Муус устар 27 күнүгэр СӨ Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт дойдутугар Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр тахсан, нэһилиэк олохтоохторун үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ кытынна.
Тэрээһин бу муус устар ый 12 күнүгэр арыллыбыт Наука дьоҕус академиятын саҥа уораҕайыгар буолан ааста.
Нэһилиэк олоҕун билиһиннэрэр быыстапка тэриллибитэ.
«ЫТЫК ДЬОММУТУГАР, ЫТЫК БЭЛЭХ»
Саха сирэ автономияны ылбыта 100 сыллаах сарсыардата, 2022 сыл муус устар 27-ис өрөгөйдөөх күнэ, Саха Сирин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаевы кытары көрсүһүүнэн саҕаламмыта хаҥаластарга ураты бэлиэ күн буолла.
Көрсүһүү Михаил Ефимович төрөөбүт Чапаев нэһилиэгэр, соторутааҕыта саҥа үлэҕэ киирбит Наука Аччыгый Академиятын киэҥ уораҕайыгар буолан ааста.Бу көрсүһүүгэ Покровскайдааҕы оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр оскуола учууталларын коллектива «ЫТЫК ДЬОММУТУГАР ЫТЫК БЭЛЭХ» диэн ааттаан Михаил Ефимовичка уонна кини олоҕун аргыһыгар Дора Никитичнаҕа анаммыт, аныгы технологияннан оҥоһуллубут, ол аата 3D принтерынан бэчээттэммит, саха ытыгын үс кэрчиктэн хомуллар гына уустаан-ураннаан оҥорон, сахалыы ойуулаан-бичиктээн бэлэх ууннулар.
Кырдьыга да, саха ытыга 100 сыл устата төһөлөөх элбэх саха чулуу дьонун, ытыйан оҥорбут күндү күөрчэҕинэн маанылаан, аһатан-сиэтэн, киһи-хара оҥорбута буолуой? Элбэхтэн аҕыйаҕы аҕыннахха, Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов, биһиги күөн туттар бырааттыы Ксенофонтовтарбыт, бу кэмҥэ саха дьонугар бүттүүнүгэр ытыктана сылдьар Михаил Николаевпыт, саха дьонун барыбыт курдук, оҕо сылдьан ытыгы балай эмэ салаан, кини оҥорбут күөрчэҕин күндү ас оҥостон улаатан, бойбурдарын тутан Саха Сирин дьонун, сирин-уотун, айылҕатын, баайын-дуолун көмүскэһэр, инники дьылҕатын туруулаһар дьон буола улаатан кэллэхтэрэ. Бу бэлэх биир өрүтэ.
Бэлэх иккис өрүтэ, 100 сыл анараа өттүгэр олохтон хаалыылаах саха дьоно, ааҕары-суруйары саҥа баһылаан эрэр омук, ытыгы хатыҥ маһынан кыһан оҥорор эбит буоллаҕына, билигин баара суоҕа 1 киһи үйэтин эрэ иһинэн кэмҥэ, кини атын сайдыылаах Европа омуктарыттан тугунан да хаалсыбат таһымҥа тахсан, ытыгы аныгы технологияны туһанан оҥорор буолбутун туоһулуур сайдыы бэлиэтэ буолар.
Онтон бэлэх үһүс өрүтэ, кинини сувенир эрэ курдук уура сылдьыбакка, олоххо туттан ытык дьоннорбут, саха күөрчэҕин оҥорорго ити ытыгынан хайа баҕарар туттуохтарын сөбүгэр сытар. Онон бу бэлэх хайаан да Дора Никитична илиитин иһигэр киирдэҕинэ табыллар.
Түмүктээн эттэххэ бэлэх, төһө да сэмэй буолтун иһин Саха сирэ автономияны ылбыт күнүн кытары быһаччы сыһыаннаах уонна дириҥ өйдөбүллээх бэлэх буолар.
Александр ХАРИТОНОВ,
муус устар 27 күнэ, Москва.
Өктөм историятын туһунан хартыыналар.
Оҕолор ситиһиилэрэ.
Үбүлүөйдээх тэрээһин ыытааччылара.
Бочуоттаах ыалдьыттар.
Тэрээһиҥҥэ Өктөм нэһилиэгин «Барҕарыы» култуура киининигэр үлэлиир хор кыттыыны ылла.
Саха сирин Өрөгөй ырыата.
Хаҥалас улууһун өрөгөй ырыата «Хаҥаластар буолабыт».
Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев.
СӨ Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев бииргэ үлэлэспит соратниктара Матвей Мучин уонна Евгения Михайлова.
Өктөм нэһилиэгин баһылыга Александр Большаков нэһилиэк историятын кэпсээтэ.
Наука дьоҕус академиятын ректора Василий Павлов.
СӨ Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев тыл эттэ.
Өктөм нэһилиэгин хора «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону аахта уонна Бастакы бэрэсидьиэҥҥэ анаммыт махтал ырыатын иһитиннэрдэ.
Бастакы бэрэсидьиэни кытта хаартыскаҕа дьон түстэ.
СӨ Бастакы бэрэсидьиэнэ Наука дьоҕус академиятыгар «Роскосмос» бэлэхтээбит космическай хараабыл сиргэ төннөр кабинатын сиһилии көрдө.
Тэрээһин олус өрө көтөҕүллүүлээхтик, үөрүүлээхтик ааста!
Өссө төгүл Саха дьонун Саха өрөспүүбүлүкэтэ, саха бастакы государствота тэриллибитэ 100 сылын туолбутунан итиитик — истиҥник эҕэдэлиибин! СӨ иккис үйэтигэр өссө элбэх ситиһиилэри баҕарабын!
Дьоллоох буолуҥ, доруобай буолуҥ!
Наука дьоҕус академиятын, Николаев Центр, «Хаҥалас» хаһыат сайтарын матырыйаалларын, ватсап хаартыскаларын көмөтүнэн таһаардым.
Мои посты об истории и культуре Республики Саха:
Моргенштерн изменил свое имя на Николая Барамыгина в г. Олекминск!
Экскурсия по Музею Славы г. Вилюйска 07.12.2021 г.
Музей народной педагогики в с. Оросу Верхневилюйского улуса: как воспитать новое поколение в 21 веке
Видео экскурсии по Вилюйскому краеведческому музею им. П.Х.Староватова
«Хранители времени»: По следам государевых ямщиков
Юбилейный концерт театра коренных малочисленных народов Республики Саха «Гулун» — 30 лет !
Традиции, фольклор, игры, обычаи ямщиков Кытыл — Дюры
Музей «Ямщицкое подворье» в с. Синск Хангаласского улуса
Встреча с ансамблем «Реченька» в Синске! Июнь 2021 года!
О происхождении и пассионарности якутского народа…
Саха Театрыгар Адам Васильевич Скрябин төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээһин
Саха норуотун оҕону иитэр үөрүйэхтэрэ
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн! С днем якутского языка и письменности!
«Нуучча»: о ссыльных в книге «Сибирь как колония»
Состоялось открытие Года исторической памяти в Хангаласском улусе!
Шествие народных мастеров Республики Саха (Якутия)! Полное видео
Моменты Дня Арктики в Якутске 19.03.2022 г.
Моргенштерн изменил свое имя на Николая Барамыгина в г. Олекминск!
Экскурсия по Музею Славы г. Вилюйска 07.12.2021 г.
Музей народной педагогики в с. Оросу Верхневилюйского улуса: как воспитать новое поколение в 21 веке
Видео экскурсии по Вилюйскому краеведческому музею им. П.Х.Староватова
«Хранители времени»: По следам государевых ямщиков
Юбилейный концерт театра коренных малочисленных народов Республики Саха «Гулун» — 30 лет !
Традиции, фольклор, игры, обычаи ямщиков Кытыл — Дюры
Музей «Ямщицкое подворье» в с. Синск Хангаласского улуса
Встреча с ансамблем «Реченька» в Синске! Июнь 2021 года!
О происхождении и пассионарности якутского народа…
Саха Театрыгар Адам Васильевич Скрябин төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээһин
Саха норуотун оҕону иитэр үөрүйэхтэрэ
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн! С днем якутского языка и письменности!
«Нуучча»: о ссыльных в книге «Сибирь как колония»
Состоялось открытие Года исторической памяти в Хангаласском улусе!
Шествие народных мастеров Республики Саха (Якутия)! Полное видео
Моменты Дня Арктики в Якутске 19.03.2022 г.
Первое государство народа саха!
Новости 100-летия Республики Саха! 26 апреля 2022 года! Поздравления из КНР и Японии!
Былатыан Ойуунускай – XXI-с үйэ дьонугар сахалыы тыыны тутар дьаакыр, сайдар суолу ыйар маяк
Мой сайт: https://nikbara.ru/
Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara
Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287
Содержание моих дневников в архиве Якт.ру https://dnevniki.ykt.ru/NikBara/1081021#more
Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте» https://vk.com/nbaramygin
Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt
«Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin