытынан саха литературатыгар кылаата олус улахан. “Улуу Кудаҥса” курдук модун санаалаах дьон уобарастарын суруйан саха киһитэ бэйэтин атын омуктарга тэҥнээхтик сананарыгар тирэх буолбута. “Сүүс сыллаах былаан” диэн саха литературатыгар бастакы научно-фантастическай кэпсээн суруйбута биһирэбиллээх.
Түмүгэр, убайбытын Былатыан Ойуунускайы өссө ытыктыырым диэн, кини олоҕун тухары сахалыы тыыннаах киһинэн хаалбыта, кини кэргэттэрэ Фекла, Татьяна, Акулина бары саха дьахталлара этилэр, оҕолоро Саргылаана уонна Сардаана сахалыы ааттаах этилэр.
Онон Платон Алексеевич Ойуунускай бу аймалҕаннаах 21-с үйэҕэ саха дьонугар сахалыы тыынын тутар дьаакыр, сайдар суолу ыйар маяк буолар.
Николай БАРАМЫГИН,
Дьокуускай куорат, 24 апреля 2022 г.
С сайта ГБУ РС(Я) «Якутский государственный объединенный музей
истории и культуры народов Севера им. Ем. Ярославского»: http://yakutmuseum.ru/news/bylatyan-ojuunuskaj-xxi-s-je-donugar-sahalyy-tyyny-tutar-daakyr-sajdar-suolu-yjar-mayak/
Мои посты об истории и культуре Республики Саха:
Моргенштерн изменил свое имя на Николая Барамыгина в г. Олекминск!
Экскурсия по Музею Славы г. Вилюйска 07.12.2021 г.
Музей народной педагогики в с. Оросу Верхневилюйского улуса: как воспитать новое поколение в 21 веке
Видео экскурсии по Вилюйскому краеведческому музею им. П.Х.Староватова
«Хранители времени»: По следам государевых ямщиков
Юбилейный концерт театра коренных малочисленных народов Республики Саха «Гулун» — 30 лет !
Традиции, фольклор, игры, обычаи ямщиков Кытыл — Дюры
Музей «Ямщицкое подворье» в с. Синск Хангаласского улуса
Встреча с ансамблем «Реченька» в Синске! Июнь 2021 года!
О происхождении и пассионарности якутского народа…
Саха Театрыгар Адам Васильевич Скрябин төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээһин
Саха норуотун оҕону иитэр үөрүйэхтэрэ
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн! С днем якутского языка и письменности!
«Нуучча»: о ссыльных в книге «Сибирь как колония»
Состоялось открытие Года исторической памяти в Хангаласском улусе!
Шествие народных мастеров Республики Саха (Якутия)! Полное видео
Моменты Дня Арктики в Якутске 19.03.2022 г.

Первое государство народа саха!
Новости 100-летия Республики Саха! 26 апреля 2022 года! Поздравления из КНР и Японии!
Мой сайт: https://nikbara.ru/
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287
Содержание моих дневников в архиве Якт.ру https://dnevniki.ykt.ru/NikBara/1081021#more
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt
«Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin