Ытык дьоммут: норуот кэскилин туһугар бэйэни харыстаммакка үлэлиэххэ

Балаҕан ыйын 12 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбит бастакы Президенин, дириҥник ытыктыыр киһибитин Михаил Ефимович Николаевы сүтэрбиппит 40 хонуга буолуоҕа.

Михаил Ефимовиһы кытта өр кэмнэр усталара алтыспыт, доҕордоспут Сахабыт сирэ үүнэрин-сайдарын туһугар бииргэ үлэлээбит-хамсаабыт соратнигын, биллэр-көстөр судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай-политическай деятель, Саха АССР миниистирдэрин, Үрдүкү Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэринэн үлэлээбит, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин ХII, Саха АССР Х, ХI, Саха ССР ХII, Ил Түмэн I, II, III ыҥырыыларын депутатын Климент Егорович Иванову кытта Сүдү киһибит туһунан кэпсэтэ сырыттыбыт. Күндү ааҕааччым, бу сэһэргэһииттэн бастакы Президеммит Михаил Ефимович Николаев туһунан үгүһү билиэҕиҥ, урукку өттүгэр аахпатаххын ааҕыаҕыҥ.

Дьылҕам бэлэҕинэн ааҕабын

— Климент Егорович өрөспүүбүлүкэбит бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаевы кытта хайдах билсибиккиний, төһө өр кэм устата алтыстыҥ?

— Михаил Ефимовичтыын эдэр сааспытыттан сааһырыахпытыгар диэри бииргэ алтыһан кэллибит. Бастаан билсэрбитигэр Михаил Ефимович Эдьигээн оройуонун райкомолун сэкирэтээринэн үлэлии сылдьара, оттон мин Сунтаар оройуонугар эмиэ ити дуоһунаска үлэлиир кэмим этэ.

Уобаластааҕы хомсомуол мунньахтарыгар сылдьан, кэпсэтэр буолбуппут. Онтон ылата 60-тан тахса сыл ааста.
Ол саҕаттан кини дьоһуннаахтык этэр-тыынар, сытыы-хотуу эдэркээн киһи этэ. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан сылдьар ыччаты, коллегаларын кытта Михаил Ефимович боростуой, элэккэй сыһыаннааҕа.
Кини араас мунньахтарга санаатын аһаҕастык, чуолкайдык уонна ылыннарыылаахтык этэрэ. Сахалыы да, нууччалыы да ыраастык саҥарара. Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэ хомсомуолун актыбыыстарын ортотугар убаастанара, болҕомто киинигэр сылдьара. Сотору Михаил Ефимовиһы ЫБСЛКС обкомун тэрийэр отделын сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Онтон улам үрдээн, ЫБСЛКС Дьокуускайдааҕы горкомун бастакы сэкирэтээринэн анаммыта.

Ити кэмнэр усталара биһиги кинилиин сибээспит кэҥээн, билисиһиибит дириҥээн испитэ. Арай биирдэ хомсомуол обкомун Пленумун кэнниттэн куорат таһыгар племхозка олорор ийэтигэр ыҥырда. Ийэтэ Мария Михайловна үөрэ-көтө, уолун сыллыы-ууруу көрсүбүтэ. Ортону үрдүнэн уҥуохтаах, сырдык сэбэрэлээх нуучча дьахтара уу сахалыы саҥарара. Ийэ барахсан ас үтүөтүн астаабыт этэ. Ол киэһэ ирэ-хоро кэпсэтэн, тото-хана аһаан, астына-дуоһуйа сынньаммыппыт.

Михаил Ефимович ийэтигэр оҕолуу иһирэх, болҕомтолоох, сылаас сыһыаннааҕын көрбүтүм.

1963 сылтан Покровскайга Орджоникидзевскай оройуон райкомолун салайбытым. Онно кини улахан болҕомтотун уурбута. Биһиги ыытар үлэбитигэр тирэх буолбута. Балаҕан ыйыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи хомсомуол актыыбын мунньаҕа Покровскайга ыытыллыбыта. Обкомол чилиэннэрэ, райкомол, сопхуостар, холкуостар хомсомуолларын тэрилтэлэрин сэкирэтээрдэрэ, сүүсчэкэ ыччат мустаннар оройуоҥҥа үлэлии турар ыччат-комсомольскай коллективтар үлэлэрин кытта билсибиттэрэ, уопут атастаспыттара. Актыып үлэтэ үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Ити тэрээһини Михаил Ефимович бэйэтинэн тэрийбитэ уонна иилээн-саҕалаан ыыппыта.

Кини эдэриттэн ылсыбыт дьыалатын ис хоһоонун кытта эрдэттэн дириҥник үөрэтэрэ. Дьону түмэр уһулуччу дьоҕурдааҕа. Хомсомуолга үлэлиир эрдэҕиттэн коллективка, алтыһар дьонугар өрүү баһылыыр-көһүлүүр лидер буолара.

Дьэ ити курдук, биһиги сибээспит кэлин бииргэ үлэлээһиҥҥэ тиэрдибитэ. Мин кини олус диэн эппиэттээх үлэлэригэр көмөлөһөөччү, идеяларын, өрөспүүбүлүкэ сайдарын туһугар дьоһуннаах соруктарын өйөөччү, олоххо киллэрэргэ көмөлөһөөччү уонна кини эрэллээх, бииргэ сүбэлэһэн үлэлиир хамаандатын чилиэнинэн буолбуппун дьылҕам бэлэҕинэн ааҕабын уонна онтон олус диэн астынабын.

Михаил Ефимович эппиэттээх үлэлэргэ ылла да дьону анаабат этэ. Кини мэлдьи үлэһит билиитин-көрүүтүн, ылсыбыт дьыалатын олоххо киллэриигэ дьулуурун, уопсай дьыалаҕа бэриниилээҕин учуоттуура.

Эдэр эрдэхпититтэн доҕордуу уонна дьыалабыай кэпсэтиилэргэ араас боппуруостары дьүүллэһэрбит, мөккүһэрбит. Кэлин тиһэх хайаан да биир санааҕа кэлэрбит. Михаил Ефимович араас уус-уран айымньылары тиһигин быспакка ааҕара. Араас бэчээттэргэ тахсар политика, экономика тиэмэлэригэр ырытыылары кэтээн көрөрө. Онон билиитэ-көрүүтэ киэҥ буолан, ханнык баҕарар боппуруоһу ылыннарыылаахтык быһаарар ураты дьоҕурдааҕа.

Тус бэйэм дьылҕабар Михаил Ефимович үтүөнэн элбэхтик дьайбыта. Өссө 80-с сылларга өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын салалтатыгар кини этиитинэн анаммытым.

Кэлин Сунтаар, Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар үлэлиир сылларбар Михаил Ефимович тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлээбитэ. Кини ити олус эппиэттээх үлэҕэ ананаат, урукку хаалбыт суолунан буолбакка, бэйэтин туспа аартыгын арыйбыта, саҥа суолу тэлбитэ. Саҥа миниистир «кытаанах илиитин» сопхуостар дириэктэрдэрэ, специалистара, оройуон салайааччылара билэн барбыттара. Министиэристибэттэн практическай көмө биллэрдик элбээбитэ. Бииртэн биир саҥаттан саҥа саҕалааһыннар, идеялар олоххо киирбитинэн барбыттара. Уһулуччу ирдэбил сопхуостар финансовай-хаһаайыстыбаннай үлэлэрин тупсарыыга ууруллубута.

Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын биллэрдик сайыннарбыта. Үгүстүк командировкаҕа сылдьара. Сүөһү, хонуу үлэһиттэрин, механизатордары кытта көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэрэ. Түмүгэр булгуччу сопхуостар киин аппарааттарын үлэһиттэрин түмэн мунньахтыыра. Дьиктитэ диэн, ардыгар сопхуос салайааччылара, аппараат үлэһиттэрэ төһө да сэмэлэммиттэрин иһин, көрсүһүүлэртэн улаханнык астынан хаалаллара уонна итэҕэстэрин туоратан, саҥалыы дьаһанан үлэлээн бараллара. Михаил Ефимович тыа сирдэригэр аныгылыы тииптээх производственнай, социальнай объектар тутууларын бэйэтинэн хонтуруоллаан күүскэ ыыттарбыта.

Кини өссө сэбиэскэй былаас саҕаттан үлэ араас салааларыгар таһаарыылаахтык үлэлээн, бөдөҥ хаһаайыстыбаннай, судаарыстыбаннай, политическай деятель быһыытынан буһан-хатан тахсыбыта.

Михаил Ефимович 1989 сылга буолбут ССРС Үрдүкү Сэбиэтин быыбарыгар кытын, депутат буоллаххына, бу уустук экономическай кэмҥэ көмөлөһүөҥ этэ диэн тылын ылыннарбыта. Ити быыбарга кыттан, кыайан, депутат буолбутум. Ити саас Михаил Ефимович САССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн, онтон РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан талыллан, уустук кэмнэргэ Саҥа Саха сирин тутууну саҕалаабыта. Кини ол туһунан РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин трибунатыттан доргуччу эппитэ. Михаил Ефимович бу этиитэ Россияҕа дьиҥнээх федерализм олохтонуутугар, регионнар статустара үрдүүрүгэр төһүү күүс буолбута.

Москваҕа Саха сириттэн талыллыбыт ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутаттарын кытта элбэхтик көрсөрө. Өрөспүүбүлүкэҕэ буола турар демократическай уларыйыылары сессияларга, съезд трибунатыттан өйүүргэ сүбэлиирэ. Ону ылынан, Үрдүкү Сэбиэт трибунатыттан автономнай өрөспүүбүлүкэлэр статустарын үрдэтэр, экономикаҕа сир баайын ресурсаларын туһанарга кыах биэрэр туһунан этиилэри оҥорбутум.

1991 сыллаахха Михаил Ефимович бэйэтэ миигин өрөспүүбүлүкэ салалтатын иһинэн араас дуоһунастарга үлэлэппитэ.

Утарсааччыларын сойуоласпатаҕа

— Кистэл буолбатах, оччолорго барыта арыынан аҕаабыт курдук уу нуурал буолбатах этэ, кинини утарсааччылар, үлэтин мэһэйдээччилэр эмиэ бааллара…

— Оннук. Оппозиция күүстээх этэ. Партия салалтатыгар сылдьааччылар былаастарын илдьэ хааларга дьулуспуттара. Онуоха сорох хаһыаттар уокка арыыны кутан, күөдьүтэн биэрэллэрэ. Сыал-сорук оҥостоннор дьону дьоҥҥо киксэрэллэрэ, усхайдыыллара. Маннык уустук кэмҥэ норуотун биир өйгө-санааҕа түмэригэр, иллээх-эйэлээх олоҕу түстүүрүгэр Михаил Ефимович салайааччы, киһи быһыытынан сатабыла, мындыр өйө-санаата, тулуура, дьаныардааҕа көмөлөспүтэ.

Политическай утарсааччыларын сойуоласпатаҕа, өстөһүүнү таһаарбатаҕа. Үлэлиир баҕаларын көрдөрбүт бэрт элбэх партийнай үлэһиттэр сөптөөх үлэнэн хааччыллыбыттара. Салгыы сайдалларыгар туох да мэһэй суоҕа.

Политическай уонна экономическай кризис сатыылаан турдаҕына, уһулуччу эппиэттээх уонна ыарахан кэмнэргэ Михаил Ефимович бэйэтин демократическай уонна прогрессивнай өйдөөх политик, судаарыстыбаннай деятель быһыытынан көрдөрбүтэ.

Эрэллээх ааһан, бэриниилээх

— Төһө эрэллээх доҕор этэй?

— Михаил Ефимович эрэллээҕин ааһан, бэриниилээх доҕор этэ. Доҕотторугар олус истиҥ сыһыаннааҕа. Онтон бэйэбэр сыһыаннаах биир холобуру аҕалыам. 1984 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ тапталлаах соҕотох уол оҕобут Саша хомолтолоохтук олохтон туораабыта. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ тугунан да кэмнэммэт кутурҕан күннэрэ үүммүтэ. Оҕобутун кистээбит Сунтаарбытыгар тиийэн кэлэн, хомолтобутун тэҥҥэ үллэстибитэ, өйөбүл буолбута. Оччолорго кини тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлиирэ. Этэргэ дылы, солотугар «сууламматаҕа», эйэҕэс, иһирэх, аһыныгас санаатынан салайтарбыта.

Нэһилиэнньэни быстыыттан араҥаччылаабыта

— Михаил Ефимович норуотун дириҥ ытыктабылын ылбыт төрүөттэринэн тугу ааттыаҥ этэй?

— Салайааччы норуотугар ытыктабыла улам дириҥээн иһэр буоллаҕына, бу дьиҥнээх уонна үйэлээх ытыктабыл. Михаил Ефимович, эппитим курдук, өссө хомсомуолга үлэлиир эрдэҕиттэн үлэҕэ дьоҕурунан, тэрийэр талаанынан бэйэтин эйгэтигэр биллэн барбыта.

1985-1990 сс. ССРС-ка уларыта тутуу биллэриллибитэ даҕаны, дойдубут политика, экономика кризистэрин хабалатыгар киирбитэ. Дойду экономиката быстардык мөлтөөбүтэ. Ас-таҥас быстарыга буолбута. Саастаах дьон ол кэми өйдүүллэр. Дьэ ити 90-с сылларга Сэбиэскэй Союз судаарыстыбаннай тутула күөрэ-лаҥкы барбыт, төрдүттэн саҥалыы дьаһанан олорорго дьулуһуу, мунаах-тэнээх кэмигэр Саха сиригэр уопсастыбаннай хамсааһыны иилээбит-саҕалаабыт, нэһилиэнньэни быстыыттан-ойдууттан араҥаччылаабыт, экономиканы табыгастаах суолга киллэрбит, аныгылыы былааһы бириэмэтигэр уонна саамай сөптөөхтүк олохтообут, саха норуотун чулуу уола Михаил Ефимович Николаев норуотун дириҥ ытыктабылын ылыан ылбыта.

Итини 1991 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр быыбардааччылар 76,7% куоластарын ылан, Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенинэн буолбута кэрэһэлиир.

Саха сирин сайдыытыгар 1990 сылтан саҕаламмыт кэми судаарыстыбаннаһы бөҕөргөтүү, экономиканы сайыннарыы, саха норуота уонна аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар цивилизацияҕа тардыһыылара күүһүрбүт, өйдөрө-санаалара уһуктубут уһулуччу историческай суолталаах кэрдиис кэминэн ааҕабын. Саҥа Саха сирэ төрүттэммит кэмэ.

Бастакы Президеммит Михаил Николаев өрөспүүбүлүкэни салайыы, сайыннарыы тускулларын төрдүттэн уларыппыт чулуу лидербытынан, дьиҥнээх реформаторынан буолар.

Чопчу соругу туруорара

— Климент Егорович, Михаил Ефимович уустук кэмҥэ өрөспүүбүлүкэни салайа олорон, соратниктарын иннилэригэр туох соругу туруорар этэй?

— Михаил Ефимович соратниктарын иннилэригэр чуолкай, чопчу соругу туруорара. Ол соруга: «Норуот кэскилин туһугар айымньылаахтык, бэйэни харыстаммакка үлэлиэххэ» диэн.

Мин бүгүн Михаил Ефимович сырдык кэриэһигэр сүгүрүйэн туран: «Эн эрэлгин толорорго, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар туох баар кыахпын барытын туһаммытым, сырабын уурбутум», — диэн этиэм этэ.

Кэпсэниллэ илик түгэннэр

— Климент Егорович, ол кэмнээҕи политическай олохтон урукку өттүгэр кэпсэниллэ илик түгэннэри ахтан ааһыаҥ буолаарай.

— Оннук түгэннэр баар бөҕө буоллахтара. Үлэм хайысхатынан Михаил Ефимович Россия салалтатын кытта дьыалабыай көрсүһүүлэригэр бииргэ сылдьыбыт түгэним элбэх.

1991 сыллаахха атырдьах ыйынааҕы ГКЧП өрө туруута самнарыллыбытын кэннэ, балаҕан ыйын 15 күнүгэр Михаил Ефимович (оччолорго Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ) ССРС Президенигэр Михаил Горбачевка алмааһы уонна көмүһү Москваҕа ССРС Гохраныгар ыытарга өрөспүүбүлүкэ интэриэһин учуоттуур гына төлөбүр бэрээдэгэ олохтоммотоҕунан сибээстээн, сиртэн хостонор ити баайдары ыытыыны тохтотор туһунан телеграмма ыыппыта. Ол саҕана бу дьиҥнээх атаҕастабыллаах политика этэ.

Урут даҕаны, билигин даҕаны Саха сирэ алмааһы уонна көмүһү хостооһуҥҥа дойду валютатын сыаҕа буолар. Онуоха ССРС хааһынатыгар туттарыыны тохтотору миэстэтигэр быһаарыы, олус хорсун уонна кутталлаах хардыы этэ. Оччолорго ССРС КГБ-та, ИДьМ толору күүстэринэн үлэлии олороллоро.

Киэһэ ыкса хойут үлэбититтэн бүтэн, кирилиэһинэн түһэн иһэн киниттэн ыйыппытым: «Михаил Ефимович, олус эппиэттээх телеграмманы дойду салалтатыгар ыыттыҥ дии. Сарсын баҕар үлэбитигэр көрсүөхпүт суоҕа диэн ытырыктата санаабаккын дуо? – диэн ыйыттым. Онно киһим: «Урукку курдук эбитэ буоллар, эн этэриҥ сөптөөх буолуо этэ. Оттон билигин оннук буолуо суоҕа. Боппуруоһу күүскэ туруордахпытына эрэ, дьыала оннуттан хамсыыр кыахтаах», — диэн хардарбыта.

Бу түгэни мин норуотун туһугар эттиин-хаанныын бүүс бүтүннүү бэриниилээх, күүстээх санаалаах салайааччы быһаарыныылаах, хорсун хардыытын быһыытынан сыаналыыбын. Мантан ылата олохтоох норуот сайдарын туһугар сиртэн хостонор баайбытыттан киирэр дохуоту туһаныы хамсааһына саҕаламмыта уонна үтүө түмүктэри аҕалбыта.

Биллэрин курдук, Федеративнай дуогабар 1992 сыллаахха кулун тутар 31 күнүгэр баттаммыта. Дуогабар тиэксин бүтэһик көннөрүүгэ биир сүрүн ыстатыйата улахан мөккүөр кэнниттэн чуолкайдаммыта. Ити ыстатыйа «Сир уонна кини баайа, уу, үүнээйи уонна хамсыыр харамай өрөспүүбүлүкэ сирдэригэр олорор норуоттар бас билиилэрэ буолар» диэн буолбута.

Дуогабарга илии баттаныан иннинэ, сөбүлэһиннэрээри Михаил Ефимович Россия Президенигэр Борис Ельциҥҥэ киирбитэ. Илии баттааһын сиэрэ-туома Кремль Георгиевскай саалатыгар буолаары бэлэм турара. Арай Михаил Ефимович Борис Николаевич кабинетыттан үөрэн-көтөн аҕай таҕыста. «Көннөрүүбүтүн ылынна» диэн барыбыт сүргэтин көтөхтө. Көннөрүллүбүт дуогабар тиэксин бэчээттии охсон, мунньахтаары мустубут делегаттарга тарҕаттылар. Өр өтөр буолбата Борис Ельцин кабинетыттан тахсан, килэйэн-халайан турар Георгиевскай саалаҕа мунньаҕы саҕалаата. Дуогабары ылыннарда. Онно үөрүүлээх быһыыга-майгыга илии баттааһын сиэрэ-туома буолбута. Дьэ ити курдук, Михаил Ефимович Саҥа Россия, Саҥа Саха сирэ саҥалыы сайдар суолларын-иистэрин арыйсыбыта.

1994 сыллаахха таһаҕас таһыытыгар өрөспүүбүлүкэҕэ судаарыстыбаннай көмө фондатыттан 1,1 млрд солк. көрүллүбүтэ эрээри, дойду хааһынатыгар харчы суох диэн сылтаҕыран, үбү биэрбэккэ олорбуттара. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ таһаҕас тиэйиитигэр куттал суоһаабыта. Михаил Ефимович үбүлээһин боппуруоһун быһаартараары үп миниистиригэр Дубиниҥҥа, Россия бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччытыгар Сосковецка сылдьыбыта даҕаны, сөптөөх быһаарыыны, дьаһалы ылбатахтара. Ол саҕана үп кризиһэ дириҥээн турара.

Онно эмиэ Михаил Ефимович харса суох быһаарыныыны ылыммыта. Тустаах боппуруоһу дойду Президенэ эрэ быһаарар балаһыанньата үөскээбитэ. Борис Ельцин Саратовскай уобаласка «Волжские утесы» диэн бырабыыталыстыба санаторийыгар сынньана сытара. Киниэхэ барар буоллубут. Михаил Ефимович Президент көмөлөһөөччүтүгэр Яровка биллэрдэ, Борис Николаевич приемнууругар көрдөстө. Наада буолар докумуоннары бэлэмнии охсон, киэһэ Саратовка көттүбүт. Сарсыҥҥы күнүгэр болдьоммут бириэмэҕэ Михаил Ефимович Борис Николаевич сытар палаататыгар көрсө барда. Чаастан ордук кэтэстим. Михаил Ефимович кэлэн баран, көрсүһүү туһунан астыммыт куолаһынан кэпсээтэ. Борис Николаевич тута Сосковецка төлөпүөннээн, көрүллүбүт үптэн 550 мөл. солк. (урукку харчынан) үс хонук уонна хаалбыт суумманы бэс ыйын иһинэн ыыттар диэн кытаанахтык сорудахтаабыт уонна сурукпутугар «О. Н. Сосковцу: проследить за договоренностью» диэн баран илии баттаабыт.
Михаил Ефимович ити курдук, өрөспүүбүлүкэ интэриэһин туһугар туохтан да толлубакка, Россия үрдүкү салайар уорганнарын кытта боппуруостары быһаарсара. Бу харса суох судургу ньыманан өрөспүүбүлүкэ тоҥмокко-хаппакка, аччыктаабакка кыстааһынын боппуруоһун быһааттаран турардаах.

Көнө, судургу майгылааҕа

— Михаил Ефимович киһи быһыытынан ханнык хаачыстыбаларын бэлиэтиэҥ этэй?

— Михаил Ефимович көнө, судургу майгылааҕа, сырдык санаалааҕа. Өс-саас тутар диэни билбэтэ. Мэлдьи кырдьык иһин туруулаһара. Норуотун историятын үөрэтэрэ. Чулуу дьонун өрө тутара, үйэтитэргэ кыһаллара.

А.Е. Кулаковскайы-Өксөкүлээх Өлөксөйү Саха норуотун духуобунай лидерэ диэн сыаналаабыта. Кини айымньыларын, үтүө аатын салгыы тилиннэрэргэ дьаһаллары ылбыта.

Революция иннинээҕи ыар олохтон норуоттарын төлө көтүппүт, саҥалыы социализм суолунан сайыннарбыт чулуу дьоммут ааттарын тилиннэрэргэ, үйэтитэргэ аналлаах Россия Президенин Борис Ельцин анал Ыйааҕын дьаныардаахтык туруорсан таһаартарбыта. М. Аммосов, П. Ойуунускай, И. Барахов, С. Аржаков үтүө ааттарын үйэтитэргэ дьаһаллары ылбыта. Кинилэр ааттарын-суолларын норуот киэн туттуута оҥорбута.

Олоҕун аргыһыгар Дора Никитичнаҕа, оҕолоругар Оляҕа, Таняҕа сиэннэригэр истиҥ сыһыаннааҕа. Олохторун, үөрэхтэрин, доруобуйаларын тустарыгар олус кыһаллара. Ити да иһин Михаил Ефимович дьиэ кэргэн уопсастыба сайдыытыгар оруолун үрдүктүк сыаналаатаҕа. Бу хайысханы анал судаарыстыбаннай политика оҥорбута. Россияҕа маҥнайгынан Ийэ уонна Аҕа күннэрин олохтообута.

Ыччакка холобур оҥостор наада

— Оттон салайааччы быһыытынан?

— Кини олох түгэннэрин таба көрөрө уонна сайдар суолу сөптөөхтүк тобулара. Бириинсиптээҕэ уонна ирдэбиллээҕэ. Дойду үрдүкү салалтатыгар туруорсар боппуруостарын хайаан да тиһэҕэр тиэрдэргэ дьулуһара.

Михаил Ефимович салайааччы быһыытынан кытаанах санаатын, хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ буспут-хаппыт уопутун, дириҥ өйүн-санаатын, толкуйун норуот олоҕун тупсарыыга туһулаабытын бииргэ үлэлээбит дьоно, норуот хаһаайыстыбатын бары салааларын салайааччылара үчүгэйдик билэбит.

Президенинэн үлэлиир кэмигэр өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар үтүмэн үтүөлээх, норуокка киэҥник биллэр-көстөр бэтэрээннэри бэйэтигэр чугастык туппута. Кинилэр ыллыктаах толкуйдарын, сүбэлэрин ылынара. Сүбэ-ама, өйөбүл буолбут дьонун ортотугар ытык дьоммут Софрон Данилов, Суорун Омоллоон, Георгий Башарин, Авксентий Мординов, Афанасий Осипов, Владимир Ларионов, Владимир Павлов, Егор Кычкин, Тарас Десяткин бааллара.
Кини салайар үлэҕэ дьоҕурун, ньымаларын аныгы ыччакка тириэрдэр, холобур оҥостор наада.

Үтүө ааты-суолу үйэтитиигэ этиилэр

— Климент Егорович, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, кинилиин төһө алтыһар этигитий уонна Сүдү киһибитин, өрөспүүбүлүкэбит бастакы Президенин Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ туох этиилэрдээххин?

— Мин бочуоттаах сынньалаҥҥа да тахсыбытым кэннэ сибээспитин быспатахпыт. Кини бэйэтигэр ыҥыран, сорох боппуруостарга санаабын истэрэ. Хомойуох иһин, кэлиҥҥи сылга кырдьыы мэһэйдээтэ. Табыллыбатым. Саамай хомойорум диэн, Михаил Ефимович курдук чаҕылхай киһи, чулуу салайааччы, норуот духуобунай лидерэ, саамай ытыктыыр, сүгүрүйэр киһим сырдык тыына быстыбытыгар, доруобуйам харгыстаан, тус бэйэм тиийэммин аһаҕас халлаан анныгар бырастыыласпатым. Ол эрээри, бу ыарахан сүтүктээх күннэрбитигэр, доруобуйам аматыйан, бэйэбэр мунньуммут Михаил Ефимович туһунан үтүө санаабын эттим, дьоҥҥо тириэртим.

Уһулуччу өйдөөх киһиттэн эрэ ураты салайар, тэрийэр дьоҕурдаах салайааччым, төрөөбүт Сахатын сирин норуоттарын интэриэһин, сайдар кэскилин туохтан да уһулуччу туппут, дьоно-сэргэтэ күннээҕи олоҕун, кэлэр кэскилин туһугар туох баар сыратын уурбут, дууһатын биэрбит саха норуотун чулуу уола Михаил Ефимович олорбут олоҕун, айбыт-туппут үлэтин туһунан историктар дьаныһан үөрэтэн өлбөт-сүппэт историческай докумуон оҥоруохтара, оскуолаҕа үөрэтиллэр учебниктарга киллэриэхтэрэ.

Кини аата-суола үйэтитиллиэ диэн эрэлбит улахан. Дьокуускайга улахан болуоссаттаах уулуссаҕа кини аата бэриллиэ, толору кээмэйдээх пааматынньык туруо, анал түмэл арыллыа, кини аатынан бириэмийэ, стипендия олохтонуо, Москваҕа бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ дьиэтигэр музей-кабинет, «Бэс Чагда» санаторийыгар кини аата иҥэриллиэ диэн эрэнэбит.

Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар, оройуннарыгар кини аатын үйэтиигэ эмиэ дьаһаллар наадалар.

Биллэн турар, Өктөмҥө Аччыгый академия киин базаларыгар музейнай комплекс кэҥэтиллэн тэриллэрэ наада. Михаил Ефимович Николаев Российскай Федерация саамай сабыдыаллаах политическай лидердэр ахсааннарыгар сылдьыбыта. Кини Россия таһымыгар элбэх идеялары, бырайыактары киллэрбитэ. Олортон эттэххэ, АЯМ тимир суолун тутуута өр сылларга тохтоон турбута. Михаил Ефимович күүстээх туруорсуутунан 1985 сылтан ыла тохтоон турбут Беркакит–Томмот–Дьокуускай тимир суол тутуута 1993 сылтан өрөспүүбүлкэ бюджетын суотугар саҕаламмыта. Кини Ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын иһинэн АЯМ магистралын тутуу министиэристибэтэ тэриллибитэ. 1996 сыллаахха Нерюнгри–Алдан тимир суол үлэҕэ киирбитэ.

Онон АЯМ биир вокзалыгар Михаил Николаев аатын иҥэрэр сөптөөх дии саныыбын. Итини Россия тимир суолга министиэристибэтэ өйүүрүгэр саарбахтаабаппын.

— Климент Егорович, түмүккэ тугу этиэҥ этэй?

— Кылгас интервьюга чулуу политическай, судаарыстыбаннай деятель, дьиҥнээх реформатор Михаил Николаев төрөөбүт норуотун иннигэр оҥорбут сүҥкэн үтүөтүн, үлэтин кыра лоскуйун эрэ сырдаттым.

Саха омук дьиҥ-чахчы чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ Михаил Ефимович Николаев норуот киэн туттуута буолар. Кини үтүө аата Саха сирин историятыгар хаһан да умнуллубаттык, бигэтик хаалыаҕа.

— Климент Егорович, олус диэн интэриэһинэй кэпсээниҥ иһин махтанабын.

Людмила НОГОВИЦЫНА

Ulus.Media сайтыттан

Климент Егорович Иванов 90-с сыллар туһунан:

Посты о М.Е.Николаеве в моем блоге:

VI Ленские встречи: «Геополитика востока. XXI век». 25 марта 2021 года

Соболезнования Первого Президента Республики Саха (Якутия)

Международная Циркумполярная экспедиция в мае 1994 года!

Роль Первого Президента РС (Я) М.Е.Николаева в развитии внешних связей Республики Саха (Якутия)

Михаил Николаев: Я благодарен своему народу.

Поздравление М.Е.Николаева с наступающим Новым 2021 Годом и Рождеством Христовым!

Выступление М.Е.Николаева на Круглом Столе Ил Тумэн РС (Я) по вопросам местного самоуправления

В день 99-летия Республики! Интервью Первого Президента Михаила Николаева!

Интервью Первого Президента Михаила Николаева в программе «Якутия.Live» НВК «Саха»!

Приветствие Первого Президента Республики Саха Михаила Николаева участникам Первых «Пахомовских чтений»

Выступление Первого Президента РС (Я) в День государственности 27 сентября 2021 года

«Три круга» Николаевских чтений 13 ноября 2021 года!

30 лет назад состоялась инаугурация Первого Президента РС (Я) М.Е.Николаева и республика получила название Республика Саха (Якутия)!

Поздравление М.Е. Николаева с наступающим Новым 2022 Годом

Министерству внешних связей РС (Я) — 30 лет!

Торжественное онлайн заседание коллегии Министерства по внешним связям и делам народов Республики Саха!

Спасение от засухи! О системе водоводов Республики Саха (Якутия)!

Первый президент Республики Саха (Якутия) Михаил Ефимович Николаев – созидатель новой Республики Саха (Якутия).

Статья М.Е.Николаева в книге «Алмазов якутских невидимые грани»

Новости 100-летия Республики Саха! 26 апреля 2022 года! Поздравления из КНР и Японии!

Өктөм нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылын туолбут өрөгөйдөөх үбүлүөйүн үөрүүлээхтик бэлиэтээтибит!

Это праздник со слезами на глазах… День Победы!

Неделя Первого Президента

Семейная экономика — наш ответ коронавирусу covid-19!

Национальная идея народосбережения — основа обращения Первого Президента РС(Я) М.Е.Николаева в марте 2020 года

Михаил Николаев: «Дойти до каждого человека!»

Александр Атласов Михаил Николаевы кытта көрүстэ

Сбывшийся прогноз «Aartyk.Ru»: Первый Президент Республики Саха поддержал Олега Иринеева!

Выступление М.Е.Николаева на Первом инвестиционном форуме долины «Эркээни»

Эркээни должна стать долиной опережающего развития!

Выступление Михаила Ефимовича Николаева на Августовском совещании

Выступление М.Е.Николаева на Торжественном заседании форума, посвящённого 25-летию Сети Президентских школ

Михаил Николаев: Мы должны войти в число 100 лучших школ России!

Хамаҕатта Саха-Французскай лицейыгар Билии Күнүгэр көрсүһүүлэр.

Республиканский День дарения родной школе в рамках 25-летия Сети школ первого президента РС(Я) М.Е. Николаева.

Михаил Николаев студентам СВФУ: «Развитие обязательно требует расширения, новых подходов и взглядов»

Победителей и призеров XXI молодежных Дельфийских Игр наградили в Якутии

Михаил Ефимович Николаев. Штрихи к портрету

Саха сирин аныгы реформатора

Скоро — новый номер журнала «Ханыл»!

Роль Михаила Николаева в развитии Якутии

Поздравления М.Е.Николаеву от Почетного гражданина Республики Саха!

Высокая планка Михаила Николаева 

Юбилейные мероприятия! Поздравления М.Е.Николаеву от соратников и друзей!

Академик Чугунов об исторической роли якутского народа

Санаа ситимэ

Николаевские чтения в АГАТУ собрали широкую географию участников

Михаил Николаев поблагодарил якутян за внимание

Соратники и единомышленники Первого Президента встретились в Николаев-центре

Михаил Николаев: В новом 2023 году будем жить и творить, не сдаваясь перед трудностями!

«Ленские встречи»: Навстречу 4-й промышленной революции!

В Якутске прошло торжественное заседание в честь присвоения Национальному центру медицины имени Михаила Николаева

«Якутия в глобальном мире» — Николаевские чтения 2016 года.

Первый Президент М.Е.Николаев поздравил работников медицины Республики Саха!

Ушел из жизни Первый Президент Республики Саха

Акция на площади Ленина, телеграмма В.Путина, обращение Ил Дархана, соболезнования, завтра состоится церемония прощания в Москве.

Соболезнование Президента Штырова В.А. Стихи о М.Е. Николаеве

СОҺУЙДУМ. ОЛУС ХОМОЙДУМ.

Публикации о М.Е. Николаеве в федеральной прессе

Сегодня 9 дней Михаила Ефимовича Николаева

Прощание и похороны Первого Президента…

Сегодня 9 дней Михаила Ефимовича Николаева

Образовательная концепция М.Е. Николаева «Пять китов образования»

СӨ Бастакы Президенын кытта тиһэх кэпсэтии

Мой сайт: https://nikbara.ru/ — блог о разных интересных событиях

Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/

Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara

Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287 — архив моих постов в Дневниках Якт.ру и новые посты о культурных событиях.

Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!

https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин

И на мои аккаунты в социальных сетях!

«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992

«В контакте» https://vk.com/nbaramygin

Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Этот сайт использует Akismet для борьбы со спамом. Узнайте, как обрабатываются ваши данные комментариев.